Чурапчы улууһун күннэринэн «Маарыкчаан ыччаттара» испэктээги көрдөрдүлэр
Дьокуускайга Чурапчы улууһун күннэринэн ситимнээн үгүс тэрээһин ыытылынна. Чурапчылар Саха тыйаатырыгар сылдьан, Семен Яковлев-Эрилик Эристиин арамаанынан «Маарыкчаан ыччатара» испэктээги астына-дуоһуйа көрдүлэр.
Бу туһунан Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев:
— Биһиги улууспут төрүттэммитэ 92 сылынан, Саха АССР 100 сылынан, улууспутугар Ийэ сирэ сыла биллэриллибитинэн улахан тэрээһиннэри ыыттыбыт. Тэрээһиммит биир чаҕылхай түмүгүнэн «Маарыкчаан ыччаттара» историческай айымньынан Сергей Потапов режиссердаах испэктээк буолла. Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги улууспутуттан төрүттээх, быйыл 130 сыллаах үбүлүөйдээх суруйааччыбыт Эрилик Эристииин арамаана аан бастаан маннык улахан сыанаҕа таҕыста.
“Маарыкчаан ыччаттара”. Үс сиэрийэлээх соцреалистическай этно-панк
Ульяна ЗАХАРОВА.