Чуораанчыктар чугдаараллар

Ааптар: 
30.07.2022
Бөлөххө киир:

1987 сыллаахха от ыйын 30 күнүгэр Саха сирин оҕолоругар соһуччу бэлэх буолан, дьиэлэрин аанын тоҥсуйан киирбит оҕо-аймах тапталын туппут «Чуораанчык» уонна «Колокольчик+» сурунааллара 35 сылларын көрсөллөр. Маҥнайгы эрэдээктэринэн саха норуодунай бэйиэтэ Р. Д. Ермолаев‑Баҕатаайыскай буолбута, оттон сүрүн идеологиятын сүгэн сүүрэн-көтөн, үбүн, харчытын туруорсубут киһинэн Александр Мигалкин буолар. Күндү ааҕааччы, онон бүгүн оччотооҕу уонна билиҥҥи кэлэктиип туһунан билсиэх.

Сайдыы суолун тутуһан…

«Чуораанчык»—«Колокольчик+» оҕо уус-уран литературнай сурунаалларыгар 2010 сыл олунньу ыйыгар Галина Алексеевна Бочкарева сүбэтинэн эрэдээктэринэн ананан кэлбитим. Оччолорго сурунааллар сайыннарар уонна оонньотор ис хоһоонноохторо, сылга 8‑та 2 бэчээтинэй илииһинэн тарҕаналлара, ол аата, 16 страницалаах уонна бэрт боростуой соҕус кумааҕыга бэчээттэнэллэрэ.

Саныыбын ээ, бириэмэ олус да түргэнник ааһар, номнуо 12 сыл буолбут дии. «Чуораанчык» уонна «Колокольчик+» оҕо сурунааллара билигин үчүгэй хаачыстыбалаах, оҕо хараҕын тардар уонна балачча «эттэнэн-сииннэнэн» 3,5 бэчээтинэй илиистээх, өссө кыбаартал аайы эбилик сыһыарыылаах буоллулар. Онон, оҕо саас арахсыспат аргыһа күүтүүлээх-
кэтэһиилээх ыалдьыт буолан саха оҕолорун ааҕыы алыптаах эйгэтигэр ыҥырар, угуйар.

Чугдаарыйар чуораанчыктар, колокольчиктар айымньылаах үлэлиир эйгэлэрэ тутан ылбат киэҥ: ол, бастатан туран, кырачаан киһиэхэ анаан суруйар дьону, ордук оҕо суруйааччыларын бэйэтин тула түмэр үгэстэрин бу сыллар усталарыгар тутан кэллилэр уонна өссө сайыннаран диэн эбэн этэбит.

Оҕоҕо анаан айар, суруйар, холонор баҕалаах дьону көҕүлүүр уонна айымньылаах сурук эйгэтигэр сирдиир соруктаах «Айар ыллык» диэн бэртээхэй куонкуруһу толкуйдаан, оччолорго эрэдээксийэ ыллыктаах этиитин өйөөн, СӨ Суруйааччыларын ассоциацията (Сидоров О. Г.) бу бырайыакка көмө буолара да элбэҕи этэр. Бириэмийэлээх буолан, дьон санаатын ууран остуоруйаны да, кэпсээни да айар, онуоха сөптөөх видеону устан аныгылыы сүүрээҥҥэ киллэрдэ. Быйылгы кыайыылаахтары «Бэчээт тэлгэһэтэ» бэстибээлгэ ыҥыран бэлиэтиэхпит.

Эрэдээктэр айар эрэ куттаах буолуохтаах дииллэрэ, ити өйдөнөр, ол гынан баран, арааһа, бастатан туран — сирдээччи, көҕүлээччи, тэрийээччи буолуон сөп. Биһиги сурунаалларбыт эрэдээксийэтэ оҕону кытта оҕо, саастааҕы кытта саастаах буолуохтаах диэн сүрүн санаабыт баһыйар. Оҕо сайдар уонна үүнэр эйгэтин тэрийии, дьиэ кэргэҥҥэ иллээх-эйэлээх эйгэни олохтооһун, маны кытта үөрэҕирии бары салаатын хабан сөптөөх сонуну тарҕатыы, оҕо уһуйааннарын, оскуолалары, сайыннарар кииннэри кытта ситимнээх, ис хоһоонноох үлэ, төрөөбүт тылынан саҥарыы, иитиллии, ааҕар нацияны иитэн таһаарыы курдук сүрдээх киэҥ үлэлээхпит.

Кырдьаҕастан алгыһын ылан

1987 сыллаахха саха оҕолоругар соһуччу үөрүүнү аҕалбыт, бу сурунааллар баар буолар дьылҕаларын түстэспит Александр Васильевич Мигалкины (Саха сирин Комсомолун уобаластааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн үлэлээбит кэмнэригэр) уонна «Чуораанчык» маҥнайгы эрэдээктэрэ, норуодунай бэйиэт Р. Д. Ермолаевы-Баҕатаайыскайы кытта билсибит, бодоруһан ааспыт кэмнэрбин саамай дьоллоох түгэннэрбинэн ааттыыбын.

Александр Васильевич бу курдук этэрэ: «Татьяна, эрэдээктэр эрэ буолларгын, бары өттүгүн көрүнэн сылдьаар, өйдөөхтүк-мындырдык. Биири санаар, хаһан да, хайдахтаах да балаһыанньа тыҥаан кэллэр, өрөспүүбүлүкэни салайар киһи кынатыттан сурунаалларгын түһэрээйэҕин, ол курдук суолталаахтык өрө тутаҥҥын илдьэ сылдьаар». Александр Васильевич курдук бэйэлэрин кэмнэрин дьоһун дьоно баар буоланнар, оччолорго бэйэлэрин көрүүлэрин хорсуннук туруулаһан, туруорсан, сайдыы бэрт дохсуннук бардаҕа. Оҕо сурунаалларын наһаа да суолталыыр этэ, билигин санаан көрдөххө, ол сөп эбит — туох барыта оҕоҕо, оҕо туһугар уонна оҕоҕо анаан тэриллэр, оттон оҕоҥ — эн инники кэскилиҥ, норуоккун салҕыыр утумуҥ.

Рафаэль Дмитриевич Ермолаев-Баҕатаайыскай үлэлээн, айан, суруйан хаалларбытын билиҥҥи кэмҥэ хайдах эрэ умна быһыытыйдыбыт дуу дии саныыбын. Суруйааччы уонна бэйиэт быһыытынан улуута сыттаҕа, ону айымньыларыгар аахтаххына эрэ булаҕын. Биһиги эрэдээксийэбит үлэһиттэрэ тус бэйэбит кинини хаһан да умнубаппыт. Иллэрээ сыл бэйиэт үбүлүөйүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун (бэрэссэдээтэл И. В. Мигалкин аҕа доҕоро этэ), биир дойдулаахтара, мэҥэ хаҥаластары, кытта олус истиҥник ахтан, санаан туран бэлиэтээбиппит, онлайн да буоллар, үбүлүөй үбүлүөй курдук ааспытыттан үөрбүппүт.

Рафаэль Дмитриевич, бастатан туран, киһи быһыытынан боростуой, ол быыһыгар уот харахха этэр кымньыы тыллаах бэрт көрдөөх, сүрдээх чэпчэки тыыннаах ытык кырдьаҕас этэ. «Оҕом, Таням» диэн таптаан ааттыыра. Кырдьаҕастар күннэригэр, эбэтэр ыам ыйын 1 күнүгэр (төрөөбүт күнэ) Иван Васильевичтыын эҕэрдэлии тиийэр
этибит. Өр олорон кэпсэтэрбит, кэлин аһары чарааһаан хаалбыт «Чуораанчыгын» көрө-көрө дэлби хараастара. Сайдыыны тутан туруорсуу буолбутугар саамай үөрбүт кини этэ, ол туруорсуулары барытын билэн-көрөн бу дойдуттан суох буолбута…

Саҥа саҕахтар

Ытык кырдьаҕас, маҥнайгы эрэдээктэрбит үтүө алгыстаах сүбэтинэн оччолорго биһиги Егор Афанасьевич Борисовка кэпсээн, көрдөрөн, быһааран хотуулаахтык туруорсубуппут. Ол кэмҥэ өссө Оҕо биир кэлимсэ хамсааһынын тэрийии долгуна барбыта.

Оҕо сурунаалларыгар иккис тыыны биэрэн сайдар суолга биһигини бүтүн уопсастыбаннас өйөөбүтэ. Үтүө доҕотторбут — баспытааталлар, учууталлар, оҕо суруйааччылара, төрөппүттэр көмө буолбуттара. Билигин оҕо уус-уран, литературнай сурунаалларын эрэдээксийэтэ сайдыы суолун тутуһан, саҥа таһымҥа үктэнэр.

2020 сылтан ыла «медиа-микс» диэн бу эргин өрөспүүбүлүкэлэргэ биир бастакынан сайыннарыылаах ньыманы киллэрбиппит, социальнай ситимнэргэ быһа тахсар суолу манна көрөн. Оҕо сурунаалы тутан олорон ааҕар, көрөр уонна истэр, үтүктэр, оонньуур буолар. «Кэскилбит» кыһатыгар анал методическай сулууспа салаата тэриллиэҕиттэн учууталларбытын, иитээччилэрбитин кытта биир ситимнээх үлэни тэрийэн ыытабыт. Ол түмүгэр, төрөппүккэ да буоллун, ордук иитээччигэ көмө методическай босуобуйалаах нүөмэрдэри таһаардыбыт. 2022 сыл иккис аҥаарыттан нууччалыы тыллаах «Колокольчикпыт» уонна «Юность Севера» сурунаалларбыт сурутууга Арассыыйа каталогар киирдилэр, бу эмиэ улахан ситиһиибит диэн олуһун үөрэбит.

Оҕо аймах тапталлаах сурунаалларын 35 сылыгар анаан, Москва куораттан ыалдьыттаах, «Три аспекта развития: воспитание, трансформация, наследие» диэн төгүрүк остуолу ыыттыбыт. Манна норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыга суруналыыстар гильдияларын бэрэсидьиэнэ, Арассыыйа Уопсастыбаннай Балаататын чилиэнэ Маргарита Арвитовна Лянге кыттыыны ылла. Үбүлүөйбүтүгэр анаан, биир саамай дьоһун таһаарыыбытынан «Волшебный мир Колокольчика» диэн урукку остуоруйаларбытыттан талан ылан таһаарбыт кинигэбит буолла.

Күндүтүк саныыр кырачаан ааҕааччыларбытын, үтүө-мааны доҕотторбутун оҕо аймах тапталлаах сурунааллара 35 сааһынан Н. Е. Мординов‑Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын аатыттан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит! Эһиги ааҕаргыт тухары, эһиги төрөөбүт сахаҕыт тылынан хомоҕойдук саҥараргыт тухары «Чуораанчыккыт», «Колокольчиккыт» чугдаарыйыа диэн эрэллээхпит.

Татьяна Жиркова, «Чуораанчык», «Колокольчик+»
оҕо сурунаалларын эрэдээктэрэ,
Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0