еdersaas.ru сайтка баар «Чараҥ» рубрикаҕа «Чолбон» сурунаал сорох матырыйааллара тахсыахтара — уус-уран айымньылар, публицистика уонна кириитикэ. Бу ааҕааччы киэҥ араҥатыгар тахсарга тирэх буолар. Ону тэҥэ, ааҕааччы чэпчэки литератураттан арахсан, дьиҥнээх уус-уран айымньылары, ырытар кириитикэни ааҕа үөрэнэригэр туһуламмыт үлэ.
Нэдиэлэҕэ үстэ: бэнидиэнньиккэ — хоһоон, сэрэдэҕэ — кириитикэ, публицистика, бээтинсэҕэ – дьон өрөбүлүгэр сыта-сынньана таарыйа ааҕарыгар анаан проза тахсыаҕа.
Сурунаал айымньыларын «Чолбон» бэлиэтинэн булуоххутун сөп.
“Чолбон” – сахалыы тыллаах кырдьаҕас сурунаал. 1926 с. айар тыл аҕата Алампа төрүттээбитэ. Сэбиэскэй кэмҥэ аата хаста да уларыйа сылдьан баран, өр сылларга “Хотугу сулус” диэн ааттаммыта. Онтон 1990-с сылларга “Чолбон” диэн урукку аатыгар төннүбүтэ.
«Чолбон» сурунаал «Хотугу сулус» үгэстэрин салгыыр