“Чуораанчык” оҕо сурунаала отутун туолла

Ааптар: 
31.03.2017
Бөлөххө киир:

Чуораанчык” уонна “Колокольчик” оҕо сурунааллара бэчээттэммиттэрэ отут сылын көрсө, эрэдээксийэ үлэһиттэрэ, бас-көс дьон, төрөппүттэр, уһуйааччылар кыттыылаах «төгүрүк остуол» буолла. Манна оҕо сурунаалын суолтатын, саҥалыы тыыннаныытын тула бэрт интэриэһинэй кэпсэтии таҕыста.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Көрсүһүүгэ “Кэскил” оҕо издательскай дьиэтин дириэктэрэ Анжелика Андреева, “Дьулуур” оҕо хамсааһынын салайааччы Геннадий Охлопков, ХИФУ суруналыыстыка хаапыдыратын салайааччы Олег Сидоров, суруйааччылар сойуустарын салайааччы Иван Мигалкин уо.д.а. ыалдьыттаатылар. Кэпсэтии тиэмэтэ “Новый век детских журналов «Чуораанчык», «Колокольчик” диэн ааттанна. Онон сурунаал үлэһиттэрэ бу күҥҥэ ыалдьыттартан, хас кэлбит дьонтон баҕа санааларын, сурунаалларга туох саҥаны арыйыахха, эбиэххэ сөбүн иһиттилэр.

Светлана Семенова, национальнай оскуолалар научнай-чинчийэр институттарын дириэктэрэ:

— Отут сыл тухары сурунаалларбыт кээмэйдэрэ уларыйбатылар. Сурунааллар бэриниилээх ааҕааччылардаахтар, туспа суоллаах-иистээх таһаарыы. Онон тираһа, сирэйэ элбиэн баҕарабын. “Чуораанчык”, “Колокольчик” сурунааллар оҕо сайдарыгар, тыла-өһө баай буоларыгар олус туһалаахтар. Ааҕыыттан ураты киһини сайыннарар ньыма суох. Төһө даҕаны үйэбит сайыннар, араас саҥа технологиялар элбээбиттэрин иһин, тутан-хабан олорон аахтахха, айымньы киһиэхэ дьайыылаах буолар. Оҕо үөрэнэр кинигэлэригэр көмө буолаллар. Биһиги бииргэ үлэлииргэ өрүү бэлэммит.

«Төгүрүк остуол» кэмигэр саҥалыы тыыннаммыт сурунаал хайдах буолуохтааҕын кэпсэттибит. Ол курдук, элбэх ойуулар, оҕону сайыннарар оонньуулар, кумааҕы куукулалар, төрөппүттэргэ аналлаах туһалаах матырыйааллар уо.д.а. баар буолуохтара диэн оҕо сурунаалларын айар кэлэктиибэ эрэннэрдэ.

Ыспыраапка: “Чуораанчык”, “Колокольчик” оҕо сурунааллара 1987 сылтан бэчээттэнэллэр, 16 сирэйдээхтэр. Билигин сүрүн эрэдээктэринэн Татьяна Жиркова үлэлиир. Эрэдээксийэ алта айар үлэһиттээх, “Звени, колокольчик”, “Уһун суһуох” диэн үрдүк таһымнаах бырайыактаахтар.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0