Нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтэр сыалтан Чурапчы улууһун дьаһалтата хас да хайысханан анал бырагырааманы олоххо киллэрэр.
Ол курдук былырыын пандемия саҕаланыаҕыттан «Дьиэҕэ олор — дьиэ кэргэн экэниэмикэтинэн дьарыктан» диэн бырайыактара өрөспүүбүлүкэҕэ улахан сэҥээриини ылбыта.
— Быйыл сааскыттан эмиэ бырайыакпыт салҕанан, өссө ситэн былааннанан таҕыста. Бу күннэргэ 400-тэн тахса сибиинньэни аҕалан түҥэттибит. Аны бу ый бүтүүтэ иккис баартыйа кэлэрэ былааннанар. Ыалларынан теплицаҕа сайаапка хомуйуута, дьиэ көтөрүн түҥэтии үлэтэ ыытылла турар, — диэн улуус баһылыга Андрей Ноговицын иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
Хаартыска: https://www.instagram.com/p/COSkRDUM_U6/
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1