“Чуораанчык”, “Колокольчик” оҕо сурунааллара Татарстаҥҥа буолбут “Многоликая Россия” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы суруналыыстар куонкурустарыгар кыттан 3-с миэстэни ылла. Куонкуруска сурунаал эрэдээктэрэ Татьяна Жиркова уонна “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын отделын салайааччы Анна Пермякова баран кыттан кэллилэр.
“Многоликая Россия” куонкурус норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтөр, араас омуктар тылларын, култуураларын сайыннарар, өйүүр, уопсастыбаҕа сиэр-майгы, төрүт култуура боппуруостарын, патриотическай өйү-санааны иитэр сыаллаах. Онон куонкурус Татарстан өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн тохсус сылын үрдүк таһымнаахтык ыытыллар.
Быйыл 52 регионтан 1850 үлэ киирбит. Дьэ, бу бачча элбэх үлэттэн “Чуораанчык” сурунаал миэстэлэспитэ – дьоһун ситиһии. Холобур, бу улахан куонкуруска “Телебырайыак” номинацияҕа 1-кы миэстэни НТВ ханаал “Поедем, поедим” биэриитэ ылбыт. Оттон гран-при хаһаайынынан “Татарстан” араадьыйа “Между Волгой и Уралом” биэриитин ыытааччы Йолдыз Крепостина буолбут.
Татьяна Ильинична бу курдук санаатын үллэстэр:
—Биһиги үс бырайыакпытынан кытынныбыт. “Биһиги – Азия оҕолоробут”, “Уһун суһуох” куонкурустар, “Колокола памяти” фестиваль балаһыанньатын ыыппыппыт. Ону тэҥэ сурунаалларбытын сиһилии көрдүлэр, хайдах үлэлии олорорбутун, судаарыстыба өттүттэн туох өйөбүллээхпитин ыйыталастылар. Уопсайынан, сахаларга интэриэс улахан диэн көрдүбүт. Улахан суруйааччыларбытын билэллэр. СӨ норуодунай суруйааччыта Иван Мигалкин оҕолорго аналлаах хоһооннорун татаардыы тылбаастаан, кинигэ таһаарбыттар.
Татарстаҥҥа төрөөбүт тылларын, култуураларын тутан олороллор. Сэргээбитим диэн, оҕолорго саастарынан арааран сурунааллардаахтар эбит: алталарыгар уонна уон иккилэригэр диэри, обургу оҕолорго, ыччаттарга, эдэр ыалларга диэн. Оҕо эйгэтигэр үлэлиир суруналыыстары, педагогтары ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьаллара көстөр. Судаарыстыба өттүттэн улахан өйөбүл баар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн ааҕа үөрэттэххэ эрэ, билиҥҥи гаджет үйэтигэр ааҕааччыны иитэн таһаарабыт диэн дириҥник өйдүүллэр.
Элбэх дьону көрсөн, кэпсэтэн баран, бу сырыы түмүгүнэн маннык санааҕа кэллим: төрөөбүт тылбытын сүтэрбэт, үүнэр көлүөнэҕэ ийэ үүтүн кытта иҥэрэр туһуттан, өссө күүскэ үлэлиэхтээхпит диэн өйдөөтүм. Оҕолорго саастарынан көрөн арааран, туспа сурунааллары таһаардарбыт, ордук буолуо эбит. Биһиги билигин оҕо төрүөҕүттэн 12 сааһыгар диэри анаммыт 12 страницалаахпыт, ыйга биирдэ тахсабыт, онно букатын туох да баппат. Саха суруйааччыларын айымньыларын хото бэчээттээн, оҕону ааҕарга үөрэтиэхпит.
—Оҕо хаһыаттара, сурунааллара атыыланан, сыаналарын толуйар кыахтара суох. Онон судаарыстыба өттүттэн күүстээх өйөбүл баар буолуохтаах. Дьэрэкээн ойуулаах, интэриэһинэй ис хоһоонноох хаһыат, сурунаал ханнык да гаджеттааҕар ордук сайыннарар, ааҕарга, киэҥ билиилээх киһи буоларга үөрэтэр. Оҕону кыратыгар ааҕарга үөрэппэтэхпитинэ, куоттарабыт. Онон биһиги үлэбитин өйөөн, Казаньҥа барарбытыгар көмөлөспүт үөрэх миниистирэ Федосия Габышеваҕа, ыччат, дьиэ кэргэн миниистирэ Афанасий Владимировка махталбытын тиэрдэбит, — диэн Анна Пермякова эбэн этэр.
Суруналыыстар Москваҕа кэлэн “Пионерская правда” хаһыат эрэдээктэрэ Михаил Баранниковы көрсөн бииргэ үлэлэһэргэ кэпсэппиттэр. Мантан ыла суруйар оҕолор бу хаһыакка ыстатыйаларын ыытан бэчээттэтэр, салгыы Москваҕа баран үөрэнэр кыахтаныахтара.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА.