Чурапчы кыыһа саха тылын харыстааһыҥҥа дьоһун үлэни саҕалаата
Соторутааҕыта мөлүйүөнтэн тахса ааҕааччылаах дойду биир бөдөҥ эрэдээксийэтин “Аргументы и факты” хаһыатыгар “Когда язык уязвим. Якутянка создала стартап по сохранению диалектов” диэн улахан суруналыыс Виктория Алексеева суруйуута тахсыбыта.
edersaas.ru, Семен Жендринскэй
Ол саха кыыһа Чурапчы улууһун биир мааны дьиэ кэргэнэ Гаврил Гаврильевич уонна Татьяна Ивановна Владимировтар улахан кыыстара, Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын кыһыл көмүс мэтээлинэн түмүктээбит, билигин Новосибирскайдааҕы государственнай техническэй университеты бүтэрбит Алина Владимирова.
Кэпсэтиибит саҕаланыытыгар: “Киһи төрөөбүт тылын, хантан төрүттээҕин, сыдьааннарын умуннаҕына, кини инникитин сайдыа дуо? Ол барыта, биллэн туран, бэйэтиттэн тутулуктаах. Холобура, хас биирдии киһини, үүнэн турар мастары кытары тэҥнээн көрдөххө, маспыт барыта силистээх, ол онтон тутуллан турар, кыратык даҕаны ол силиһин бааһыртаххына ити мас кэхтэн барар. Дьоҥҥо эмиэ оннук, өбүгэлэрбитин, төрөөбүт тылбытын ханна да сырыттарбыт өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт”, – диэн Алина бэрт дуоспуруннаахтык кэпсээнин саҕалаата.
– Маҥнай Иван Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар 9 кылааска диэри үөрэнэр сылларбар кылаас салайааччыбыт Павлина Артемовна Матвеева этэ, саха тылын уруогар Сардаана Дмитриевна Платонова үөрэппитэ. Ол кэнниттэн 10-11 кылаастарга Чурапчы гимназиятыгар кылаас салайааччым Ирина Саввична Соловьева буолар, саха тылын уонна литэрэтиирэ уруогар Фекла Николаевна Болдовская үөрэнээччитэ буолабын. Кинилэргэ үөрэммитим, улахан да куоракка тиийэн баран син биир туһалыыр, хайдах үөрэммитин хайаатар даҕаны көстөн кэлэр эбит. Онон учууталларбар махталым муҥура суох.
ТЫЛЫ ХАРЫСТААҺЫҤҤА БИЛИҤҤИ ОЛОХПУТУГАР ТОҔООСТООХ АНАЛ СЫҺЫАРЫЫНЫ ТОРУМНААҺЫН
– Саха сириттэн тэйиччи сылдьан дойдугун олус ахтар-саныыр эбиккин, мэлдьи бэйэтигэр тардар, ыҥырар ураты күүстээҕин бэйэм эппинэн-хааммынан биллим. Новосибирск куоракка 4 сыл үөрэнним, ол онно “Саха-НСК” диэн сахалар түмсүүлээхпит, кураторбыт Галина Денисова буолар, бэрэссэдээтэлинэн Елена Избекова үлэлиир. Ити түмсүүгэ үөрэнэр кэмнэрбэр чилиэнинэн, казначей дуоһунаһыгар сылдьыбытым. Ыам ыйыгар “Сибирский ысыах Дружбы” диэн улахан тэрээһиннээхпит. Анараа барыта нууччалыы тылынан буолан саха тылын суохтуугун. Ол иһин иккис кууруска үөрэнэ сылдьан, бэйэм саҥалыы тыыны киллэрэр инниттэн саха тылыгар аналлаах “Lingua Bear” сыһыарыы толкуйдуурга санаммытым. Кэлин үөрэтэн учууталбын кытары сүбэлэһэн баран, тиэмэбитин улаатыннаран РФ сүтэн эрэр тылларыгар киирсэр халыыпка киллэриэххэ диэн буолбуппут. Оттон былырыын күһүн инновация пуондата кыттыгастаах “Умник” диэн ааттаах куонкуруска Дьокуускай куоракка кэлэн граҥҥа кыттыыны ылбытым, бырайыагым туһунан кэпсээн бүтэһик түһүмэххэ киирбитим.
СЫҺЫАРЫЫ ТУЛА ҮЛЭЛЭР
– Билигин контент хомуйабыт, о.э. тыл үөрэхтээхтэрин (лингвистэри), программистары итиэннэ бииргэ үлэлэһиэн баҕалаах дьону көрдүүбүт, биирдиилээн сыыйа-баайы биллэн иһэллэриттэн үөрэбит. Кинилэри барыларын бииргэ мунньан, уопсай хамаанда оҥорон сыһыарыыбыт олоххо киириэҕэр диэри үлэлэһиэхтээхпит. Сыһыарыы бары бэркэ билэр плеймаркеппыт (Plаy Market) уонна айстор (iSTORE) нөҥүө үлэлиир буолар. Уопсайа 13 түһүмэхтээх буолуоҕа, сыһыарыыга бэлиэтээһини ааһаҕын, ол кэнниттэн тута киирээт саха тылын уопсай сылабаарын (словарь) уонна тылбаасчыт (переводчик) түһүмэхтэрин көрүөххэ сөп. Тылы сайыннарыыга (үтүктэн саҥарарга) аудио куурустар, салгыы сайыннаран истэхпит аайытын субтитрдаах киинэлэри, сахалыы остуоруйалары, мультиктары киллэриэхпит. Сахалыы сурук быраабылалара, онно сорудахтар киириэхтэрэ. Холобура, тылга ханнык эрэ буукуба көппүт, ол онно сөптөөх буукубаны туруоран биэр. Голосовой иһитиннэриигэр, холобура, Ийэ диир, ортоку буукубатыгар ханнык буукуба сурулларын туруоран биэр диэн буолуоҕун сөп. Онтон сүрүн түһүмэх саха култууратын, норуотун туһунан буолуоҕа. Итиннэ төрүт үгэспит бэлиэ чыыһылалара, кэрэ, харыстанар сирдэрбит ханна сыталлара ыйыллыаҕа.
— Маннык көстүү атын омуктарга баар дуо?
– Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр онлайн-словарь “Саха тыла” уонна “Центр обучения якутского языка” диэннэр бааллар. Ол онно оскуолаҕа курдук тиийэҥҥин үөрэнэҕин, ыйдааҕы төлөбүрдэрэ 4 000 солкуобай эбит. Онлайн-словарь сыһыарыыга көннөрү тыллар тылбаастара эрэ баар. Оттон Арассыыйаҕа “Амисхаал” диэн бүрээт омуктар оҥостубут сыһыарыылара баар, кэпсэтии тыллара, словарь баарын бэлиэтии көрбүппүт. Итиэннэ тувинецтарга тыллары тылбаастааһын эрэ баара. НГТУ үөрэҕим саайтыгар ыстатыйам тахсыбытын кэнниттэн, Тюмень уобалаһыгар Сибиир татаардара Сыбыри диэннэр олороллор эбит, кинилэртэн биир уол сибээскэ тахсан, бэйэлэрин тыллара сүтэн эрэрин биллэрэн, мин сыһыарыыбар киллэрэн кыттыһыахтарын баҕаралларын биллэрбитэ.
Онон биһиги бэйэбит кыыспыт – Алина Владимирова бэйэтин бизнес идеятын дипломнай үлэ быһыытынан чаҕылхайдык көмүскээн үлэтин үгэнигэр сылдьар. Стартап, биллэн туран, эбии контеннарга, үбүлээһини (инвестицияны) эрэйэр. Ол эрээри Алина санаата бөҕөх, сыалбын хайаатар даҕаны ситиһиэм диир. Инньэ гынан ити сыһыарыы сахалыы тылынан пилотнай саҕалааһына кэлэр сылга олоххо киирэрэ эрэйиллэр.
Семен ЖЕНДРИНСКЭЙ,
«Саҥа олох» хаһыат