Үрдүк хайалары уҥуордаан, сүүрүгүрэ сытар тарыннары туораан, буурҕа-силлиэ ортотунан ый устата ыраах айан суоппардарын кытта айанныа этигит дуо?
Бу ыйытыыга, бука, “оо, суох…” диир киһи үгүс буолуо дии саныыбын. Оттон оннук киһи, буолаары буолан, кэрэ куо баар эбит!
Бүгүн ыраах айан суоппардарын олохторун сырдатар, туризм эйгэтигэр үлэлээбитэ өр буолбут уопуттаах айанньыт Роксолана Куприянова – “Эдэр саас” саайт ыалдьыта. Бу матырыйаалым, арааһа, Дьахтар күнүн бырааһынньыгар барсыа эбитэ буолуо эрээри, бүгүҥҥү сэһэргэһээччим ыарахан үлэлээх суоппардары кытта бииргэ алтыһан үлэлиир буоларынан, эр дьон бырааһынньыгар ордук барсар эбит дии санаатым.
Дьэ, онон билсэн кэбиһиэх – ыраах айан суоппардарын үлэлэрин сырдатар блогер Роксолана Куприянова.
Айан алыбар ылларыы
— Роксолана, эн хантан төрүттээххиний? Айанныыргын тоҕо сөбүлүүгүнүй?
— Мин Өлүөхүмэ улууһун Абаҕатыттан төрүттээхпин. Кыһыҥҥы кэмҥэ киин куораттан Өлүөхүмэҕэ диэри Өлүөнэ өрүһүнэн 17-18 чаас айаныыбыт. Аара тибии типпит буоллаҕына, хас да хонуохха сөп. Ол оннук айанныы сылдьан мин ыраах айаны олус сөбүлүүр эбиппин билбитим. Устудьуоннуу сылдьан Томпоҕо айаннаабытым. Хайалары аан бастаан онно көрбүтүм. Онтон Өймөкөөн улууһугар туристары таһар буолбуппут. Онно бэрт кыраһыабай айылҕа устун айанныы сылдьан, ыраах айаҥҥа ылларбытым.
Тоҕус улууһунан – Чукоткаҕа
— Бу соторутааҕыта аны Чукоткаҕа баран кэлбиккин дии?
— Чукотка туһаайыытынан массыынанан айанныахпын баҕарбытым үс сыл буолла. Өймөкөөҥҥө аатырбыт суруналыыс-блогер Алексей Пивоваровы илдьэ сылдьыбыппыт. Арай Томтортон төттөрү айаннаан истэхпинэ билэр суоппарым “Чукоткаҕа айаннаан эрэбит. Барсыаххын баҕарар этиҥ дии, хайыыгын?” диэн эрийдэ. Мин барсарга сөбүлэстим. Дьонум олох бараары турдахтарына куоракка тиийбиппит. Онон чэйдээн баран хомуна охсоот, биир чааһынан Чукоткалыыр масссыынаҕа олорунан кэбиспитим.
— Оо, тоҕо түргэнэй, доҕоор! Дьэ уонна 21 хонук устата айан…
— Чукоткаҕа көмүс хостуур тэрилтэҕэ тутуу матырыйаалын илдьэр үс массыына буолан айаннаабыппыт. Ити тохсунньу 20 күнүгэр айанныыбыт уонна олунньу саҥатыгар кэлэбит. Ыраах айан суоппардара эрдэттэн сэрэппиттэрэ: “Олус уустук айан. Суунуу-тарааныы диэн суох. Аара массыынаҕа аһыы сылдьабыт. Сынньанар түгэн суох”, — диэн. Сарсыарда 6 чаастан түүн 12 чааска, сороҕор түүн 3-4 чааска диэри тохтообокко айанныыбыт. “Халыма” федеральнай суолун устун 5 улууһу, кыһыҥҥы суолунан — Муоманы уонна Халыма эҥэр үс оройуону ааһан тиийэҕин.
Уус-Ньараҕа диэри – остуоруйа айана: суола соҕуруу дойду суолун курдук. Онтон Муомаҕа түһүүгэ суол диэн суох, туһаайыы (направление) эрэ диэххэ сөп. Аара тарын бөҕөтө. Аллараа Халыматтан ыла өссө буурҕа арыаллыыр. Ол да иһин буолуо, Уус-Ньараҕа кэлээт, дьиэбитигэр кэлбит курдук санаммыппыт.
Таба, убаһа этэ, чыыр…
— Аара тугу аһыыр буолаҕытый? Өйүөҕэ сүрүннээн бэлэм астары ириэрэргит буолуо?
— Барарбытыгар бэйэбит бэлэм тоҥоруллубут өйүө аспытын аһыы сылдьыбыппыт. Кэлэрбитигэр урут хаһан да аһаабатах астарбын сиэн кэллим. Ол курдук, Аллараа Халымаҕа – таба этэ, Орто Халымаҕа — сибиэһэй чыыр, Муомаҕа – убаһа этэ. Сибиэһэй олохтоох ас буолан, минньигэһин көрүөҥ этэ! Уолаттар элбэхтэ айанныыр буолан, хоту улуустарга билэр дьонноро элбэх. Кинилэр оҕолоругар, аймахтарыгар тоҥ кэһии ыытар буолан, суоппардары эмиэ күндүлүүллэр эбит. Инньэ гынан урут сиэбэт эттэрбин амсайан баран, олус сөбүлээтим.
Дьүкээбили “бултаһыы”
— Кыыс киһиэхэ суунаргар-тараанаргар уустук буолуо дии? Хайдах ону тулуйдуҥ?
— Дьон бары итинник ыйытар. Аара улуустарга уолаттар билэр дьонноругар баанньыкка суунабыт, Чукоткаҕа хостелга олорбуппут. Уонна кыһын айанныыр буолан, суунуу-тарааныы чааһыгар эрэйдэммэккин. Күнүҥ айаҥҥа барар.
— Эн да айаннаан иһэн, наар үлэлии сылдьыбыккын дии. Итиччэлээх кэрэ айылҕаны барытын массыынанан айаннаан иһэн түһэрэҕин дуо?
— Аара киһи тылынан кэпсээбэт кэрэ айылҕата арыллан иһэр. Мин төһөлөөх дьүкээбил уотун хаартыскаҕа түһэрээри “бултаспытым” буолуой? Оттон быйылгы курдук элбэх дьүкээбили үйэбэр көрбөтөҕүм.
Киэһэ айаннаан истэххинэ, күн аайы хараҥаҕа араас уотунан күлүмүрдээн, наһаа кэрэ хартыына тахсан кэлбэт дуо? Айаннаан иһэн, суоппарбыттан көҥүллэтэн, аҕыйах түгэҥҥэ таһырдьа тахсан түһэрэн устан ылбытым. Онно мин санаам хоту буолбатах. Айан дьоно эппиэтинэстээх үлэлээхтэр, массыына мээнэ тохтообот, куруустара элбэх буолан, тохтобула суох айан.
Интэриэһиргиир киһи үгүс
— Атын дойдуларга сылдьыбытыҥ дуо?
— Кытайга олорон үөрэммитим. Онно сылдьан биир ыйы быһа Турцияҕа бэлэсипиэтинэн айаҥҥа сылдьыбытым. Онон айанныыр үөрэхтээхпин. Ол эрээри соҕуруу дойдуларга киһитэ элбэҕэ бэрт. Онтон Саха сиригэр ыраах айаҥҥа айылҕаны кытта эн бэйэҥ эрэ. Ол ону ордорор эбиппин. Суоппарым аара: “Сылайбаккын дуо? Билибиноҕа хаалаар. Онон сөмөлүөтүнэн төттөрү Дьокуускайдаар”, — диэбитэ. “Эс, хайдах аргыстарбыттан хаалыахпыный? Хайдах кэлбиппиний да, оннук айанныам” диэбитим. Онно “биир ыйы быһа бэлэсипиэтинэн айаннаабыт киһи, кырдьык, тулуурдаах эбиккин”, — диэн хайҕаммытым.
— Инстаграм блогера буолан, ордук ханнык кэмҥэ элбэх сурутааччыламмыкыный?
— Чукоткаҕа сырыыбын сырдатыым кэнниттэн эмискэ киһи бөҕө суруппута. Дьон наһаа интэриэһиргииллэриттэн бэйэм да сөхпүтүм.
“Төрөөбүт дойдубут кыһына кыраһыабай да эбит…”; “Хаарыаны, маннык айылҕаны илэ көрбүт киһи…”; “Ахтар-саныым Сахам сиригэр баран кэлбит курдук сананным…”; “Ити мин төрөөбүт Өймөкөөнүм… Муомам… Халымам… Чукоткам…” диэн үгүс киһи кэмэнтээрийгэ да, дириэккэ да суруйар. Ордук Саха сиригэр олоро сылдьыбыт араас омук дьоно ахтылҕаннарын таһааран суруйаллар.
Ыраах айан суоппардарын кэргэттэрэ эмиэ суруйаллар: “Дьахтар киһи тулуйан айанныыр эбит дии. Кэргэммин кытта барсаары гыннахпына, олох тулуйан айанныаҥ суоҕа диир” диэн.
Эр киһи биллэ-көстө сатаабат
— Документальнай киинэ уһулуоххун сөп эбит дии?
— Үчүгэй хаамыралаах киһи устуон сөп. Ол эрээри уолаттар массыына өрөмүөннүү, тоҥо-хата сылдьалларын түһэртэриэхтэрин баҕарбаттар. Саха эр киһитэ элбэх саҥата суох. Биллэрин-көстөрүн, хаамыраҕа саҥарарын сөбүлээбэт. 50 кыраадыс тымныыга масссыната алдьаннаҕына, буолуохтааҕын курдук ылынар.
Саҥата суох кэбиинэттэн тахсан, аа-дьуо туох алдьаммытын оҥоро охсон киирэр. Хаста да алдьанан тура сылдьыбыт түгэннэрбит бааллара. Баҕар, биир эмэ киһи сөбүлэннэҕинэ устуом этэ.
… Ити курдук, хорсун санаалаах эдэркээн магистрант Роксолана Куприянова (идэтинэн кытай тылын тылбаасчыта, билигин туризм салаатыгар магистратураҕа үөрэнэр) 21 күн айаннаан, Чукотканы көрөн кэллэ. Туризм салаатыгар маннык “умайа” сылдьар дьон үлэлиир буоллахтарына, бу эйгэ балысханнык сайдыа этэ буоллаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.