Чурапчыга хочуолунайы уунан «отуннулар»

Бөлөххө киир:

Аныгы технология тэтимнээхтик сайдар. Японияҕа тимир көлө уматыгын уунан солбуйбуттара ыраатта.Чурапчыга хочуолунайы уунан үлэлэтэргэ быһаарылыннылар.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

РФ үтүөлээх айааччыта уонна рационализотора Гамлет Аракелян айбыт технологиятынан, судургутук быһаарар буоллахха, ууну уматан итиини оҥоруохтара. Ол курдук, Аракелян Н2О-формулаттан водороднай уматыгы араарын ылар ньыманы айбыт.

Юрий Макаров, ОДьКХ ГУП Чурапчытааҕы филиалын дириэктэрэ:

Хочуолунайга анал уунан үлэлиир горелканы ый курдук боруобалаан көрөргө сананныбыт. Гамлет Аракелян бэйэтэ кэлэн, установканы таҥан туруоран, кулун тутар 1 күнүгэр үлэлэттибит. Судургутук быһаарар буоллахха, сиикэй ньиэби уонна ууну холбоон, водороднай уматыгы үөскэтэбит. Сүрүн техническэй ирдэбил быһыытынан, уу адьас ыраас буолуохтаах. Ол иһин, фильтр нөҥүө аһардабыт.

Өскөтүн, саҥа горелка тургутууну аастаҕына, ОДьКХ ГУП водород уматыгынан үлэлиир хочуолунайдары оҥорорго ылсыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0