Мэҥэ-Хаҥалас улууһун киинигэр «Уран Майа» диэн соторутааҕыта тэриллибит уустар уонна иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин 6 киһилээх бөлөҕө Чурапчы уустарыгар ыалдьыттаан кэллибит.
edersaas.ru
Чурапчы улууһун айар талааннаах дьонун «Ай» диэн улуустааҕы култуура управлениетын иһинэн үлэлиир устуудьуйа түмэр. Манна үлэлиир икки киһи улуус 17 нэһилиэгэр барытыгар уустар уонна иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин үлэлэрин сүрүннүүллэрин кэрэхсээтибит.
Маны таһынан, Чурапчы сэлиэнньэтигэр «Арчы» дьиэтин иһинэн 13 араас куруһуок үлэлээбитэ уон сыл буолбут. Ааспыт сыл бүтүүтэ олохтоох дьаһалта үбүлээн, икки мэндиэмэннээх иккис дьиэ үлэҕэ киирэн, куруһуоктар үлэлиир усулуобуйалара лаппа тупсубут.
Кылынан-сиэлинэн 20-чэ киһи үлэлиир эбит, кинилэри Чурапчы улууһун норуотун маастара Варвара Бурнашова салайар. Варвара Гаврильевна биһигини бэрт эйэҕэстик көрсөн, суҥ сөрүөҕэ анаан ситиини хатары көрдөрөн үөрэттэ. Аҕыс далбар хотун куолаан улахан кыл панно оҥоро сылдьаллар.
Салгыы иккис мэндиэмэҥҥэ баар бэрт киэҥ-куоҥ хоско кыбытык тигиигэ күргүөмнээх үлэ бара турарын билистибит. Иистэнньэҥнэргэ аналлаах улахан остуол, истиэнэни тилэри ыскаап, дуоска, сиэркилэтигэр, өтүүгэр тиийэ — барыта саҥа уонна ситэри.
«Арчы» дьиэтин ис-бараанын маһынан кыһан, саха итэҕэлигэр сирдэтэн киэргэппит уус Иннокентий Адамов үлэлэрин сөҕө-хайгыы көрдүбүт.
Даҕатан эттэххэ, Чурапчы улууһугар өрөспүүбүлүкэ 28 маастара, норуот уус-уран оҥоһугун 48 маастара, 72 Чурапчы улууһун норуотун маастара баар.
Олортон биирдэстэрин Василий Попову-Бааха Ууһу кытта кини уһанар кыһатыгар тиийэн билистибит. Бааха Уус Мандар үөрэнээччитэ, кини бөлүһүөктүү көрүүтүн иҥэриммит. А.И.Кривошапкины-Айыҥаны кытта алтыһан, урууна суругунан үлүһүйэр, киэҥ эйгэлээх, сэргэх сэһэннээх, 43 эрэ сааһыгар сылдьар киһи буолан биэрдэ. Бааха Уус быһах охсон көрдөрдө, ол былаһын тухары кэпсээн-ипсээн ситимэ быстыбата. Кини тэрээһининэн бу күннэргэ урууна суруктаах көһөҥө таастар Чурапчы тоҕус томторун аайы ууруллубуттар. Бу уустан өйбүт-санаабыт ыыра кэҥээн, аны маһы ыллатар ууска Бүөтүр Толстоуховка тиийдибит.
Уус киһи олорор дьиэтэ ыраахтан сиэдэрэй оҥоһуулааҕынан бол5омтону тардан, дьэрэлийэн көһүннэ. Петр Петрович эмиэ 45 сааһыгар сылдьар, 5 кыыс оҕолооох, бэрт кэпсээннээх, турбут-олорбут уол оҕо аҕыс кырыылааҕа. Оҕо сылдьан уһанар дьарыкка сыстыбатах эбит. «Аҕам адьас уһаммат киһи этэ», — диир. Суоппар идэтин баһылаары, Одьулууҥҥа үөрэнэ сырыттаҕына хаһан да көрбөтөх, кини төрүү илигинэ олохтон туораабыт эһээлэрэ оҕонньотттор түүлүгэр киирэн, «уһан» диэн модьуйан, утуйар уутун көтүппүттэр. Эдэр киһи ыксаан, биир мастарыскыайы булан, үлэҕэ киириэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри маһы ыллатар уус буолан, үлэлии-хамсыы сылдьар эбит.
Удьуор уус уһанар дьиэтэ сабыс-саҥа, араас станога толору. Ып-ыраас маһынан оҥоһуллубут иһит ыскааба, олох мастар кэчигирээн тураллар. Петр Петрович сыллата үс-туөрт араас быыстапка-дьаарбаҥкаларга ыҥырыллан кыттар, дьонтон үлэх ылар эбит. Кини оҥорбут эҥинэ бэйэлээх сиэдэрэй миэбэлэ 18 тыһыынчаттан 300 тыһыынчаҕа диэри сыаналанан, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарынан тарҕанар буолбута ырааппыт.
«Майаттан кэлбит күндү ыалдьыттар» диэн алаадьылаах саламаатынан, хатан быырпаҕынан айах тутан, алгыһынан көрсүбүт «Арчы» дьиэтин салайааччытыгар, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр Надежда Заболоцкаяҕа, күнү быһа арыаллаан илдьэ сылдьан, биһиэхэ анаан кэрэхсэбиллээх күнү тэрийбит «Ай» устуудьуйа салайааччытыгар Сусанна Дьячковскаяҕа ис-сүрэхпититтэн махтанабыт. Кинилэр өйөбүллэринэн биһиги айар-уһанар баҕа санаанан туолан, истиҥ иэйиигэ куустаран, сэһэн-тэппэн бөҕө аргыстаах «бу чурапчылар курдук тапталлаах Майабытын ааттаппыт киһи» диэн эргиллэн кэллибит.
Кэрэхсэбиллээх, дириҥ ис хоһоонноох айаммытын тэрийбит Майабыт баһылыгар Дмитрий Тихоновка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Чурапчыга ыалдьыттаабыт Надежда Сергеева, Андрей Каратаев, Валентина Охлопкова, Наталья Аргунова, Айталина Федорова састааптаах бөлөҕү мин салайан илдьэ сырыттым.
Бу курдук Сомоҕолоһуу сылынан сибээстээн, ыаллыы улуустар уустара уонна иистэнньэҥнэрэ айар куттаах сырыыбытыттан олус элбэҕи биллибит. Биһиги Чурапчы уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын иистэнньэҥнэрэ уонна уустара «Итэҕэл» уонна «Иис-Уус» батсаап бөлөхтөрүнэн билсэбит. Онон бэйэ-бэйэбитин сирэй көрсөн, үлэ үөрүйэҕин атастаһан кэллибит.
Евдокия РЕШЕТНИКОВА,
Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Майа сэл.
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайтка анаан.