Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр иллэрээ күн, бээтинсэҕэ, биир бөрөнү хапкааннаан ылбыттар. Адьырҕалар ааҥнаабыттарыгар ахсынньы саҥатыгар сурдары бултаһар биригээдэ тэриммиттэр. Одьулуун олохтооҕо Михаил Сивцев этэринэн, билигин бэһиэ буолан сонордоһоллор эбит.
edersaas.ru
-Тыһы оҕо бөрө киирэн биэрдэ, — диир Михаил Петрович. – Биһиги бөрөнү бултуур үөрүйэхпит суох. Кырдьаҕастар үйэ аҥаара буолан баран биллибиттэрин бигэргэтэллэр. Элбэхтэрэ да бэрт: күһүн 11 баара, билигин хас да үөрүнэн 14-кэ тиийэ баар диэн ааҕабыт. Бара-кэлэ, киирэ-тахса сылдьаллар. Улуус үрдүнэн 7 бөрө уодьуганнанна. Итинтэн биирин биһиги бултаатыбыт.
-Тугунан бултаһаҕыт?
-Хапкаанынан эрэ буоллаҕа. Уонтан тахсаны уурбуппут. Нэһилиэкпит дьаһалтата эбии 20 хапкааны атыыласпытын бу күннэргэ иитэ барыахтаахпыт.
Одьулуун нэһилиэгин баһылыга Людмила Васильевна Ефремова сайыҥҥыттан саҕалаан сылгыга үс сүтүктэммиттэрин этэр. Ити дьон булан, бэтэринээрдэр акталаабыттарын эрэ аахтахха. Оччо элбэх сур кураанахха суксуруспатах буолуохтаах. Мантан саас өссө кутталланыахтара турдаҕа.
Василий НИКИФОРОВ, edersaas.ru