Бэс ыйын 21 күнүгэр Чурапчыга онлайн-ыһыах ыытыллыаҕа

Бөлөххө киир:

Чурапчыга быйылгы Ыһыах Улуу Кыайыы 75 сылыгар уонна оройуоҥҥа Тыа хаһаайыстыбатын сылыгар ананан онлайн ыытыллыаҕа. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Маннык быһаарыныыны Роспотребнадзор, оройуоннааҕы балыыһа кылаабынай бырааһын уонна суһал штаб мэктиэлээһиннэрин кэнниттэн ылынылынна.

Бэс ыйын 15 күнүттэн улууска хааччахтааһын эрэсиимэ кыралаан «сымнаан» эрэр. Аны баһаары утары эрэсиим биллэрилиннэ.

Онлайн-ыһыахха алгыс сиэрэ-туома буолара, салалта эҕэрдэлиирэ, улуус бастыҥ үлэһиттэрин наҕараадалааһын былааннанар. Нэһилиэктэр баһылыктара эмиэ онлайн-эҕэрдэлэрин тиэрдиэхтэрэ.

Маны сэргэ бырааһынньыктааҕы теле-биэрии, социальнай ситимҥэ хаартысканан куонкурус, сүүйүүлээх оонньуулар,  ыытыллыахтара уонна улуустан төрүттээх биллэр дьон быһа эпииргэ тахсыахтара.

https://www.instagram.com/tv/CBcJHLhJrGc/?igshid=hykyyndck54o

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0