«Чолбон» сурунаал төрүттэммитэ 95 сылын бэлиэтээтэ

19.11.2021
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Чолбон» литературнай сурунаал төрүттэммитэ 95 сылын бэлиэтээтэ. Дьоро күн бэҕэһээ «Арассыыйа – мин устуоруйам» история пааркатыгар буолан ааста. Быйылгы үбүлүөйдээх сылынан сурунаал устуоруйатын, билиҥҥи үлэтин-хамнаһын туһунан сүрүн эрэдээктэр Гаврил Андросов сэһэргиир.

– Гаврил, “Чолбон” суру­наал Саха сирин устуоруйатын, судаарыстыбаннаһы ылыныытын, өрөспүүбүлүкэбит атаҕар туруутун кытары быһаччы сибээстээх. Сурунаал тэриллиититтэн кэпсэтиибитин саҕалыах.

– Устуоруйа кэрэһилииринэн, “Чолбон” сурунаал ­илиинэн суруллуута 1926 сыл алтынньытынан ааҕыллар, сурунаал бастакы эрэдээктэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа алтынньыга бэлэмнээтим диэн суруйан хаалларбыта баар. Ол эрээри бэчээккэ хаһан барбыта суруллубатах. Ити сыл сэтинньи 2 күнүгэр “Чолбон” суру­наалы Нацкомпросздрав уонна “Саха омук” култуурунай-сырдатар уопсастыба кыттыһан та­­һаараллар диэн Саха АССР обкомун бюротун уурааҕар тахсар.

“Чолбон” тахсыан иннинэ Саха сиригэр бэчээт эйгэтигэр туох-ханнык уопуттар бааллар этилэрий диир буоллахха, бастатан туран, 1912 сыллаахха Василий Никифоров-Күлүмнүүр көҕүлээһининэн, Алампа, Дмитрий Никифоров-Дабайааҥкы, Өксөкүлээх Өлөксөй, Афанасий Рязанскай кулуба кыттыылаах “Саха саҥата” диэн сахалыы бастакы сиппит-хоппут толору сурунаал быһыытынан тахсыбытын бэ­­лиэтиир тоҕоостоох. Сурунаал 6-7 нүөмэрэ тахсан баран, хомойуох иһин, үп-харчы кыһарҕаныттан салгыы сайдыбакка хаалбыт. Салгыы Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн Күлүмнүүр, оччотооҕу политсыылынайдар уонна биллэр педагог Николай Егорович Афанасьев көҕүлээһиннэринэн, нууччалыы хаһыаттары сахалыы сыһыарыылаан таһаарбыттара баар.

Оттон илиинэн суруллубут сурунааллар “бастакы хараҥаччыларынан” Чурапчыга олоро сылдьыбыт политсыылынайдар ­илиинэн суру­йан таһаарбыт сурунааллара буолаллар диэн устуоруйаны чинчи­йээччилэр билинэллэр. Ону сэргэ 1905-1906 сыллардаахха реальнай училищеҕа үөрэнэр саха ыччата “Маяк” социал-демократическай куруһуокка сылдьан илиинэн таһаарар сурунаал­лаахтар эбит. Ити кэмҥэ сахалартан “Маякка” Николай Егорович Желобцов, Гаврил Васильевич Ксенофонтов сыһыаннаах­тара биллэр. 1911 сылтан Платон Алексеевич Ойуунускайдаах, Николай Денисович Неустроевтаах Дьокуускайга үөрэнэ киирэн, саха ыччатын бэйэлэрин тула түмэн, улахан куруһуок тэринэллэр. Бу куруһуок Дьокуускай куорат орто үөрэхтэригэр үөрэнэр саха ыччатын 80 бырыһыанын хабар этэ. Куруһуок иһинэн “Юность” диэн сурунаал таһаараллара. Кэлин 1917 сыл кэнниттэн үөрэммит саха ыччата “Сырдык” диэн сурунаалы тэрийбиттэр. Кинилэр лиидэрдэринэн Асклеофедот Рязанскай буолар.

Бу сурунааллар ис хоһооннорунан оччотооҕу ыччат глобализация боппуруостарын, Саха сирэ цивилизацияҕа киириитин ырытан көрөрүн кэрэһилииллэр. Мин тус бэйэм “Юность”, “Сырдык” сурунааллары “Чолбону” кытары быһаччы ситимниибин. Онон 1926 сыллаахха “Чолбон” сурунаал үөскүүрүгэр хайы-үйэ уопут баар эбит диэн сыаналыыбын.

– Сурунаал “Чолбон” диэн төрүт аатын 90-с сыллардаахха ылынан турар. Ол иннинэ “Кыһыл ыллык”, “Хотугу сулус” диэн ааттана сылдьыбыта. Бэйэтин кэмигэр эмиэ түһүүнү-тахсыыны билэн турар.

– “Чолбон” сурунаал 95 сыллаах устуоруйатыгар түһүү да, өрө тахсыы да барыта баара. Ол эрээри сурунаал 1926 сыллаахтан бэчээттэнэн тахсыаҕыттан хайа да бэйэлээх уустук түгэннэргэ барытыгар саха норуотун көмүскүүр, кинини барҕардар боппуруостарга инники күөҥҥэ турар түһүлгэнэн буолбута.

Сурунаал Алампа сүрэхтээбитинэн “Чолбон” диэн аатынан 30-с сыллар саҥаларыгар диэри тахса сылдьыбыта. 1927 сыллаахха Алампа уонна ити саҕана “Чолбоҥҥо” үлэлээбит Бүөтүр Оруоһуннаах “Ксенофонтовщинаҕа” түбэһэн эрэпи­риэс­сийэлэммиттэрин кэннэ, 30-с сыллар саҥаларыгар “Кыһыл ыллык” диэн ааттаммыта. Сурунаалы Платон Ойуунускай эрэдээктэрдээн илдьэ хаалбыта. 30-с сыллар бүтүүлэригэр кини эрэпириэссийэлэммитин кэннэ “Уус-уран литература” диэн альманах буолбута. Онтон 40-с сылларга сэрии иннинэ “Хотугу сулус” диэн ааттанан салгыы үлэлээбитэ. Онтон Аҕа дойду сэ­­риитэ саҕаланан ити кэмҥэ суру­наалга суруйар Эллэйдээх, Архип Абаҕыыныскайдаах, Дьүөгэ Ааныстыыраптаах сэриигэ ыҥырылланнар, 1942 сыллаахха сурунаал тахсыбакка сылдьан баран, эһиилигэр биирдэ сөргүтүллэр.

1950-с сыллартан саҕалаан сурунаал сайдар суолга киирэр. Альманахтан сурунаалга көһөн, тахсар ахсаана сылтан сыл эбиллэн, саха ааҕааччытыгар барыларыгар кэриэтэ кэтэһиилээх ыалдьыт буолар. Сурунаалга оччотооҕу кэмҥэ биллэр улахан айымньылар бэчээттэнэн бараллар. Ол курдук, Николай Якутскай, Софрон Данилов, Далан норуот биһирэбилин ылбыт айымньылара тахсыбыттара. Дьон-сэргэ “Сүрэх тэбэрин тухары” ара­маан салгыытын ааҕаары “Хотугу сулуһу” кэтэһэллэрэ.

90-с сылларга Павел Никитин эрэдээктэрдиир кэмигэр суру­наал Алампа сүрэхтээбит “Чолбон” диэн аатын төттөрү ылынар. Бастакы “Чолбоҥҥо” бэчээттэммит Күннүк Уурастыырап, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон сурунаал аатын уруйдаан-айхаллаан көрсөллөр. Бу туһунан суруйааччылар бэйэлэрэ суруйбут ыстатыйалара бааллар.

Сурунаалбытын төрүттээбит Анемподист Иванович Софронов-Алампа, Василий Никанорович Леонтьев сурунаалга саха омук цивилизацияҕа, судаарыстыбаннаска саҥа үктэнэн эрэр норуот өйө-санаата аныгы сайдыы тэтимигэр сөп түбэһэр буоларыгар сүрүн болҕомтолорун уураллара. Саха төрүт үгэһигэр олоҥхоҕо, фольклорга, итэҕэлгэ, сиэргэ-майгыга тирэҕирэн саха култууратын, ускуустубатын, литературатын, бэчээтин, тыйаатырын, киинэтин үөскэтэр боппуруостары бу сурунаал тула кэпсэтэн, көтөҕөн барбыттара. Философскай өй-санаа сахалыы өйдөбүллэрэ, тиэрминнэрэ эмиэ “Чолбон” суру­наалтан тахсаллара. Норуот култуура, духуобунас өттүнэн сайдыыта барыта “Чолбон” сурунаалтан тирэх ылыммыта.

– Сурунаал билигин “Иннибит диэки — Алампаҕа” диэн бырайыагы ылынан үлэлии олорор. Ол туһунан ­ааҕааччыларбытыгар сиһилии билиһиннэр эрэ.

– Былырыыҥҥыттан ыла “Иннибит диэки — Алампаҕа” диэн бырайыагы киллэрэн үлэлии олоробут. “Чолбон” Алампа көрүүтүнэн уус-уран литература уонна ускуустуба сурунаала буолуохтаах этэ. Онон саха литературатын чулуу айымньыларын, аан дойду норуоттарын литератураларын сахалыы таһаарарбыт таһынан, ускуустубаны, киинэни, тыйаатыры, ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаны, кинилэр сайдыыларын таарыйан туран, Саха сирин норуотун философиятын, мындыр өйүн-санаатын, духуобунай сайдыытын, култууратын, устуору­йатын көрдөрөр, сырдатар туһугар үлэлиэхтээхпит диэн санаанан бу бырайыагы ылыммыппыт. Бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэбит мусуойдарын, тыйаатырдарын, айар холбоһуктарын кытары ыкса үлэлиибит. Билиҥҥи үйэ сиэринэн кумааҕынан бэчээттэнэн тахсарын таһынан, сурунаал инэриниэт ситимин нөҥүө бэйэтин түһүлгэтин булан, бэ­­йэтин тула биир санаалаахтары түмүөҕэ диэн эрэнэбин.

– Бу күннэргэ “Чолбон” сурунаал үбүлүөйдээх сылын түмүктүүр тэрээһиннэр буола тураллар. Туох тэрээһиннэр ыытылыннылар?

– Биир улахан тэрээһиммитинэн “Чолбон” сурунаал сэргэтин Бэчээт дьиэтин иннигэр ту­­руоруубут буолар. Сэтинньи 2 күнүгэр “Саха” НКИХ “Сэһэн сирэ” биэриигэ Саха сирин суруйааччыларын ассоциациятын салайааччыта, суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоровтыын сурунаалбыт ус­­туоруйатын туһунан кэпсээбиппит. Бу кэпсэтиигэ саха бэчээтэ, сахалыы суруналыыстыка, публицистика хайдах үөскээбитин эмиэ таарыйбыппыт.

Бастакы эрэдээктэрбит Алампа төрөөбүт күнүгэр, сэтинньи 14 күнүгэр эрэдээксийэ, редколлегия чилиэннэрэ, суру­йааччылар буолан суруйааччы өйдөбүнньүк сэргэтигэр, кини мемориальнай дьиэтигэр сибэкки дьөрбөтүн уурбуппут. Сэтинньи 16 күнүгэр Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах мусуойун иһинэн үлэлиир М.К. Аммосов аатынан му­­суой дьиэҕэ сурунаал устуоруйатын, үлэһиттэрин сырдатар “Күн – сири, “Чолбон” – саханы сырдатар” диэн быыстапка арыллыбыта. Манна сурунаал ус­­туоруйатыттан сэдэх докумуоннар дьон көрүүтүгэр таҕыстылар. Бу күн П.А.Ойуунускай аатынан Литература мусуойун кытары “Чолбон” сурунаал доҕотторо” диэн кэпсэтии ыыттыбыт. Кэпсэтиибитигэр өрөспүүбүлүкэбит улуустарыттан, Чурапчы, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Уус Алдан, Горнай ­улуустарыттан, ону сэргэ Москваттан ааҕааччыларбыт быһа сибээһинэн киирэн кытыннылар.

Бу күннэргэ Татарстантан “Казан утлары” диэн литературнай сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ Рустем Галиуллин, Башкортостантан “Шонкар” диэн ыччат уонна ускуустуба, литература сурунаалын эрэдээктэрэ Айгиз Баймухаметов кэллилэр. Кинилэр үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ кыттыыны ыллылар, СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччытын Афанасий Владимировы, «Айар» кинигэ кыһатын кэлэктиибин кытары көрсүспүттэрэ. Түмүктүүр биэчэр сэтинньи 18 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” мусуойга буолбута. Манна СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Афанасий Владимиров, СӨ инновациятын, цифровой сайдыытын миниистирин солбуйааччы Георгий Андреев, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Харлампьева, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун хос бэрэссэдээтэлэ Николай Лугинов, суруйааччылар, сурунаалбыт бэтэрээннэрэ, уопсастыбаннай корреспонденнара кыттыыны ыллылар.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0