Чурапчыны көһөрүү 75 сылыгар аналлаах айан

04.10.2017
Бөлөххө киир:

Чурапчы холкуостарын көһөрүү 75 сылыгар анаан Чурапчы улууһун В.С.Соловьев-Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатын «Өйдөбүл» экспедициятын кыттыылаахтара «Хатылы – Аллараа Бэстээх» маршрутунан сатыы хааман Чаачыгыйга кэлбиттэрэ. Манна «Илгэ» лааҕыр 3-с сезонун оҕолоро, үлэһиттэрэ үрдүк тэрээһиннээхтик көрсүбүттэрэ.

edersaas.ru

Татьяна Артемьева алгыс сиэрин-туомун оҥордо, арыылаах алаадьынан айах туттулар, оҕолор ыллаан-туойан билистилэр. Экспедиция салайааччыта Хоютанова Екатерина Романовна өр сылларга толкуйдаабыт бырайыагын олоххо киллэрэн, бу уһун унньуктаах айан тэрилиннэ. Экспедиция сыала-соруга – ким да умнуллубат, туох да умнуллубат дииллэринии, история бу кэрчик кэмин үүнэр көлүөнэ билиэхтээх.

ххх

1942 с. сут-кураан туран, баартыйа уобаластааҕы кэмитиэтин уурааҕынан Чурапчыттан 41 холкуос 4988 киһитэ күүс өттүнэн хоту оройуоннарга балыктыы диэн көһөрүллэр. Булуҥҥа 759 киһилээх 10, Эдьигээҥҥэ 1736 киһилээх 13, Кэбээйигэ 2493 киһилээх 18 холкуос дьоно ыраах, уһун айаҥҥа туруммуттара. Алтынньы саҕана аһаҕас халлаан анныгар борохуоту кэтэһэн ыйтан ордук буолбуттар. Онон, өссө Бэстээх биэрэгиттэн саҕалаан өлүү-сүтүү саҕаламмыт. Дьон ыран, сылайан, сыккырыыр тыыннара эрэ тиийэн, быраҕыллыбыт дьиэлэринэн, хотоннорунан бэйэлэрэ оҥостон олохсуйаллар. 1944 с. дьиэлэригэр төннөр уурааҕы истэн, үөрүүнэн төрөөбүт түөлбэлэригэр төннөллөр.

Бу кэлбиттэригэр чаачыгыйдары Дьабыыл нэһилиэгин «Киров» аатынан холкуос дьоно мунньаҕынан ыланнар, Чаачыгый сирдиин-уоттуун Дьабыыл нэһилиэгэр киирэр.

Сэрии иннинэ Чурапчы оройуонун нэһилиэнньэтин ахсаана 17 тыһыынча эбит буоллаҕына, 1943 с. биэрэпис түмүгүнэн оройуон 7934 киһини, 30 тыһыынча ынах сүөһүнү, 7 тыһыынча сылгыны, атын да баайы-дуолу сүтэрбит.

ххх

Атырдьах ыйын 7 күнүгэр чекист Н.В.Петров аатынан Дьабыыл орто оскуолатыгар истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла. Манна «Чаачыгый» холкуостан Кэбээйигэ көһөрүүгэ сылдьыбыттартан педагогическай үлэ, тыыл бэтэрээнэ Самойлова Марфа Иннокентьевна, сопхуос үлэтин, тыыл бэтэрээнэ Борисова Варвара Егоровна, көһөрүллүбүт дьон оҕолоро Попова Изабелла Иннокентьевна, Попова Матрена Владимировна, Дергачева Татьяна Васильевна, кийииттэрэ Иванова Октябрина Гаврильевна көрсүһүүгэ кыттан, оччотооҕу кэмҥэ тугу өйдөөн хаалбыттарын аҕыннылар. Экспедиция кыттыылаахтара проекторынан слайдалары көрдөрдүлэр, РСФСР үтүөлээх учуутала Дмитрий Павлович Чечебутов 1992 с. төрүттээбит «Көһөрүллүү» мусуойун көһөрүүгэ сыһыаннаах Хатылы нэһилиэгэр эрэ баар экспонаттары көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр. Көһөрүү тиэмэтин хасыһан үөрэтэр, онон дьарыгырар Иванова Сайаананы, Тарабукина Туйаараны, Хоютанов Валераны, Корнилов Славаны, Яковлев Ваняны экспедиция салайааччыта, Хатылы оскуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччы Екатерина Хоютанова, Кэбээйиттэн төрүттээх физрук Гаврил Кобяков, Дьокуускайдааҕы мединститут устудьуонката Александра Хоютанова, Хабаровскайдааҕы тимир суол институтун устудьуонката Ирина Хоютанова, оскуола сопхуоһа, суоппар Евстафий Старостин арыаллаатылар. Ыалдьыттар бибилэтиэкэлэргэ, биирдиилээн дьоҥҥо «Если есть Память, есть история, а значит, есть будущее…» диэн буруолуу сылдьар альбом-кинигэни уонна «Чурапчы көһөрүүтэ – 75» халандаары бэлэх ууннулар.

ххх

Билигин 96 сааһыгар сылдьар нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын огдообото, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ, «Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иhин» мэтээл, «Ийэҕэ Албан аат» уордьан хаhаайката, Дьабыыл нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Пермякова Ульяна Егоровна дьиэтигэр тиийэн билистилэр. Ульяна Егоровна сахатын балаҕаныгар сүһүөҕэр сылдьан күндү ыалдьыттарын кытары биир-биир илии тутуһан дорооболоһон, итии-сылаас быһыыга-майгыга көрсөн, сандалы остуолугар ыҥыртаан олордон баахыланан, сугун барыанньатынан уо.д.а. күндүлээн чэйдэттэ. Ол кэннэ 22 сааһыгар  Ульяна дьонун кытта Кэбээйи Куокуйугар хайдах эрэйдэнэн айаннаан тиийэн балыкка үлэлээбитин, көһөрүллэн тиийбиттэр аҥаардара кэриҥэ хоргуйан өлбүттэрин харааста кэпсээтэ. Кырдьаҕас өйө-санаата билигин да чэгиэн. Бу кини чөл олох дьиҥнээх холобурунан буолар. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 61-с төгүлүн ыытыллан кэлбит култуура уонна спорт эстэпиэтэтигэр биир да сыл көтүппэккэ кыл-сиэл оҥоһуктарынан кыттан кэллэ. Ахсаана биллибэт кыл сэлээппэлэринэн, атын да оҥоһуктарынан лауреат, дипломант үрдүк ааттар хаһаайката. Сиэннэрэ Дьабыыл оскуолатын бастыҥ үөрэнээччитэ Аня Попова, Дьокуускайтан «Айыы кыһатын» бастыҥ үөрэнээччитэ Айаал Федоров эбээлээх эһээлэрин тустарынан стендэҕэ оҥорбут дакылааттарын аахтылар.

Хатылы «Өйдөбүл» экспедицията Халыма аартыгын батыһа баар нэһилиэктэри хабан, Аллараа Бэстээххэ тиийэр былааннаах салгыы айаннаабыттара.

Бу оҕолор көhөрүллүү историятын сэргииллэрэ, үөрэтэллэрэ, чинчийэллэрэ, көhүү кыттыылаахтарын кытта көрсүhүүлэрэ хайҕаныан эрэ сөп. Экспедиция салайааччыта Хоютанова Екатерина Романовнаҕа маннык эппиэтинэстээх айаҥҥа оҕолору тус холобурунан салайан илдьэ сылдьара үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитиигэ дьоhун холобурунан буолар.

Марелла Баишева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0