“Чолбон” сурунаал түһүлгэтэ ыҥырар

Бөлөххө киир:

Олунньу 9 күнүгэр күнүс 4 чаастан Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар “Чолбон” сурунаал “Сэмсэ” сыһыарыытыгар аналлаах “Тоҕус “Сэмсэ” диэн ырытар, билиһиннэрэр түһүлгэ буолуоҕа.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

2015 сыл Арассыыйаҕа Литература сылынан биллэриллибитэ. Ити сыл Ил Дархан анал дьаһалынан “Чолбон” сурунаал икки ыйга биирдэ тахсар сыһыарыыламмыта. Ону уопсай сүбэнэн “Сэмсэ” диэн ааттаабыттара. Билиҥҥи туругунан, барыта тоҕус нүөмэр таҕыста. Сүрүннээн, саҥа айар, суруйар ааптардар айымньыларын таһаараллар.
Тоҕус нүөмэргэ барыта 74 ааптар айымньыта бэчээттэннэ. Ол курдук, киин улуустартан: Намтан, Хаҥаластан, Чурапчыттан, Таттаттан, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаартан  литературнай түмсүүлэр, Аллайыахаттан, Орто Халыматтан, Ленскэйтэн биирдиилээн ааптардар айымньылара бэчээттэнэн, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар таҕыста.
Саастарынан ылар буоллахха, 28-тан 89-гар диэри саастаах айар дьон айымньылара таҕыста. Идэлэринэн ырыттахха, отут учуутал (ол иһигэр 15 саха тылын уонна литературатын учуутала), үс суруналыыс, икки сиэстэрэ, үс бибилэтиэкэр, икки зоотехник, биир архитектор, икки буҕаалтыр, биир лесник, биир охотовед, биир полиграфист, биир режиссер, биир киномеханик уонна да атын идэлээх дьон айымньылара таҕыста
, — диэн “Чолбон” сурунаал эрэдээктэрэ Данил Макеев кэпсээтэ.

“Сэмсэни” билиһиннэрии түһүлгэтигэр Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар кыһалҕаларын институтуттан сэттэ учуонай кэлэн, ааптардар айымньыларын ырытыахтара. Ол курдук, филологическай наука доктора А.Н.Мыреева, филологическай наука хандьыдааттара Л.Н. Романова, Т.П.Слепцова, М.А.Кириллина, С.Е.Ноева, В.Д.Посельская, Е.М.Ефремова ырытарга бэлэмнэнэллэр.
Салгыы, дьоро киэһэҕэ кэлбит ааптардары билиһиннэриэхтэрэ. Ону тэҥэ, “Сэмсэ” ааптардара Дорҕоон Дохсун Борогууһун, Александр Дунаев, хаҥаластар, таатталар түмсүүлэрин ырыаһыттара кэлэн ылбаҕай ырыаларын бэлэхтиэхтэрэ, бэйиэттэр хоһоон ааҕан сэргэхситиэхтэрэ. “Чолбон”, “Сэмсэ” сурунааллар, “Сахабэчээт” тэрилтэ кинигэлэрин атыылара тэриллиэ.
Төрөөбүт тылы биһириир, айар куттаах дьоҥҥо ураты тыыннаах эйгэҕэ алтыһарыгар, бэйэ-бэйэтин билсэригэр-көрсөрүгэр, тыл үөрэхтээхтэрин ырытыытын истэн сайдарыгар-үүнэригэр бэртээхэй тэрээһин буолсу.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0