«Чолбон» сурунаал саҥа саайтанна

12.02.2022
Бөлөххө киир:

90-тан тахса сылы быһа эҥкилэ суох тахса турар өрөспүүбүлүкэ биир тарбахха баттанар сурунаала — «Чолбон» аны электроннай сыһыарыыланна. Ол курдук, бэҕэһээ, өрөспүүбүлүкэтээҕи медиакииҥҥэ «Сахабэчээт» тэрилтэ   саҥа саайты  https://cholbon.online/  сүрэхтээтэ. 

Саҥа саайтка “Чолбон” 1926 сыллаахха тахсыбыт бастакы нүөмэриттэн саҕалаан 2021 сыллааҕыга  нүөмэрдэр тиийэ киирдилэр. Онон  90-тан тахса сыл анараа өттүгэр тахсыбыт  сэдэх нүөмэрдэри булан көрүөххэ сөп. Архыыбы оҥорууга Национальнай библиотека үлэһиттэрэ үлэлэспиттэр. Хас биирдии сурунаалы барытын электроннай ньымаҕа көһөрүү үгүс бириэмэни уонна сыраны эрэйэр.

Саайт туһунан сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Гаврил Андросов edersaas.ru саайтка:

Электроннай архыыпка «Чолбон» сурунаал 1926 сылтан архыыба, ол иһигэр «Кыһыл ыллык», «Уус-уран литература», «Хотугу сулус» диэн аатынан тахсыбыт нүөмэрдэр, ону тэҥэ 2015-2018 сс. «Чолбон» сэмсэтэ» сыһыарыы бары таһаарыылара киирдилэр. Барыллаан аахтахха, тыһыынча кэриҥэ нүөмэр ПДФ вариана түмүлүннэ. Сурунаалбыт толору соҕус хараллан сытар сиринэн СӨ Национальнай библиотеката буолар. Национальнай библиотека дириэктэрэ Саргылаана Максимова улаханнык өйөөн, 2020 сыл бүтүүтэ сөбүлэһии түһэрсэн, библиотека лабораториятыгар үрдүк хаачыстыбалаах сыыппаралыыр үлэ ыытыллыбыта. Электроннай архыыбы саха литературатын таптааччылар, чинчийээччилэр, устудьуоннар буор-босхо туһаныахтара. Арай киирбит киһи электроннай почтатынан суруттарара эрэ ирдэнэр. Сайт иһигэр электроннай архыыбы тэҥэ литература, «Чолбон» сурунаал сонуннара, сурунаал кэлиҥҥи сыллааҕы нүөмэрдэригэр бэчээттэммит айымньылар, ыстатыйалар тахсыахтара. Ону тэҥэ ааптары уонна айымньы көрдөөн булар поисковиктаах буолуо. Ютуб ханаал арыйан видео матырыйаалы, фотоархыыппытын, библиография ыйынньыгын киллэрэр баҕалаахпыт, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Былырыын  “Чолбон” сурунаал  95 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ.  Ол курдук сэтинньигэ Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах мусуойун иһинэн үлэлиир М.К. Аммосов аатынан му­­суой дьиэҕэ сурунаал устуоруйатын, үлэһиттэрин сырдатар “Күн – сири, “Чолбон” – саханы сырдатар” диэн быыстапканы арыйан үлэлэппиттэрэ.
Гаврил Андросовтыын кэпсэтиини манна киирэн ааҕыҥ https://edersaas.ru/cholbon-surunaal-t-r-ttemmite-95-sylyn-belieteete/

«Чолбон» саайтыгар хайдах киирэбит? Видеоны киирэн көрүҥ.

ЫСПЫРААПКА

2020 сыл от ыйын 2 күнүттэн «Чолбон» уус-уран литературнай уонна уопсастыбаннай-политическай сурунаал сүрүн эрэдээктэринэн Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ Гаврил Гаврильевич Андросов анаммыта.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0