Чурапчы 41 холкуоһун хоту күүс өттүнэн көһөрүү 76 сыла. Балаҕан ыйын 19 күнэ —Өйдөбүнньүк күнэ.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит историятын биир саамай ыарахан, сүрэх баастаах страницатынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Чурапчы оройуонун холкуостарын хоту Булуҥҥа, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ күүс өттүнэн көһөрүү сыллара буолаллара чахчы.
Сэрии иннинэ Чурапчы оройуонун нэһилиэнньэтэ 18.000 эбит буоллаҕына, сэрии кэнниттэн — 7000. Кэлин 80-с сылларга, 40 сыл буолан эрэ баран, бастакы сыыппара ситиһиллибитэ… Дьон бастыҥа—эдэр уолаттар, ыал аҕалара Ийэ дойдуларын көмүскүү Улуу сэриигэ аттаммыттара, үгүстэр сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубуттара, олохторун толук уурбуттара. Оттон дойдуларыгар хаалбыт кэргэттэрэ, кырдьаҕас ийэлэрэ, аҕалара, оҕолоро-уруулара хоту “балык булдугар” диэн, көһөрүллүүгэ барбыттара…
Ол курдук, 1942 сыллаахха Чурапчы оройуонуттан уопсайа 41 холкуос көһөрүллүбүтүттэн 38-һа Кэбээйи улууһугар кэлбитэ. Сорох холкуос Булуҥҥа уонна Эдьигээҥҥэ ааспыт. Кэбээйигэ айан олус ыар этэ, дэһэллэр көһөрүллүү кыттыылаахтара. Ол эбэтэр, туох даҕаны бэлэмэ, сылаас таҥаһа, аһа-үөлэ суох дьону өрүс кытылыттан ыраах салгыы айаннаппыттара. Холобур, Сылаҥ нэһилиэгин “Комбайн” холкуоһун дьоно, 140 киһи Мукучу сиригэр-уотугар кэлбититтэн — 64 киһи бастакы кыһыннарыгар өлбүт… “Өссө оччолорго кыра оҕону-урууну аахпатахтара эбитэ буолуо…”, — дэһэллэр бэтэрээннэр.
—Оччотооҕу салалта саха дьонугар, сымнатан эттэххэ, көтүмэх сыһыаныттан, чурапчылары олорорго, үлэлииргэ туох даҕаны бэлэмэ суох сирдэргэ ыыппыттара.
Бу күүс өттүнэн көһөрүүгэ биһиккэ сытар оҕолуун-уруулуун, тайах маска тэптэрэ сылдьар уонна лип сытар кыаммат кырдьаҕастыын барыта 5318 киһи барбыта уонна айан саҕаланыаҕыттан 2000 -тан тахса киһи ыалдьан, хоргуйан өлөн, дойдуларыгар эргиллэр дьылҕаламматахтара.
Бу өлбүт дьонтон бэрт ахсааннаахтарын уҥуоҕа киһилии хараллыбыта… Өйдөөҥ дуу, бу саха норуотун бүттүүнүн ыар баттыга, трагедията!..
Ону хаһан даҕаны умнар эрэ буолумаҥ! Үлэһит үтүөтэ дьоннордоох Чурапчым сирэ-уота сэрии иннинээҕи киһитин ахсаанын, ааспыт үйэ 80-с сылларын бүтүүтүгэр эрэ сиппитэ…
Төрөөбүт дойдубут, Чурапчыбыт барахсан, биһиги ханна да буолларбыт эйигиннин бииргэбит! Ааспыт ахтылыннын, урукку умнуллубатын!
Ийэ сирбитигэр аламай маҥан күммүт өрүү чэмэличчи тыктын, сылааһынан угуттаатын!, — диир көһөрүллүү, сэрии тулаайахтарын, тыыл бэтэрээннэрин туһунан элбэх кинигэ ааптара, биллиилээх суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи Уйбаан Бахсылыырап.
“Умнуллубатын, хаһан да хатыламматын!”, — диибит биһиги, ХХI үйэ дьоно.
Бүгүн Чурапчыга, хоту көһөрүллүү кыттыылаахтарыгар аналлаах Өйдөбүнньүк аттыгар, Кутурҕан миитинэ буолла.
Татьяна ФОМИНА.
Үөһээ хаартыскаҕа: Т.Григорьева-Баишева. Чурапчы улууһа. “Памяти переселенцев”. Оҕуруонан быысапка.
Чурапчым саһарбыт чараҥа…
Хаппыт суол күдэнин көтүтэн,
Ыраата барардыы тэринэн,
Бар дьонум айаҥҥа турбута —
Тус хоту үлэҕэ ананан.
-Бырастыы, төрөөбүт алааһым,
Бырастыы, тапталлаах Чурапчым!
Кырдьаҕас эмээхсин, аймана,
Аар хатыҥ умнаһын кууспута.
-Кырыыстаах сэрии, бу хаһан
Уоскуйуоҥ, уурайыаҥ буоллаҕай?
Балаҕаммыт аанын саптаҕыҥ,
Уонна эн өссө тугу көрдүүгүн?
Саҕахтан күн тахсан атаара,
Санньыйа одуулуу турбута.
Саһарбыт күһүҥҥү чараҥҥыт
Сайыһа, далбаатыы хаалбыта.
Төрөөбүт дойдуттан арахсар
Ыар санаа сүрэххэ сөҥпүтэ,
Айанныыр суолларгыт тухары
Көмүскэ уулара сүүрбүтэ.
Дьылҕа хаан ыйааҕар бэринэн,
Кинилэр ыраатан баартара.
Борохуот унаарар буруота
Салгыҥҥа суураллан сүппүтэ.
Чурапчым саһарбыт чараҥа,
Ол кэми эн кэпсиир курдуккун.
Атаарбыт дьонноруҥ кэлэрин
Билигин да эн күүтэн эрдэҕиҥ…
Ымыы.