Чурапчыга 700 сибииньэ оҕото атыыланна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһугар нэһилиэнньэ бэйэни хааччахтаныы эрэсиимигэр олорон,, аһынан хааччынарыгар көмө чэрчитинэн, араас миэрэлэр ылылаллар.

Ааспыт нэдиэлэҕэ «Чурапчы» ТХПК Чурапчы олохтоохторугар 700 сибиинньэ оҕотун атыылаата. Өрүс аһылыннаҕына, кэнники, киирбит сайаапкаларынан баҕалаах дьоҥҥо сибиинньэ оҕолорун эбии аҕалар былааннаахтар. Ону таһынан, өссө  биэс тыһыынча куурусса аҕалыллыахтаах.

Мындаҕаайыга олохтоох бааһынай хаһаайыстыба биир улахан бырайыагын киллэрэр былааннаах. Ол Амма эбэ үрдүгэр хортуоппуй үүннэриэҕэ. Бу кыбартыыраҕа олорор, оҕуруота суох дьоҥҥо, улахан туһаны аҕалыаҕа.

Чурапчы улууһун дьаһалтата быйыл нэһилиэнньэҕэ анаан, Новосибирскайтан 3 х 4 кээмэйдээх тэпилииссэлэри кууһунан атыылаһан аҕалыахтаах.  Ону таһынан, сир аһын хомуйууга грант көрүллүөхтээх.

Егор Карпов

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0