Чунуобунньуктар сэнээтэхтэринэ сэттэлэрин ылыахтара

06.10.2017
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ судаарыстыбаннай сулууспалаахтар этикаларын туһунан Ил Дархан ыйааҕа таҕыста. Докумуоҥҥа ыйылларынан, бырабыыталыстыба хас биирдии чилиэнэ уонна судаарыстыбаннай сулууспалаахтар Сиэр-майгы кодексыгар илии баттыылларыгар эбээһинэс ылыныахтара. Бу иннинэ 2009 с. тахсыбыт тустаах Ыйаахха бу маннык эбэһээтэлистибэ суоҕа.

edersaas.ru.


Ол курдук, судаарыстыбаннай сулууспалаахтар сиэрдэрин-майгыларын туһунан Кодексы билсэллэригэр “дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыам, куруубайдыам, үрдүктүк туттуом суоҕа, көрүллэр боппуруоска иирбэни-таарбаны таһаарыам суоҕа, өскөтүн итини тутуспат буоллахпына, көрүллэр сокуонунан эппиэккэ тардыллыам” диэн илии баттыахтара.
Ил Дархан бу маннык миэрэҕэ тоҕо кэллэ? Бу сайын Егор Борисов үгүс тэрилтэҕэ сэрэтиитэ суох сылдьан, муниципальнай уонна судаарыстыбаннай өҥөлөрү биэрии хаамыытын, үлэһиттэр дьону кытары хайдах кэпсэтэллэрин, дьон кыһалҕатын төһө быһааралларын көрбүтэ-истибитэ. Уонна: “Бу көрсүһүүлэр икки боппуруоһу көтөхтүлэр. Бастакытынан, муниципальнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи, федеральнай былаас уорганнара бэйэ-бэйэлэрин кытары үлэлэһиилэрэ ситэтэ суоҕун, иккиһинэн, сулууспалаахтар дьоҥҥо-сэргэҕэ илии таһынан сыһыаннаһалларын көрдөрдө”, — диэн бэлиэтээн туран, маны туоратыыга үлэһиттэргэ тустаах миэрэ наадатын эппитэ.
Онон мантан ыла сулууспалаахтар эйэҕэс-сайаҕас, дьон кыһалҕатын быһаарыыга түргэн-тарҕан буолуулара Кодексынан ирдэниллэр буолла. Өскөтүн үлэһит хаҕыс сыһыанын туһунан хас да үҥсүү киирдэҕинэ, үлэһит дуоһунаһыттан ууратыллар боппуруоһа туруоҕа. Маны сэргэ, сиэри-майгыны тутуһуу үлэһит аттестациятыгар, дуоһунаһын үрдэтиигэ барытыгар көрүллэр, учуоттанар буолуоҕа.
Маны таһынан, Егор Борисов хоруупсуйаны утары үлэлээһиҥҥэ стандартары киллэрдэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0