Чурапчы оройуонун 90 сыла. Култуура устуоруйатыттан.

04.04.2020
Бөлөххө киир:

 Чурапчы оройуона төрүттэммитэ 90 сылынан, улууспут култууратын устуоруйатыттан.


Бастакы кулууптар 

Улуус култууратын сайдыыта оройуон сайдыытын устуоруйатын кытта сибээстээх. Оройуон төрүттэниэҕиттэн нэһилиэнньэ ортотугар култуурунай-сырдатар, полит-сырдатар үлэлэр тохтоло суох ыытыллан барбыттара. Аан бастаан оройуон сэбиэтэ култуурунай-сырдатар  үлэни салайара. Оройуоннааҕы Култуура дьиэтэ 1935 сылтан үлэлиир, 250 миэстэлээх эбит. Ити сыл оройуоҥҥа 2 кулууп баар буолбут. Мээндийэҕэ 1936 сыллаахха ааҕар балаҕан, саҥа кулууп тутуллубут. 1945 сыллаахха Хайахсыкка Пушкин аатынан холкуос кэнсэлээрийэтин көтүрэн аҕалан, илии күүһүнэн, хаптаһыннарын эмиэ илиинэн эрбээн, бастакы кулууптарын туппуттар. Оччолорго  холкуос  бэрэссэдээтэлинэн Афанасий Захарович Лукин үлэлээбит. Кулууп бастакы сэбиэдиссэйэ Иван Николаевич Марков эбит. 1942 с. холкуостары хоту көһөртөөбүттэрин кэннэ, Мээндийэ кулуубун Чурапчыга көһөрөн аҕалан, остолобуой оҥостубуттар. Онон Мээндийэҕэ кулуубу иккистээн 1949 с. эт илиилэринэн туппуттар. 1947 с. Чакырга С. Яковлев колхуос киинигэр Эбэҕэ В.В. Кузьмин-Малахта салалтатынан кулууп үлэҕэ киирбит. Кулууп сэбиэдиссэйинэн култуурунай-сырдатар оскуоланы бүтэрбит Эдуард Иванович Монастырев анаммыт. Ол сылларга үлэ балачча сэргэхсийбит. Кини кэнниттэн Василий Николаевич Гурьев, Илья Сизоевич Егоров, Ульяна Федоровна Сидорова үлэлээбиттэр. Биһиги билэрбитинэн култуура салаатын бастакы салайбыт киһинэн Егор Алексеевич Макаров буолар.

Кини 1945 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 1948 сыл олунньу 25 күнүгэр диэри үлэлээбит.  Киниэхэ 1946 с. ахсынньыттан 1953 с. от ыйын 10 күнүгэр диэри культпросвет отделга  култуурунай-сырдатар оскуоланы бүтэрбит анал үөрэхтээх  Павел Прокопьевич Посельскай ананан үлэлээн ааспыт.

1949-1950 сс.култуура отделын сэбиэдиссэйинэн  Павел Перфирьевич Данилов диэн Таатта киһитэ  ананан үлэлээбит. Доруобуйатын туругунан, кинини П.П. Посельскай солбуйан хаалбыт. П.П. Данилов 1953-1957 сс. култуура салаатын иниспиэктэрэ.  1957 сыллаахха оройуоннааҕы Култуура дьиэтин дириэктэринэн анаммыт.

1953 -1957 сс. кулун тутарга диэри Чурапчыга култуура отделын сэбиэдиссэйинэн Алексей Афанасьевич Алексеев диэн эдэр исписэлиис, Уус Алдан киһитэ ананан,  үлэлээбит. Кэргэнэ В.Л. Мордовская оройуоннааҕы бибилэтиэкэҕэ үлэлээбит.

1953 с. оройуоҥҥа 15 тыа сирин кулууба уонна оройуоннааҕы мусуой бааллар эбит. Култуура, бибилэтиэкэ тэрилтэлэригэр 1 ситэтэ суох үрдүк, 2 орто, 2 ситэтэ суох орто, 11 начаалынай үөрэхтээх барыта 50 киһи үлэлээбит. РДК-ҕа сыл устата 30 лиэксийэ, дакылаат ааҕыллан, 2856 киһи хабыллыбыт. Самодеятельность күүһүнэн 22 кэнсиэр ыытыллан,  3551 көрөөччү сылдьыбыт. Агитбиригээдэнэн 4 нэһилиэккэ сылдьан, 763 киһини хаппыттар. Оройуон үрдүнэн 18 тыа кулууптарынан, ааҕар балаҕаннарынан 450 дакылаат, 367 лиэксийэ ааҕыытыгар 23287 киһи сылдьыбыт. 18 кулууптан Александра Егоровна Оконешникова сэбиэдиссэйдээх Мугудайдар бастыҥ үлэлээҕинэн ааҕыллыбыттар. Ити сыл Хайахсыкка Афанасий Васильевич Тимофеев үлэлиир кулууба балачча тэрээһиннээхтик үлэлээбитэ ахтыллар. Кыраайы үөрэтэр мусуой 1533 экспонаттаах, 529 көмө матырыйааллаах эбит. Барыта 19 экскурсияны тэрийэн, 625 киһини сырытыннарбыттар, 19 араас бэсиэдэни оҥорбуттар. Одьулууҥҥа нэһилиэк күүһүнэн 1953 с. кулууп үлэҕэ киирбит. Сэбиэдиссэйинэн Егор Егорович Сибиряков үлэлээбит. Арыылаахха таҥара дьиэтигэр кулуубу үлэлэппиттэр. Сэбиэдиссэйинэн Андрей Дмитриевич Каженкин анаммыт. Кини кэнниттэн сэрии бэтэрээнэ Иван Иннокентьевич Захаров, онтон Мария Егоровна Беляева үлэлээбиттэр.

Мусукаалынай оскуолалар

1957 сылтан култуура салаата уонна кинофикация холбоһоннор, туспа отдел буоланнар,  райком сэкирэтээрэ Степан Николаевич Ноговицын этиитинэн,  райком бюрота бигэргэтэн, култуура отделын сэбиэдиссэйинэн  Алексей Алексеевич Шадрин, Дириҥ детдомугар иитээччинэн үлэлии сылдьан, кэлэр. Бухгалтерынан Иннокентий Дмитриевич Егоров, кинофикацияҕа Егор Михайлович Гуляев ананан үлэлээбиттэр. А.А. Шадрин үлэлиир сылыгар Профсоюзтар 50 сыллара, Саха сирэ нуучча судаарыстыбатыгар киирбитэ 325 сыла, өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы Ыччат бэстибээлэ уо.д.а. үгүс дьаһаллар ыытыллыбыттар.

Ити сыл Чурапчылар Москва куорат дэлэгээссийэтин көрсүбүттэр. Дэлэгээссийэни ССКП обкомун сэкирэтээрэ С.З. Борисов уонна КК отделын сэбиэдиссэйэ, икки генерал арыаллаабыттар. Култуура министиэристибэтигэр солбуйар миниистиринэн Андрей Данилович Макаров үлэлиир эбит. Кини көмөтүнэн бу 1957  сыл оройуоҥҥа мусукаалынай оскуоланы аһыы буолбут. 1958 сылтан райком үлэһиттэрэ олорор уопсай дьиэлэрин босхолоон, мусукаалынай оскуолаҕа биэрбиттэр. Маҥнайгы сылыгар фортепиано уонна скрипка кылаастара аһыллыбыттар. Оскуола маҥнайгы дириэктэринэн А.Д.Щукина, скрипкаҕа Т.А.Мусатова, А.М.Колосова диэн киин уобаластартан  консерватория үөрэхтээх исписэлиистэр кэлэн үлэлээбиттэр. Онтон 1959 сылтан, мусукаалынай училищены бүтэрэн Андрей Петрович Гоголев дириэктэринэн ананан кэлэн, баян кылааһа аһыллыбыт. Кэлин Дария Дьячковская  уонна Раиса Данилова кэлбиттэр. Ону таһынан Иван Афанасьевич Бубякин, Эдуард Левин үлэлээбиттэр. 1959 с. Мугудайга  холкуос бэрэссэдээтэлэ оройуоҥҥа бастакы типовой кулуубу туттарбыт. Ити үчүгэй саҕалааһыны өйөөһүҥҥэ райком бюротун уурааҕын таһаартарбыттар. Ордук бу боппуруоһу райком II сэкирэтээрэ Василий Егорович Дьячковскай-II өйөөбүтэ. Ити сылларга саҥа кулууптары тутуу холкуостарга үгэннээн барбыта. Сылаҥҥа 1959 с. Старостин Евстафий Петрович, Хатылыга 1959 с. Ефимов Гаврил Дмитриевич, Одьулууҥҥа 1958 с. Тоскин Тимофей  Гаврильевич, 1959 с. Болугурга Ленин аатынан холкуос көҕүлээһиннэринэн кулууптары  туттарбыттара. Сэбиэдиссэйинэн Болугурга Егор Семенович Дьячковскай анаммыт. Бары кулууптарга саҥа ирдэбил быһыытынан туспа кинобудкалар тутуллубуттар. Бибилитиэкэлэр кулууптарга анал хос ыланнар, фондаларын киллэрбиттэр.

Үлэлэригэр бэриниилээх үлэһиттэр бааллара. Ол курдук, оройуон киинигэр – Данилов Павел Перфирьевич, Кривошапкин Николай Христофорович, Сылаҥҥа — Новгородов Егор Николаевич, Макарова Розалия Егоровна, Чыаппараҕа — Федотов Иван Афанасьевич, Мындаҕаайыга — Дьячковскай Егор Семенович, Чакырга — Титов Василий Гаврильевич, Хадаарга — Осипов Василий Константинович, уо.д.а.

Бибилэтиэкэлэр

Библиотечнай үлэҕэ ити сылларга фонданы бэрээдэктээһин, картотеканы киллэрии саҕаламмыт. Оройуоннааҕы бибилэтиэкэ дьиэтэ суох буолан уонна оҕо бибилэтиэкэтэ туһунан оройуоннай бибилэтиэкэ буоларынан, Мурун Тыымпыйаттан эргэ бэкээринэ дьиэтин көһөрөн киллэрэн туппуттар. Кэлин детсад дьиэтэ буолбута. Саҥа анал үөрэхтээх бибилэтиэкэрдэр кэлбиттэрэ. Аммосова Парасковья Михайловна, Аманатова Мария Петровна, Пермякова М.И. Киинэ үлэтэ култуура дьиэлэринэн салаллар буолбута. Киинэмеханиктар кулууп үлэтигэр бииргэ үлэлииллэрэ. Киинэ үлэтигэр солбуйааччыларынан Гуляев Егор Михайлович, Кондратьев Николай Петрович үлэлээбиттэрэ. Кэлбит киинэлэри бэрибиэркэлээн баран тыаларга ыыталлара, өрөмүөннүүллэрэ. Онно маастарынан Картузов Алексей Дмитриевич өр үлэлээбитэ. Киинэмеханиктарынан уһуннук үлэлээбиттэрэ: Макаров Алексей Трофимович, Борисов Семен Семенович, Дьячковская Екатерина Еремеевна, Максимов Илья Петрович, Ноев Дмитрий Дмитриевич, Харитонов Егор Петрович, Михайлов Василий Петрович уо.д.а. Култуурунай-сырдатар үлэни ыытыыга анал үөрэхтээх, уопуттаах Потапов Дмитрий  Семенович иниспиэктэр быһыытынан анаммыта. Кулууптарга худрук, мусукаан суохтарын кэриэтэ этэ. Онон, мусукаалынай оскуола базатыгар икки сылы субуруччу баянистар курстарын ыыппыттар. Оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр Эдуард Левин салалтатынан духовой оркестр куруһуога үлэлээбит. Кини киин уобаластан кэлэн, үгүс ыччаты үөрэппит. Духовой оркестр бары инструменнарыгар, баяҥҥа, фортепианоҕа барытыгар дэгиттэр үчүгэйдик оонньуур исписэлиис эбит. Үгүс үлэни Заболоцкай Николай  Федорович ыыппыт. Кини ырыаһыт да, баянист да эбит уонна тылынан сурунаал эрэдээктэринэн айымньылаахтык үлэлээбит. Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл кэнниттэн сыллата оройуоҥҥа нэһилиэктэринэн уус-уран самодеятельность көрүүтүн ыытыыны үгэскэ кубулуппуттар. Аҥардас кэнсиэр, пьеса эрэ туруоруута буолбакка, үлэ саҥа көрүҥнэрин киллэрии, бибилэтиэкэҕэ, киинэҕэ сылдьыы кытта аахсыллар буолбут. Маасса киэҥ араҥатын хабарга дьулуһуу күүһүрбүт.

Айар  түмсүүлэр

Култуура үлэтигэр үгүс саҥаны, улахан көмөнү олохтоох айар түмсүү оҥорбут. Манна суруйааччылар Федосеев И.Е-Доосо, М.Ф.Доҕордуурап, Бродников А.С. тус бэйэлэринэн салайан үлэлэппиттэр. Ыччаттарга суруйуунан дьарыктанааччыларга сүбэ-ама биэрэллэрэ. Бу сыл сабыылаах күрэскэ МТС мелиоратора Василий Яковлев кыттан, 1-кы бириэмийэни ылан, онтон кынаттанан суруйааччы буолбута. Дмитрий Дыдаев, инбэлиит Дмитрий Васильев айымньыларын көрөн, көннөрөн, улахан суолга таһаарбыттара. Иван Бубякин маҥнайгы мелодияларын Чурапчыга айбыта. Семен Кривошапкин, Григорий Кузьмин уонна да атыттар бастакы хоһоонноро суруллубуттара. Оскуола кэнниттэн производствоҕа тахсыы хамсааһына, хаалыылаах производствоҕа Валентина Гаганова бачыымынан тахсыы, кукурузаны ыһыы, куруолугу, куһу-хааһы иитии, холкуостарга МТС техникаларын биэрии, кырыс уонна оһорбо сирдэри туһаҕа таһаарыы, онтон да атын олус баай сабыытыйалаах сэбиэскэй норуот олоҕун биир кэрдиис кэмэ этэ диэн А.А.Шадрин бэйэтин ахтыытыгар суруйан, култуура устуоруйатыгар  үлэлээбит сылларын кэпсээбитэ  “Тыа сирин культурата: Чурапчы улууһа” кинигэбэр 2004 с. үйэ саас үйэтитиллибитэ.

А.А.Шадрин 1959 с. Москваҕа икки ыйдаах кууруска үөрэнэн кэлбитэ. 1961 с. оройуоҥҥа икки холкуос тэриллэринэн, партия ХХII сьеһин аатынан холкуоска бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччынан таһаарар бюроларыгар А.А.Шадрин култуураҕа үлэтин үрдүктүк сыаналаабыттара. ”Ордук үлэ саҥа формаларын сайыннарыы, кулууптар материальнай базаларын бөҕөргөтүү, култуурунай-сырдатар үлэҕэ, мусуойга уонна Мусукаалынай оскуолаҕа каадырдары булууга, иитиигэ үлэ барбытын ыйбыттара”.

Дьэ, ити курдук, сылтан сылы кээрэтэн, култуура үлэтэ оройуон салалтатын тэрийэр-салайар бары үлэтигэр  төһүү күүс буолан кэлбитэ.

           Мария ГЕРАСИМОВА,

култуура управлениетын фольклорга

уонна култуурунай нэһилиэстибэҕэ

 салаатын  үлэһитэ.

Чурапчы.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0