Чурапчыга биир ойуур баһаара бэлиэтэннэ

Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 26 күнүн сарсыарда 08.00 чаастааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ биир ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ.

Ол курдук, Чурапчы улууһугар 34 га иэннээх сиргэ баһаар тахсыбыт. Баһаар бохсулунна эрээри, күүстээх тыалынан сибээстээн умуруорулла илик.  Ойуур баһаарын умулларыыга баһаарынай сулууспаттан 35 парашютнай-десантнай үлэһит, ойуур харыстабылыттан 13 үлэһит, ЫБММ биир үлэһитэ уонна 4 тиэхиньикэ кыттыыны ылла.

Бэлиэтээн эттэххэ, ойуур баһаарын сезона саҕаланыаҕыттан уопсайа 21 баһаар бэлиэтэммит. Уопсайа 201,8 га сири уот ылбыт.  Итинтэн кылгас кэм иһигэр 15 ойуур баһаара бохсулунна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0