Чурапчы учууталлара Сэмэн Новгородовка киинэ усталлар

17.01.2017
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһун гимназиятын саха тылын учууталлара саха суругун-бичигин төрүттээбит бастакы лингвист учуонай, талааннаах педагог, уопсастыбаннай деятель Семен Андреевич Новгородов сырдык аатын үйэтитэр сыаллаах киинэ устан эрэллэр. Айар бөлөх киинэ сорох хартыыналарын Саҥа Дьыл иннинэ Санкт-Петербург куоракка баран устан кэллэ.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Билэргит курдук, Семен Новгородов 1913 с. 21 саастааҕар  Петроград судаарыстыбаннай университетын илиҥҥи тыллар факультеттарыгар  киирбитэ. Үөрэнэ сылдьан олоҕун аргыһын көрсөн, ыал буолбута. Онон Санкт-Петербург Семен Андреевич олоҕор биир ураты миэстэни ылар.

«Биһиги айар бөлөхпүт (продюсер Надежда Кузьмина, сценарист Алексей Амбросьев, режиссер, оператор Эдуард Новиков, телестудия салайааччыта Трофим Степанов уонна гимназия учууталлара Фекла Болдовская, Сардаана Гоголева) Семен Новгородов суолунан сылдьан, элбэх матырыйаал хомуйар сыаллаах-соруктаах Санкт-Петербурга баран кэллибит. Кини үөрэммит университетыгар сылдьан түүр тылларын үөрэтэр доценнары, филологическай наука кандидаттарын Алексей Пылевы уонна Маргарита Дубровинаны көрүстүбүт. Алексей Игоревич Семен Новгородов үөрэммит университетын үлэтин-хамнаһын, кини үөрэммит сылларын туһунан  документальнай матырыйааллары, чахчылары архыыптан хасыһан булан, биһиэхэ үгүс саҥаны, сонуну иһитиннэрдэ, көрдөрдө. Онон киинэбит олус интэриэһинэй буолуо диэн эрэннэрэбит», — диэн кэпсииллэр бырайыак ааптардара Сардаана Гоголева, Фекла Болдовская.

Санатан эттэххэ, Семен Новгородов Петроград судаарыстыбаннай университетыгар үөрэнэн, уопсай лингвистика теориятын, научнай-чинчийэр үлэ кистэлэҥнэрин баһылаан түүрдүү, монголлуу, тунгустуу, маньчжурдуу, кытайдыы саҥарара. Ону сэргэ, француз, немец тылын үөрэппитэ. Барыта холбоон 25 тылы үөрэппититтэн 11 тылынан көҥүл саҥарар, быһаарсар этэ.

«Университет преподавателлэрэ, устудьуоннара Семен Андреевич туһунан олус истиҥник ахталлар. Ол нөҥүө сахабыт тылын, биһигини олус убаастыыллара көстөр. Преподаватель Маргарита Эмильевна сахалыы саҥаран көрсүбүтүттэн олус соһуйдубут даҕаны, үөрдүбүт даҕаны. Кини түүр уонна монгол тылларын үөрэтэр устудьуоннарга саха тылын атын тыллары кытта тэҥнээн, лекция ааҕар эбит, — диэн бэлиэтиир Сардаана Гоголева.

Айар бөлөх Семен Новгородов Мария Павловна Фелициналыын билсибит сирдэринэн Нева өрүс кытылынан, Юсуповскай дыбарыаһынан, ыал буолан олорбут «Дом ученых» дьиэлэринэн сылдьан уһулан кэллэ. Интэриэһинэйэ баар, кыыстара Елена аҕатын туйаҕын хатаран, тыл үөрэхтээҕэ, учуонай, поэтесса, тылбаасчыт буолбута. Кини олоҕун, айар үлэтин эмиэ Санкт-Петербург куоракка атаарбыта, айар бөлөх Елена Семеновна үөрэммит университетыгар сылдьан эбии матырыйаал хомуйан кэллэ.

Онон киинэ матырыйаала барыта уһуллан бүттэ. Бу иннинэ айар бөлөх Чурапчынан, Дьокуускай куоратынан сылдьан хартыыналары устубута. Документальнай киинэни Чурапчы улууһун гимназията, Чурапчы улууһун дьаһалтата, үөрэҕин управлениета көҕүлээн Семен Новгородов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан уһулла. Билигин үбүлээһинэ эрэ кыалыннар (киинэ тахсарыгар 500 тыһ. солк. наада) киэҥ араҥаҕа тахсыахтаах.

Аграфена Кузьмина, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0