Лоп курдук 50 сыл анараа өттүгэр, 1969 сыл ахсынньы саҥатыгар, улуус киинигэр Чурапчы сэлиэнньэтигэр 50 миэстэлээх оҕо саада үлэҕэ киирбитэ. Кэлин “Кэскил” диэн кэрэ ааттаах уһуйаан буолбута.
edersaas.ru
Оттон оччолорго, үйэ аҥаарын нөҥүө өттүгэр, бу, улуус киинин биир саамай көстүүлээх сиригэр, Куохара үрэх үрдүгэр, билигин 1-кы уонна 2-с кыбартааллар икки ардыларыгар турар бастакы улахан детсаад норуокка “деткомбинат” диэн аатынан биллибитэ. Уһуйаан бастакы сэбиэдиссэйинэн Федот Алексеевич Константинов үлэлээбитэ.
Бу 50 сыл устата уһуйаан төһөлөөх элбэх оҕону иитэн-үөрэтэн, бэлэмнээн, оскуолаҕа атаарбытын ааҕан сиппэккин!
2002 сылтан “Кэскил” уһуйаан сэбиэдиссэйинэн СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Анастасия Афанасьевна Григорьева үлэлиир. Кини салайар кэмигэр, бу 17 сыл иһигэр, “Кэскил” оҕо саада федеральнай инновационнай былаһаакка статустанна, Арассыыйаҕа “Сыл бастыҥ уһуйаана”, сэбиэдиссэй А.А.Григорьева “Сыл бастыҥ салайааччыта” ааты ыллылар. Бэйэтин инновационнай үлэтинэн, уһуйаан икки төгүл Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин анал Гранын ылары ситистэ.
2013, 2017, 2019 сылларга “Кэскил” Оҕону сайыннарар киин иитээччилэрэ Николай Дьячковскай, Наталья Нектегаева, Нюрбина Слепцова өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл бастыҥ иитээччитэ” куонкурус лауреатынан уонна дипломаннарынан буолбуттарынан түмсүүлээх кэлэктиип киэн туттуон туттар. Манна барытыгар, биллэн турар, 39-с сыл салайар үлэҕэ уопуттаах уһуйаан сэбиэдиссэйэ Анастасия Афанасьевна уонна өр сыл методиһынан үлэлиир СӨ үөрэҕириитин туйгуна Анна Шарина оруоллара улахан.
Кэлэктиип 3 куорпуһунан, 6 бөлөҕүнэн, 3 сааһыттан 7-гэр диэри 135 оҕону хабан, иитэр-сайыннарар үлэни ситиһиилээхтик ыытар.
Уһуйаан инновационнай үлэтэ өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымыгар тахсыытыгар күүс-көмө буолбут дьонунан методист, этнопедагог, улууска биир бастакы анал үрдүк үөрэхтээх, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Галина Николаевна Дьячковская уонна өр сылларга уһуйаан научнай үлэҕэ сүбэһитэ, педагогическай наука кандидата, доцен Ольга Иннокентьевна Михалева буолаллар.
“Мохсоҕол”
үрдүккэ дьулуһар
“Кэскил” уһуйаан көҕүлээн, тэрийэн, улуус оҕо саадтарын улахан бөлөхтөрүн уолаттарыгар анаан ыытар “Мохсоҕол” куонкуруһун интэриэһиргээн, өйөөн, улуустааҕы “Саҥа олох” хаһыат бу 12 сыл устата мэлдьи сырдатан кэлбитэ, “Маарыкчаан” олохтоох телестудия биэриини бэлэмнээн, сыллата өрөспүүбүлүкэҕэ таһаарбыта олус хайҕаллаах, махталлаах. Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар “Мохсоҕол” туһунан эмиэ суруллар. Бу соторутааҕыта СӨ Ил Дархана Айсен Николаев “Биһиги – Арассыыйа кэскилэбит!” бырайыак туһунан” ыйааҕа тахсыбытын бары билэбит. Оттон “Кэскил” уһуйаан оҕону патриотическай иитиигэ тулхадыйбат, ситимнээх үлэни ыытарын, бу 12 сыл анараа өттүгэр саҕалаабыт “Мохсоҕол” куонкуруһа даҕаны ырылхайдык туоһулуур.
— “Мохсоҕол” куонкуруспутугар улуус уһуйааннарын улахан уолаттара кытталлар.
Чөмчүүк саастаах уол оҕону төрөөбүт төрүт буоругар сыһыаран иитии, эр киһилии майгыны олохсутуу – патриотическай тыыҥҥа иитии хайысха сүрүн ис хоһооно буолар. Уол оҕо кыра эрдэҕиттэн хорсун санаалаах, быһаарыныылаах, эппиэтинэстээх, көмүскэс, Ийэ дойдутугар бэриниилээх буола улаатарыгар, «Мохсоҕол» байыаннай-спортивнай оонньуу сабыдыала улахана саарбаҕа суох.
Оҕо хамаанда тыыныгар уһуйуллар. Биир киһи курдук түмсүүлээх буолууну, хамаанда күүһүн-кыаҕын өйдүү улаатар. Кыра сааһыттан Ийэ дойдутун таптыырга, киэн туттарга иитиллэр. Хас биирдии хамаанда бэйэтэ дэбиистээх, ырыалаах буолар, ону бастакы түһүмэхтэн – эҕэрдэттэн саҕалаан, оҕолор бука бары олус дьоһуннаахтык көрдөрөллөр.
Сыл ахсын олунньуга эр дьон-педагогтар өрөспүүбүлүкэтээҕи форумнара ыытыллар. Быйыл түмсүү кыттыылаахтара – 35 эр киһи-педагог “Мохсоҕол” күрэхтэһиини көрө, уопут ылына биһиэхэ анаан-минээн кэлэ сырыттылар, — диир уһуйаан сэбиэдиссэйэ.
Оттон олоҥхоҕо “Кэскил” уһуйаан иитиллээччитэ, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар, бэстибээллэр лауреаттара, быйыл 1-кы кылаас үөрэнээччитэ Туйгууна Павлова саха биллиилээх олоҥхоһута Иннокентий Теплоухов-Тимофеев төрөөбүтэ 150 сылын көрсө саас муус устарга ыытыллыбыт улуустааҕы “Күн сардаҥалара” куонкуруска Гран-при буолан үөртэ.
Оҕолорбут – эрэлбит!
Анастасия Афанасьевна уопуттаах салайааччы буоларын кэлэктиибин ситиһиилэрин таһынан, уопсастыбанньык буолара, олоххо көхтөөх позициялааҕа эмиэ туоһулууллар. Өр сыл комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээринэн, нэһилиэк дьокутаатынан, сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Сэбиэдиссэйи көрсөн, уһуйаанын туһунан кэпсии түһэригэр көрдөстүм.
— Биһиги уһуйааммыт атыттартан уратыта — оҕону аһаҕас эйгэҕэ сырытыннаран, кини бэйэтин баҕатынан сатабылын сайыннарарга кыах биэрии буолар. Хас биирдии иитээччи, педагог эйгэ тэринэн, оҕолору дьарыктыыр. Холобур, ыллыан баҕалаах оҕоҕо “Күөрэгэй”, үҥкүүлүүргэ “Үрүмэччи”, уһанарга, мэһийэргэ “Туойа”, иистэнэргэ, сыһыарарга “Симэх”, “Туос оһуора”, “Сиэл симэҕэ”, суурэргэ-көтөргө «Эрчим», ааҕарга, айарга “Тыл түһүлгэтэ”, ”Ыллык” онтон да атын эйгэлэр оҕо сатабылын сайыннараллар. Биһиги физкултуураҕа инструкторбыт сарсыарда 8 аҥаартан саҕалаан, киэһэ 17 чаас 30 мүнүүтэҕэ диэри тохтоло суох оҕолору кытта үлэлиир. Муусука, уруһуй, хореография, английскай тыл, робототехника кабинеттара эмиэ күнү быһа аһаҕастар.
Иитэр-сайыннарар үлэбитин 16-с сылын, үрдүк үөрэхтээх, үрдүк категориялаах, СӨ Ил Дарханын анал Гранынан наҕараадаламмыт, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Анна Афанасьевна Шарина салайар. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр үлэлээх хореограф Изабелла Аркадьевна Адамова салалтатынан “Үрүмэччи” үҥкүү бөлөҕө кэлиҥҥи 5 сылга ситиһиитэ элбэх. Намнааҕы педагогическай кэллиэһи бүтэрбит Николай Семенович Дьячковскай биһиэхэ 2005 сылтан оҕону уруһуйга, мэһийиигэ, уһаныыга дэгиттэр үөрэтэр. Кини өрөспүүбүлүкэтээҕи эр дьон-педагог күрэх кыайыылааҕа, «Сыл бастыҥ иитээччитэ» күрэх лауреата, үрдүк категориялаах, үрдүк үөрэхтээх исписэлиис. Сылын ахсын уруһуйга талааннаах оҕолор персональнай быыстапкалара тэриллэр. Өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа араас куораттарыгар быыстапкаларга, куонкурустарга кытталлар. Эр киһи-педагог уһуйааҥҥа үлэлиирэ — бириэмэ ирдэбилэ. Кинилэри кытта оҕо боччумнаах буолар, эппиэтинэһэ үрдүүр уонна үөрэтиини кэбэҕэстик ылынар. Өссө биир холобур — Афанасий Петрович Сыромятников быйыл 7-с сылын ситиһиилээхтик муусука салайааччытынан үлэлиир.
Араас сылларга кэлэктииби Елена Васильевна Илларионова, Мария Ивановна Чичигинарова, Валентина Николаевна Иустинова, Надежда Васильевна Мачахова, Анна Ванифатьевна Новгородова, Сардаана Михайловна Захарова салайбыттара. Кэлэктиип киэн туттар бэтэрээннэрдээх: Ытыктыыр киһибит, тыыл бэтэрээнэ Мария Григорьевна Старостина (Смирникова); киэн тутта ааттыыбыт 70-80-с сылларга биһиги уһуйааммытыгар өр үлэлээбит бэтэрээммитин, СӨ бастакы Ил Дарханын Егор Борисов күн күбэй ийэтин Прасковья Ильинична Борисованы. Кинини кытта бииргэ үлэлээбит дьон уһуйааммытыгар күн бүгүн баарбыт. Бу чахчы үтүө киһини үүнэр көлүөнэ умнубатын туһугар улуус утумнаах үлэни ыытар. Өр сылларга идэлээх сойуус үлэтин Тамара Константинова, Альбина Пестерева салайан кэллилэр. Биһиэхэ үгүс үтүө дьон үлэлээн ааспыта. Сайдыы туһугар кылааттарын киллэрбит дьоммутун умнубаппыт. Үбүлүөйбүтүн көрсө уһуйааммыт туһунан кинигэ бэлэмнии сылдьабыт, — диэн сэһэргээтэ сэбиэдиссэй Анастасия Григорьева.
Бу курдук, 50 сыл устата бары кыаҕын, сатабылын ууран үлэлээн ааспыт аҕа көлүөнэ уопутун утумнаан, салҕаан, сайыннаран, бүгүҥҥү “Кэскил” уһуйаан түмсүүлээх кэлэктиибэ, оҕолорбут — эрэлбит оскуолаҕа бэлэмнээх, олоххо тардыһыылаах, үрдүк култууралаах дьон буолан тахсалларын, сайдыы, туруктаах буолуу туһугар бары күүһүн ууран, төрөппүттэри кытта ыкса ситимнээхтик, айымньылаахтык үлэлиир.
* “Кэскил” уһуйаан 12-с сылын уолаттарга анаан улуустааҕы “Мохсоҕол” байыаннай-спортивнай күрэхтэһиини тэрийэн ыытар. Бырайыак ааптара —физкультуура инструктора Ольга Ложкина.
* Уһуйааҥҥа эр дьон-педагогтар уһуннук айымньылаахтык үлэлииллэр. Уопсайа 8-9 эр дьон үлэһиттэн быйыл 4-дэ — педагог. Эр дьон-педагогтар холбоһуктаах бырайыактара “Эр хоһуун” улууска бастакынан “Кэскилгэ” оҥоһулунна.
* Уһуйаан «Үрүмэччи» үҥкүүтүн ансаамбыла өрөспүүбүлүкэнэн, дойду араас куораттарынан куонкурустарга, бэстибээллэргэ үрдүк ситиһиилээхтик кыттар, сахабыт култууратын киэҥник пропагандалыыр.
* “Кэскиллэр” улууска Оҕо ыһыаҕын аан бастакынан саҕалаабыттара. Саха олоҥхотун эмиэ улууска биир бастакынан туруорбуттара.
Татьяна Маркова, edersaas.ru