Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ көмөтүн инфраструктуратын утумнаахтык олоххо киллэрэр.
Ол туоһутунан икки сыл иһигэр тутуллан бүппүт Сүрэх-тымыр киинин арыйыы буолла. Аны былааҥҥа -– Онкология киинин уонна инфекционнай балыыһаны тутуу. Бу туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Сүрэх-тымыр киинин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы кэмигэр тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
edersaas.ru
Айсен НИКОЛАЕВ:
— Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын бэлиэтиирбитигэр өссө биир кэрэхсэбиллээх күн үүммүтүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Устуоруйаҕа киирэр бэрт үчүгэй эбийиэги арыйдыбыт. Бу бырайыагы олоххо киллэрэргэ, тутууну үбүлүүргэ көмөлөспүт дьоҥҥо махтанабын. Арассыыйа Бырабыыталыстыбатыгар, РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтигэр, Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтигэр өрөспүүбүлүкэ бырайыагын өйөөбүттэригэр махтанабын. Саарбаҕа суох, өрөспүүбүлүкэбитигэр Сүрэх-тымыр киинин үлэҕэ киллэрии — хас да сыллаах сорукпут этэ. Биһиэхэ РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ, РФ доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Михаил Мурашко тиһигин быспакка көмөлөстүлэр.
Мин өссө 2019 сыллаахха бу боппуруоска Уһук Илиҥҥи уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутневы кытары кэпсэтиибитин өйдүүбүн. Өрөспүүбүлүкэбитигэр да, былаас федеральнай уорганнарыгар да кылгас болдьоххо маннык эбийиэги тутуохха сөбүгэр саарбаҕалааччылар бааллар этэ. Ону Уһук Илиҥҥи бырагырааманан федеральнай бүддьүөттэн үп бэриллэрин ситиспит Юрий Петрович өйөбүлүнэн быһаардыбыт. Саҥа эбийиэги аныгы тэриллэринэн сэбилээһиҥҥэ эмиэ 100 бырыһыан эрэммэтэхтэрэ. Ону барытын: эбийиэк булгуччу тутуллуохтааҕын, суола-ииһэ суох ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннардаах, тыйыс тымныылаах Сахабыт сиригэр Сүрэх-тымыр киинэ тутуллуохтааҕын дакаастаабыппыт. Сүрэх-тымыр киинэ өрөспүүбүлүкэни эрэ буолбакка, Магадан, Чукотка курдук ыаллыы сытар эрэгийиэннэрбит олохтоохторун хааччыйыан сөп.
Биллэн турар, тутарга кэккэ ыарахаттар бааллара: симиэтэ суумата, тэриллэри аҕалыы уо.д.а. Киини тутуу бырайыага уончата уларыйбыта. Ол гынан баран, биһиги Арассыыйаҕа тарбахха баттанар эбийиэги ситэрэн, олоххо киллэрэри ситистибит. Саха сиригэр Мэдиссиинэ национальнай, Ийэ уонна оҕо доруобуйатын харыстыыр кииннэрдээхпит, аны билигин саҥа Сүрэх-тымыр кииннэннибит. Мин араас субъектарга сылдьыбытым да, маннык үчүгэйи өссө көрбөтөҕүм.
Биллэн турар, бу — уонунан сыл устата дьон олоҕун быыһаабыт быраастарбытыгар, кардиологтарбытыгар итэҕэлбит туоһута. Эбийиэк үлэлээн, сүрэх-тымыр ыыраттан өлүү быдан аҕыйыаҕар уонна олохпут уһуна өссө уһуоҕа диэн дьиҥ чахчы эрэнэбин. Эмчиттэрбитигэр ситиһиилээх үлэни баҕарабын. РФ доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Михаил Альбертовичка бүгүн, бырааһынньык күн, эбийиэги аһарга кыттыбыккар өссө төгүл махталбын биллэрэбин.
ххх
Салгыы Айсен Сергеевич аны Онкология киинин тутуу туһунан маннык эттэ:
— Билигин чугастааҕы сорукпутунан Дьокуускай куоракка Онкология киинин үлэҕэ киллэрии буолар. Кистэл буолбатах, аан дойдуга, ол иһигэр, биһиэхэ, искэн ыарыылаахтар ахсааннара элбии турар. Биһиги Онкология киинэ эмиэ маннык үрдүк таһымнаах буолуоҕар эрэнэбит. Тоҕо диэтэххэ, Сүрэх-тымыр киинэ биһиэхэ үрдүк стандартары биэрдэ. Инники сорукпут -– инфекционнай балыыһаны тутуу. Хомойуох иһин, өрөспүүбүлүкэҕэ инфекционнай анал балыыһабыт суох. Маннык балыыһа баар буолуохтааҕын ковид балаһыанньата көрдөрдө. Ону сэргэ, мин санаабар, наукабытын, наука ситиһиилэригэр олоҕурбут мэдиссиинэни (ол иһигэр, геннай мэдиссиинэни) кытта ордук көхтөөхтүк үлэлиэхтээхпит. Бу -– мин былырыын таһаарбыт ыйаахпар киирбит сыал-сорук. Доруобуйа харыстабылын Уон сылын чэрчитинэн, мэдиссиинэ науката сайдыытын кытта сибээстээх соруктары булгуччу олоххо киллэриэхпит. Наука түмүктэрин бырактыыкаҕа толору туһаныахтаахпыт.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА түһэриилэрэ