Чугдаара Хотун алгыстаах кинигэтэ

20.12.2016
Бөлөххө киир:

Суруйааччы, «Далбар хотун» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы Галина Нельбисова «Айылҕаттан аналлаах  Чугдаара Хотун» кинигэтэ «Бичик» кинигэ кыһатыгар 4000 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста.

«Айылҕаттан айдарыылаахтар» сериянан тахсыбыт кинигэҕэ Амма улууһун Алтан с. олорор айылҕаттан анаммыт дьикти дьоҕурдаах Матрена Ивановна Григорьева-Чугдаара Хотун ураты дьылҕата, дьонун-сэргэтин хайдах эмтээн саҕалаабыта, аһыллыбыта кэпсэнэр. Ити барыта кини истиҥ сэһэргээһининэн, этитиилээх хоһооннорунан уонна суруммут бэлиэтээһиннэрин быһа тардыыларынан сырдатыллар.

galya

Онон, бар дьонугар сырдыгынан сыдьаайар Чугдаара Хотун күннээҕи олохпутугар туһалаах сүбэлэрин билсиэххэ, алгыстаах чуораанын аргыс оҥостуохха сөп.

Бу кинигэни илиитигэр ылбыт ааҕааччы «... Эйигин эмиэ айылҕа айбыта. Оччоҕо тоҕо айылҕа оҕолоро буолан баран, ийэ айылҕабытын утары барабыт, атын быраабыланы олохтуу сатыыбыт?» диэн ыйытыыларга эппиэти булуоҕа.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0