Чурапчы мусуойун чулуу буойуттарга аналлаах бырайыага РФ Бэрэсидьиэнин гранын ылла

03.05.2020
Бөлөххө киир:

Сахаттан бастакы летчик-дьахтар Вера Кирилловна Захарова,  Дьоруой-артиллерист Гаврил Дмитриевич Протодьяконов, хорсун сапер Семен Дмитриевич Флегонтов, байыаннай хирург-быраас Дмитрий Титович Брыскаев – бу Чурапчы улууһуттан төрүттээх хорсун, чулуу буойун-бэтэрээннэр.

Чурапчы улууһунааҕы А.А.Саввин аатынан Устуоруйа уонна этнография мусуойа Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө, бу түөрт бэтэрээн  олоҕун, фроҥҥа хорсун быһыытын туһунан сиһилии кэпсиир виртуальнай бырайыагы оҥордо.

Бырайыак салайааччытынан мусуой научнай үлэһитэ Ольга ЯДРЕЕВА буолар. Соторутааҕыта бырайыак РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин култуура уонна ускуустуба эйгэтигэр общенациональнай суолталаах айар бырайыактары өйүүргэ аналлаах гранын ылары ситистэ.

Бу виртуальнай бырайыакка матырыйаал барыта мультимедийнэй технологиялар көмөлөрүнэн көрдөрүллүөҕэ уонна оҕотуттан улахан дьонугар тиийэ кимиэхэ баҕарар тиийимтиэ, өйдөнүмтүө буолуоҕа.

Мин Екатеринбург куоракка М.Горькай аатынан Ураллааҕы судаарыстыбаннай университеты мусуой үлэһитэ идэлээх бүтэрбитим. Баай устуоруйалаах, үтүө үгэстэрдээх Чурапчы мусуойугар 2012 сылтан үлэлиибин.

Бу бырайыак идиэйэтэ миэхэ аан маҥнай, летчица Вера Кирилловна Захарова  биографиятын билсиибин кытта кэлбитэ. Онно, мусуойу көрө кэлбит дьоҥҥо көннөрү хаартысканы эрэ көрдөрүүнэн, кэпсииринэн эрэ муҥурдаммакка,  сэрии дьоруойдара тугунан, хайдах сэриилэспиттэрин, тугунан айаннаан сылдьыбыттарын, дьон олоҕун хайдах, туох сыананан быыһаабыттарын барытын бу баардыы көрдөрбүт киһи дии санаабытым.

Онтон 2014 сыллаахха Москваҕа мусуой үлэһиттэригэр аналлаах сэминээргэ командировкаҕа ыыппыттара. Сэминээрбит Судаарыстыбаннай историческай мусуойга уонна  Дарвиновскай мусуойга буолбута. Дьэ, манна мин аан бастаан мусуой дьыалатыгар “дополненная реальность”, ол аата дьиҥнээҕи эбии диэн өйдөбүл, ньыма баарын  билбитим. Онон, бырайыакпын толкуйдуу сылдьан, чуолаан бу, дьиҥнээҕи эбии көмөтүнэн,  дьоруойдары ситэри-толору көрдөрүөхпүтүн, кэпсиэхпитин сөп эбит диэн түмүккэ кэлбитим.

Үлэ, биллэн турар, информацияны хомуйууттан саҕаланар. Былаан быһыытынан, сыл устата барыахтаах. Мин мусуойум кэлэктиибигэр, дириэктэрбит Юрий Семенович Толстоуховка сүбэлэрин-амаларын, көмөлөрүн-өйөбүллэрин иһин олус махтанабын уонна уопсай күүһүнэн бырайыак олоххо киириэ диэн эрэнэбин, — диир Ольга Анатольевна.

Татьяна МАРКОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0