Чурапчыга балыыһа комплексын иккис уочарата тутуллар

Бөлөххө киир:

Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев улуустарга доруобуйа харыстабылын сайдыытын саҥа түһүмэҕэ саҕаламмытын туһунан эппитэ. Ол курдук, 2021 сылга Саха сирин улуустарыгар 5 мэдиссиинискэй тэрилтэни тутуу тута  саҕаламмыта.

edersaas.ru

Чурапчыга балыыһа 10 күнүскү куойкалаах уонна 23 терапия куойкалаах, симиэнэҕэ 100 киһи сылдьар кыахтаах, хаһаайыстыбаннай блоктаах балыыһа иккис комплексын тутуу салҕанар.
Эбийиэк 2023 сылга үлэҕэ киллэриллэрэ былааннанар.
«Тутуу быйыл кулун тутартан саҕаламмыта. Үс ый иһигэр элбэх үлэ  барда. Билигин тутулла турар Б блокка цокольнай сабыылаах монолит билиитэ барыта уурулунна. 23 бөтүөн колонна туруорулунна. Эбийиэккэ 23 киһи үлэлиир, үлэ толору хаамыынан бара турар», -– диэн Чурапчы улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Артем Ксенофонтов иһитиннэрдэ.
Балыыһа комплексын иккис уочаратын тутарга үп «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звеонут модернизациялааһын эрэгийиэннээҕи бырагырааматын чэрчитинэн көрүлүннэ. 2021-2023 сылларга Саха сирэ доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматын олоххо киллэрэргэ 6,6 миллиард солкуобайы ылбыта.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0