Мин аҕам уончалаах уол эрдэҕинэ, Арҕаа алааска куһаҕан оҕо төрөөбүт. Ол оҕону биир ытык кырдьаҕас сүбэтинэн тыыннаахтыы чугуун иһиккэ уган хаппахтаан баран, көмөн кэбиспиттэр. Ол оннук ааспыт.
Ити быһа холоон, 1912 сыллаахха эбит. Сыллар ааспыттар, өрөбөлүүссүйэ буолбут, үрүҥ-кыһыл сэриитэ ааспыт. Түҥкэтэх тыа сиригэр бастакы холкуостар тэриллэн барбыттар. Саҥа олоҕу тутуу күүскэ барбыт. Аҕам этэр буолара:» Хантан билбиттэрэ буолла, биирдэ хомсомуоллар ол өрдөөҥҥүтэ көмүллүбүт чугуун иһити ороон таһаарбыттар. Аһаары гыммыттара кыайан аһыллыбатах, ону сүгэнэн хайа охсубуттар. Онуоха чугуун иһиттэн туох эрэ тахсан түргэн баҕайытык «сус» гынан хаалбыт». Ол хомсомуол уолаттар өйдөрө хамсаан, ыарыһах буолан, эдэр саастарыгар өлөөхтөөбүттэр. Ол онон ааспыт. Ол итэҕэс оҕо барахсан соҕотох харахтааҕа, биир илиилээҕэ, биир атахтааҕа эбитэ үһү… Саамай дьиктитэ баар: ол киһи дуу, абааһы дуу, кэлин үс төгүллээн биллэ сылдьыбыт.
Улахан киһи буолбут эбит, ол эрээри син биир уруккутун курдук соҕотох харахтаах, биирдии лабаалаах эбит. Итинник диэн илэ көрбүт дьон кэпсииллэрэ.Туох билиэ баарай?
Дойдууна
Хаартыска: интэриниэттэн