РФ Госдуумата бу дьыл тохсунньу 27 күнүгэр айдааннаах, элбэх мөккүөрдээх сокуон барылын үһүс ааҕыытыгар ылынна. Ол — дьиэҕэ-уокка бэйэ чугас дьонун кырбааһыны холуобунай буруйтан административнайга көһөрүү туһунан.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Сокуон барылын ааптара — сенатор Елена Мизулина. Кини бэлиэтээбитинэн, 2016 сыл от ыйыгар РФ Холуобунай кодексатын “Кырбааһын” (116-с) ыстатыйатыгар киирбит уларыйыыларга олоҕуран, холуобунай эппиэккэ төрөппүттэр тардыллан киирэн барбыттар. Сенатор ол алҕаһы көннөттөрөөрү, ити сокуон барылын олоххо киллэрэргэ кимиилээхтик туруорсубута.
Санатар буоллахха, ол киирбит уларыйыыларынан, өскөтүн киһи кыра уонна орто ыар буруйу аан бастакытын оҥорбут, хоромньутун төлөөбүт буоллаҕына, холуобунай эппиэтинэстэн босхолонон, ыстараап эрэ төлүүрэ. Оттон ол ыстараабын ыйыллыбыт болдьох иһинэн төлөөбөтөҕүнэ, холуобунай эппиэккэ тардыллара.
Итиэннэ кырбааһын иһин холуобунай эппиэтинэс көрүллэр, өскөтүн: бэйэ чугас дьонугар туһуланан, күлүгээнниир санааттан, политическай, араасанан, омугунан уонна итэҕэлинэн абааһы көрөн, өһүрэн биитэр ханнык эмит социальнай бөлөххө өстөһөн оҥоһуллубут буоллаҕына диэн.
Маныаха, холобура, былырыыҥҥы уларытыыларынан, атын сиргэ киһини кырбааһын иһин административнай миэрэ көрүллэр, оттон дьиэ иһигэр бэйэ дьонугар илиини көтөҕүү иһин — холуобунай накаастабыл.
Бу сокуон барылын коммунистар эрэ утардылар. «Ол аата дьиэ кэргэн иһигэр атаҕастааһыны, күүһү туттууну нуорма курдук оҥороҕут» диэн.
Дьэ, онон, «Кырбааһын» ыстатыйаҕа уларытыы эмиэ киирэр буолла. Ол эбэтэр, өскөтүн оҕотун таһыйбыт ийэ-аҕа маныаха диэри холуобунай эппиэккэ тардыллан кэлбит буоллаҕына, билиҥҥи сокуонунан ыстарааптанар биитэр көннөрүнэн үлэҕэ ууруллар. Чопчулаатахха:
5 тыһ. солк. 30 тыһ. солк. диэри суумалаах ыстараап;
биитэр 10-тан 15 сууккаҕа диэри хаайыы;
биитэр 60-тан 120-ҕэ диэри чааска булгуччулаах үлэ;
Өскөтүн сыл устатыгар итинник хаттаан илиитин көтөхтөҕүнэ, дьэ холуобунай эппиэтинэскэ тардыллан, буруйдаах 3 ыйга диэри болдьоххо хаайыллар.
Оттон буруй күлүгээнниир санааттан, политическай, араасанан, омугунан уонна итэҕэлинэн абааһы көрөн, өһүрэн биитэр ханнык эмит социальнай бөлөххө өстөһөн оҥоһуллубут буоллаҕына, холуобунай эппиэтинэс оннунан хаалар.
Вильям Иванов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх юриһа:
— Сэбиэскэй да кэмҥэ «Кырбааһын» ыстатыйанан сууттаммыттарга административнай миэрэ туттуллар этэ. Биитэр ыстарааптааһын, 15 сууккаҕа хаайыы, кыһалаҥ үлэҕэ ууруу.
Оттон сокуоҥҥа киирбит бу уларыйыынан, өскөтүн киһи чугас дьонугар (ойоҕор, төрөппүттэригэр, оҕолоругар, бииргэ төрөөбүттэригэр) илиитин бастакытын көтөхтөҕүнэ, административнай эппиэккэ тардыллар. Оттон иккистээн буоллаҕына — дьэ, холуобунай эппиэккэ тардыллар.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Хаартыска: интернеттэн.