Тустууну сэҥээрээччилэр утуйар ууларын умнар күннэрэ үүннүлэр – өйүүн, атырдьах ыйын 25-тэн, аан дойду чөмпүйэнээтин үһүс көрүҥэр — көҥүл тустууга — хапсыһыылар саҕаланаллар.
Франция күүтэр
Бары билэргит курдук, атырдьах ыйын 21—27 күннэригэр Франция Париж куоратыгар спортивнай тустууга аан дойду чөмпүйэнээтэ ыытыллар, онно киһи аймах чулууттан чулуу бөҕөстөрө 24 мэтээл комплегын иһин күөн көрсөллөр. FILA (Тустуу аан дойдутааҕы федерацията) 2005 сылтан греко-римскэй тустууга (классическай), дьахтар тустуутугар уонна көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээттэрин холбоон бииргэ ыытар. Онон, 21 чыыһылаҕа, чөмпүйэнээти үөрүүлээхтик арыйыы кэнниттэн, «Accor Hotels Arena» («Арена-Берси») кииҥҥэ тэлгэммит көбүөрдэргэ греко-римскэй (классическай) тустуу маастардара тахсыахтара. Дьахталлар атырдьах ыйын 23-тэн тустуохтара. Оттон көҥүл тустууга хапсыһыылар 25 чыыһылаттан саҕаланыахтара. Чөмпүйэнээт атырдьах ыйын 27 күнүгэр түмүктэниэҕэ.
Эр дьон греко-римскэй тустууга — 59, 66, 71, 75, 80, 85, 98, 130, көҥүл тустууга 57, 61, 65, 70, 74, 86, 97, 125 киилэ ыйааһыннарга күрэстэһиэхтэрэ. Дьахталлар көҥүл тустууга 48, 53, 55, 58, 60, 63, 69, 75 киилэҕэ ким күүстээҕин быһаарсыахтара.
Токио-2020 сыалланан
Бу улахан түһүлгэ иннинэ Арассыыйа 120 күүстээх тустууга Сочи куоракка анал бэлэмнэниини ааста. Кинилэр ортолоругар аан дойду чөмпүйүөнэ, Европа үрүҥ көмүс призера Бекхан Гойгереев, Европа, аан дойду призера Алан Гогаев, 2016 сыллааҕы Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ, аан дойду, Арассыыйа призера, чөмпүйүөнэ, аан дойду Кубогын призера Сослан Рамонов, аан дойду, Арассыыйа призера, чөмпүйүөнэ, Европа чөмпүйүөнэ Магомед Курбаналиев, Рио-де-Жанейротааҕы Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара, Европа оонньууларын кыайыылааҕа Аниуар Гедуев, Олимпиада-2016 чөмпүйүөнэ, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европа чөмпүйүөнэ, Арассыыйа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Абдулрашид Садулаев уо.д.а бааллара.
Ааспыт бээтинсэҕэ, атырдьах ыйын 18-гар, Сочига, «Юг Спорт» кииҥҥэ дойду чулуу бөҕөстөрүн икки ардыларыгар хонтуруоллуур хапсыһыылар буоллулар. Ол түмүгүнэн аан дойду түһүлгэтигэр кыттар Арассыыйа Федерациятын көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын састааба бигэргэннэ.
Онно биллибитинэн, сүрүн тириэньэр Дзамболат Тедеев Парижка төрдүттэн уларытыллыбыт хамаанданы илдьэр буолбут. Сүрүннээн, улахан түһүлгэлэргэ тустар уопута суох тустууктарга дойду чиэһин көмүскүүр чиэс сүктэриллибит. Кинилэр күөннэригэр олимпийскай чөмпүйүөн, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ сүүрбэ биир саастаах Абдулрашид Садулаев улахан уопуттаах бөҕөс быһыытынан көстөр. Дзамболат Тедеев бөҕөстөрү Токиотааҕы Олимпиадаҕа сыаллаан-соруктаан туһуннарарын кистээбэт.
Биэс тустуукпут маннык таһымнаах күрэхтэһиигэ саҥа сүрэхтэниэҕэ. Кинилэртэн Гаджимурад Рашидов (61 кг) уонна Завур Угуев (57 кг) Европа чөмпүйэнээтигэр кыттыбыт уопуттаах буоллахтарына, Магомедхабиб Кадимагомедов (70 кг, Дагестан), Владислав Валиев (86 кг, Алания), Анзор Хизриев (125 кг, Санкт-Петербург) сүүмэрдэммит хамаандаҕа саҥа дьонунан буолаллар. Онон быйылгы чөмпүйэнээт Арассыыйа хамаандатыгар улахан тургутуунан буолара күүтүллэр.
Бу бээтинсэҕэ 57, 61, 86 уонна 125 кг ыйааһыннаах бөҕөстөр тустуохтара, сарсыныгар 65, 70, 74 уонна 97 кг ыйааһыннарга хапсыһыылар буолуохтара.
Арассыыйа көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын састааба:
57 кг — Заур Угуев,
61 кг — Гаджимурад Рашидов,
65 кг — Алан Гогаев,
70 кг — Магомедхабиб Кадимагомедов,
74 кг — Хетик Цаболов,
86 кг — Владислав Валиев,
97 кг — Абдулрашид Садулаев,
125 кг — Анзор Хизриев.
Кыайыыга эрэ туһуланан
Оттон классик-тустууктарбыт Францияҕа сүрүн соруктарынан хамаанданан бастааһын буолар. Ол туһунан “Р-спорт” ааҕыныстыбаҕа Арассыыйа спортивнай тустууга федерациятын бэрэсидьиэнэ, олимпийскай чөмпүйүөн Михаил Мамиашвили иһитиннэрдэ. Быйылгы аан дойду түһүлгэтигэр дойдубут чиэһин ааттаах-суоллаах бөҕөстөрбүт: Олимпийскай оонньуулар икки төгүллээх чөмпүйүөннэрэ Роман Власов (80 кг диэри), Рио-де-Жанейротааҕы оонньуулар кыайыылаахтара Давит Чакветадзе (85 кг диэри), Олимпиада-2016 боруонса призера Сергей Семенов (130 кг диэри) көмүскүүллэр. Кинилэри сэргэ сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирдилэр: Степан Марянян (59 кг диэри), Артем Сурков (66 кг диэри), Адам Курак (71 кг диэри), Александр Чехиркин (75 кг диэри) уонна Муса Евлоев (98 кг диэри).
Париж — кэрэ аҥаардар түһүлгэлэрэ
Оттон атырдьах ыйын 11 күнүгэр, кэккэ хонтуруоллуур хапсыһыылар түмүктэринэн, дьахталлар сүүмэрдэммит хамаандаларын састаабын кылаабынай тириэньэр Юрий Шахмурадов билиһиннэрдэ. Аан дойду түһүлгэтигэр Арассыыйа сэттэ быйылгы чөмпүйүөнүн сэргэ дойду 2017 сыллааҕы чөмпүйэнээтин боруонса призера Анастасия Братчикова (69 кг диэри) тустуоҕа. Онон хамаанда састааба маннык буолла: 48 кг — Дарья Лексина, 53 кг — Стальвира Оршуш, 55 кг — Мария Гурова, 58 кг — Валерия Коблова, 60 кг — Любовь Овчарова, 63 кг — Валерия Лазинская, 69 кг — Анастасия Братчикова, 75 кг — Алена Перепелкина.
Сахалар – аан дойду түһүлгэтигэр
Аан дойду быйылгы чөмпүйэнээтигэр кыттар Арассыыйа хамаандатыгар саха бөҕөстөрө, хомойуох иһин, суохтар. Ол эрээри, саха тустууга оскуолатын иитиллээччилэрэ Париж түһүлгэтигэр тахсан тустуохтара. Ол курдук, Айаал Лазаревпыт (125 кг үөһэ) Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтиттэн, кинини сэргэ 57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Владимир Егоровпыт Македония аатыттан кыттыахтара. Айаал уопуттаах бөҕөс эбит буоллаҕына, Амматтан төрүттээх Владимир улахан таһымнаах түһүлгэҕэ бу бастакы сүрэхтэниитэ.
Быйылгы чөмпүйэнээт уратылара
Бастакытынан, үгүс олимпийскай чөмпүйүөн, ол иһигэр Михайн Лопес уонна Сослан Рамонов курдук күүстээх бөҕөстөр, быйылгы сезону көтүтэллэр.
Иккиһинэн, быйылгыттан “классиктар” хапсыһыыларыгар уларыйыылар киллэриллэллэр. Быстахтык ыллахха, аны партерга туруоруу уурайыаҕа.
Саҥа олимпийскай кэрчик кэмҥэ саҥа ыйааһыннар киллэриллиэхтэрэ, онон мантан антах ыйааһыннарын улаханнык түһэринэр тустууктар үөһэ ыйааһыҥҥа тахсан тустарга күһэллиэхтэрэ. Холобура, Олимпиада икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, “классик” Роман Власов биэс киилэ өрө тахсан тустан Арассыыйа чөмпүйүөнүнэн, аан дойдутааҕы турнир кыайыылааҕынан буолла. Абдулрашид Садулаев эмиэ ыарахан ыйааһыҥҥа тахсан ситиһиилэннэ.
Роман Попов, «Саха сирэ» хаһыат