Чубайс Биэнсийэ пуондатын тойоно буолла дуо?

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээҥҥиттэн ыла батсаапка “Роснано” корпорацияны салайбыт Анатолий Чубайсы бэрэсидьиэн Путин  РФ Биэнсийэ пуондатын салайааччытынан анаата диэн сурах тарҕанна. Үгүс дьон дьиксиннэ, “дьэ, олорбуппут сыччах” диэн буолла. Бу төһө оруннаах сонунуй?

Хата, бу сымыйа сурах эбит. Бу “сонуну” “Панорама” диэн сатиристическай саайт ахсынньы 3 күнүгэр таһаарбыт. Кинилэр баар кыһалҕалары, олоҕу-дьаһаҕы, бэлиитиктэри күлүү-элэк гынан таһааралларынан биллэллэр.

Оттон Чубайс “Роснаноттан” барбыта кырдьык. Кини бу тэрилтэни 2008 сылтан салайбыта. Дойду энэргиэтикэтигэр уларытыылары киллэрбитэ. Кини оннугар 44 саастаах Сергей Куликов ананна. Салгыы Чубайс тугунан дьарыктанара биллибэт.

Оттон дьон тоҕо Чубайстан дьиксинэрий? Онно эмиэ тосту уларытыылары киллэриэ, ууга-уокка түһэриэ диэн. Биэнсийэҕэ тахсар сааһы уһаппыттарын кэнниттэн, дьон уларытыылартан дьиксинэр буолбута оруннаах.

1991-1993 сылларга Анатолий Чубайс “Госимущество” бэрэссэдээтэлэ уонна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы этэ. Кинини приватизацияны ыытан, дойдуну ыспыт диэн буруйдууллар. 90-с сылларга Борис Ельцин этиитигэр олоҕуран, “барытыгар Чубайс буруйдаах” диэн бэргэн этии тарҕана сылдьыбыттаах.

Ол эрээри, арҕаа дойдуларга Чубайс аата-суола ыраас: кинини ситиһиилээх реформатор уонна либеральнай хамсааһын лиидэрин курдук ылыналлар эбит.

Өссө бу иннинэ киниэхэ Арктиканы уонна Хотугу муора суолун сайыннарарга үлэлэс диэн этии киирбит. Онуоха: “Арассыыйа хоту сирин таптыыбын, ол эрээри, туундараҕа айанныыр эрэ диэн, ол Арктика начаалынньыгынан аныырга төрүөт буолбатах”, — диэн хоруйдаабыта.

Ол эрээри, тыала суохха мас хамсаабат. Баҕар, «Арктика начаалынньыга» буолан хааллаҕына, биһиэхэ син биир сыһыаннаах буолан тахсар.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0