“Чолбон” – сахалыы тыллаах кырдьаҕас сурунаал. 1926 с. айар тыл аҕата Алампа төрүттээбитэ. Сэбиэскэй кэмҥэ аата хаста да уларыйа сылдьан баран, өр сылларга “Хотугу сулус” диэн ааттаммыта. Онтон 1990-с сылларга “Чолбон” диэн урукку аатыгар төннүбүтэ.
Литературнай сурунаал билигин тугунан тыынан олорор, туох үлэни ыытар? Ийэ тыл күнүгэр ол туһунан “Чолбон” сурунаал эрэдээктэрэ Данил Макеевы кытта кэпсэттим.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
— Мин “Чолбоҥҥо” эрэдээктэринэн анаммытым икки сыл буолан эрэр. Бастааҥҥыттан айар дьону түмэр санаа баара. Ону толорон, литература салонун арыйан үлэлэппиппит. Нууччалыы, сахалыы тылынан үс дьоро киэһэ буолан ааспыта.
Кэм ирдэбилин тутуһан, еdersaas.ru сайтка баар “Чараҥ» рубрикаҕа бииргэ үлэлииргэ сүбэлэстибит. “Чолбоҥҥо” тахсыбыт уус-уран айымньылары, публицистиканы уонна кириитикэни таһаарар буолуохпут. Бу ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тахсарга тирэх буолар. Ону тэҥэ, ааҕааччы чэпчэки литератураттан арахсан, дьиҥнээх уус-уран айымньылары, ырытар кириитикэни ааҕа үөрэнэригэр туһуламмыт үлэ.
Нэдиэлэҕэ үстэ: бэнидиэнньиккэ — хоһоон, сэрэдэҕэ — кириитикэ, публицистика, бээтинсэҕэ – дьон өрөбүлүгэр сыта-сынньана таарыйа ааҕарыгар анаан прозаны таһаарыахпыт. Манна улахан да сэһэннэртэн быһа тардыылар бэчээттэниэхтэрэ. Бу нэдиэлэттэн саҕалыахпыт, маҥнай сурунаалга 2006 с. бэчээттэммит айымньылары бэлэмнээтибит. Ону тэҥэ, саҥа нүөмэрбитигэр тахсыахтаах, буруолуу сылдьар дьоһун айымньыларынан анонс таһааран, ааҕааччы интэриэһин күөдьүтэргэ үлэлиэхпит. Көстөн иһиэ. Көхтөөх ааҕааччыларбытыгар, санаатын сайа эппит киһиэхэ, уо.д.а. куонкурус да тэрийиэхпитин сөп.
Сурунаалбытыгар суруйааччы колонкатын арыйыахпытын баҕарабыт. Норуокка биллэр суруйааччылар история бэлиэ түгэннэригэр, тирээн турар кыһалҕаларга, норуот кэскилигэр улахан суолталаах боппуруостарга ырааҕы көрөн анааран, бэйэтин санаатын, көрүүтүн тиэрдэрин ситиһиэ этибит.
Саҥа суруйан эрэр дьон, суруйааччылар даҕаны, ырытыыны эрэйэллэрэ биллэр суол. Онон ырытыыны сайыннарар, тарҕатар былааннаахпыт. Суруйааччылар ассоциацияларын салайааччы Олег Сидоров аныгы суруйааччылар айымньыларын ырытар кириитиккэ гонорар олохтуохпут диэн этэн турар. Мин санаабар, билиҥҥи саха литературатын сөпкө ырытар, сыаналыыр кириитикэ баар буолуохтаах. Бу суруйааччыларга бэйэлэригэр да туһалаах.
Билиҥҥи Арассыыйа норуоттарын литератураларын ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кавказка билигин тугу суруйаллар? Аймахтарбыт алтаайдар аатырбыт суруйааччылара Дибаш Каинчин айымньыларын хас саха аахта? Итиннэ тылбаас наада, үлэбитин саҕалаатыбыт. “Вечный зов” романы суруйбут Анатолий Иванов “Жизнь на грешной земле” сэһэнин Степан Марков тылбаастаан киллэрбитэ. Кыралаан бэчээттээн иһиэхпит. Атын да ааптардар тылбааска үлэлэһэн эрэллэр.
Саха АССР 100 сылыгар улахан литературнай куонкуруһу, уус-уран очерканы суруйууга күөн күрэһи тэрийиэхпитин эмиэ баҕарабыт.
«Хотугу сулус» тутуһар үгэстэрин салгыыбыт. Ааҕааччылары кытары көрсүһүүлэри тиһигин быспакка ыытабыт. Сааһыары Бүлүү умнаһын улуустарынан айанныахпыт. Ааҕааччыбыт аҥаара онно олорор. «Сэбиэскэй кэмтэн тыыннаах суруйааччыны көрө иликпит» диэн туран, Чурапчы Мырылатыгар ыҥырбыттара. Суруйааччы ааҕааччыларын кытта сирэй көрсөрө, атах тэпсэн олорон кэпсэтэрэ олус туһалаах буоллаҕа. Онон суруйааччылары илдьэ барыахпыт.
—Билиҥҥи кэмҥэ чэпчэки литературанан үлүһүйүү үгэннээн турар. Манна эн санааҥ?
— Дьиҥнээх уус-уран литератураны, киһини толкуйдатар, долгутар, хомоҕой тыллаах-өстөөх айымньылары киэҥник тарҕатан, итиннэ утары үлэни ыытыахтаахпыт дии саныыбын. Ааҕааччыны эмиэ иитиэххэ наада эбээт.
Литература сыла хамсааһын таһааран, суруйар, айар киһи элбээтэ. Айа-суруйа сатыыр киһи элбэҕэ үчүгэй буоллаҕа. Ол эрээри сорохтор олус элбэх, чэпчэки айымньылары суруйан, нууччалыы эттэххэ, “чтиво” элбээтэ. Тыл-өс мөлтөх. Оннооҕор биһиэхэ аҕалар айымньыларыгар наһаа көннөрүллэр суруйуулар бааллара хомотор. Ону тэҥэ, олус сиэллээн-кутуруктаан, ойуулаан суруйуу айымньыны эмиэ сымсатар.
Оннооҕор “батсаап” суруйааччылара диэн баар буоллулар. Ити биир өттүнэн, эппитим курдук, үчүгэй. Ким баҕарар хаһан эрэ хоһоон суруйан холонуохтаах дии саныыбын. Ол эрээри, холобур мин, тылга сыһыаннаах киһи, тыллары саһаан курдук сааһылаан таһаарыахпын сөп. Ол дьиҥнээх поэзия буолбат. Ону араара үөрэниэхпитин наада. Мин санаабар, дьиҥнээх поэт айылҕаттан айдарыылаах, күннээҕи олохпутун олох атын хараҕынан көрөр, дириҥ суолталыыр. Баары хайдах баарынан ойуулаан кэпсээн суруйуу сымсах.
2015 с. Литература сылыгар Ил Дархан дьаһалынан “Сэмсэ” сыһыарыы баар буолбута. “Сэмсэ” сыһыарыыны билиһиннэрэр, ырытар тэрээһин ааптардар кириитикэҕэ наадыйалларын өссө төгүл көрдөрдө. Учуонайдар: “Литература диэн – искусство, тыл искусствота” диэн эппиттэрэ ааптардары толкуйдаппыт, элбэххэ эбээһинэстээбит буолуохтаах.
“Сэмсэҕэ” улуустааҕы литературнай түмсүүлэр чилиэннэрин айымньыларын бэчээттээн, киэҥ эйгэҕэ таһаарарга кыһаллабыт. Төһө да социальнай ситимнэргэ таһаарбыттарын иһин, кыым курдук көстөөт, сүтэн хаалар буоллаҕа. Оттон сурунаалга суруллубут – суоруллубат, көннөрүллэр, тупсарыллар, бэйэтин ааҕааччытын булар.
—Эдэрдэргэ анаан туох үлэ ыытылларый?
— “Саҥа ааттар” рубрикабытыгар куруук бэчээттэнэллэр. Ону тэҥэ, атырдьах ыйынааҕы нүөмэрбит, үгэс курдук, эдэрдэр айымньыларыгар ананар. Ыччат, дьиэ кэргэн министиэристибэтинээн кыттыһан, эдэр ааптардарга куонкурус биллэрдибит. Бу саҥа саҕалааччыларга улахан кыах биэрэр, көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэбит.
Маннык диэн ырытан көрдөххө, сурунаалбытыгар улахан суруйааччылар прозаҕа дьоһун айымньылара бэрт сэдэхтик киирэр буолла. Урут саха литературатын дьоһун айымньылара бастаан “Чолбоҥҥо” бэчээттэнэн баран, кинигэлэрэ тахсара.
Билигин үксүн саҥа саҕалыыр дьон айымньылара бэчээттэнэр. Биир төрүөтэ – ааҕааччы ырыынага кыараҕас. Сорох кинигэ кыһалара ааҕааччыларын сүтэримээри, сурунаалга бэчээттэнимэҥ дииллэр эбит. Кинилэр кинигэлэрин атыылыахтарын эмиэ наада курдук. Оннук эмиэ баар.
—Данил Николаевич, эн бэйэҥ билигин айар үлэнэн дьарыктанаҕын дуо? Үлэҕэр төһө мэһэйдэтэҕин?
— Дьикти баҕайы, мин дьиэбэр олох сатаан суруйбат киһибин. Үлэбэр кэлэн суруйабын. Суруйар киһи наар толкуйдуу, тиэмэтин илдьиритэ сылдьар, турукка киирэн айар-тутар. Биллэн турар, оннук түгэҥҥэ үлэҕэ мэһэйдэтии баар буоллаҕа. Уопсайынан, уруучуканы эрэ тутан олоруу – чэпчэки үлэ дии саныыллар буолан баран, суруйааччы үлэтэ киһи сыратын-сылбатын эһэр, сүрдээх сылаалаах, чэпчэкитэ суох. Ону тэҥэ, мөлтөхтүк суруйар дьон үлэтин көннөрүү киһини эмиэ олус сылатар. Сороҕор саҥаттан суруйбутуҥ ордук курдук буолааччы.
Сороҕор биир кэпсээн балтараа сылы быһа соһуллара баар суол. Биир тыынынан суруллубут да баар. Билигин киргиз суруйааччыта Мурза Гапаров айымньыларын тылбаастыы сылдьабын. Оҕолорго анаан суруйар дьоҥҥо ыытыллар “Айар ыллык” куонкурус сэһэҥҥэ түһүмэҕэр 1-кы миэстэни ылбытым. Ол сэһэммин эбэн, чочуйан, кинигэ таһаартарар баҕалаахпын. “Благословите женщину” киинэҕэ курдук, киһи дьылҕатыгар дьахтар, ийэ оруолун туһунан айымньы суруйа сатыы сылдьабын.
Онон үлэ-хамнас олох хаамыытынан бара турар. Сахалар тылга ураты сыһыаннаах буоларбытынан, биһиги, үлэлии сылдьар дьон, саха литературата инникилээх, сайдар кэскиллээх диэн эрэнэбит.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru