«Чолбон» сурунаал 90 сылын туолар

31.10.2016
Бөлөххө киир:

«Чолбон» уус-уран литературнай, уопсастыбаннай-политическай сурунаал 1926 с. сэтинньитигэр бастакы нүөмэрэ тахсыбыта лоп курдук 90 сыла туола оҕуста. Бу сыллар тухары хас биирдии саха ыалыгар кэтэһиилээх күндү ыалдьыт буолан кэлбит «Кыһыл ыллык», «Хотугу сулус», «Чолбон» сурунааллар үгүс көлүөнэни ситимнииллэр, история тыыннаах кэрэһитэ буола сылдьаллар.

Бүгүн литэрэтиирэ арахсыспат аргыһынан буолбут, ааҕааччыны тыл хомуһунугар сиэтэн киллэрбит сурунаалга кэккэ сылларга эрэдээктэрдээбит суруйааччылар тус санааларын үллэстэллэр.cholbon-5

Киһи элбэххэ үөрэнэр суруйааччыларыныын алтыспытым

Семен ГОРОХОВ – П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, 2014 с. суруналыыстыка салаатыгар Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, «Хотугу сулус» уонна «Полярная звезда» сурунааллар холбоһуктаах эрэдээксийэлэрин 1980-1985 сс. кылаабынай эрэдээктэрэ:

  • «Баартыйа Саха сиринээҕи обкомун бэчээккэ, араадьыйаҕа уонна тэлэбидьиэнньэҕэ сиэктэрин инструкторынан үлэлии сырыттахпына, «Хотугу сулус» сурунаал эрэдээктэрэ уурайарын туһунан сурах кэлбитэ. Ким да буолара биллибэккэ сылдьыбыта.
  • Арай биирдэ Моисей Ефимов пропаганда сэкирэтээриттэн тахсан иһэрин көрүдүөргэ көрсө түспүтүм. Киһибиттэн кими эрэдээктэр оҥорон эрэллэрин туһунан көннөрү ыйыппытым. Онуоха киһим: «Эн буолаҕын!» диэн баран бара турбута. Үгэһинэн, эмиэ балыыҥкалаан эттэҕэ диэн кыһамматаҕым. Ол эрэн, эбиэт кэннэ миигин обком пропагандаҕа сэкирэтээрэ ыҥыран ылан: «Сурунаалга эрэдээктэринэн барар буоллуҥ, табаарыстарыҥ, суруйааччылар туруорсаллар», – диэбитэ. Мин чочумча буолан баран: «Кырдьык даҕаны, бэчээт сиэктэригэр 15 сыл үлэтээтим, онон ханна эмэ сыҕарыйдахха сөп буолсу», – диэн сөбүлэспитим. Ити курдук, биэс сыл «Хотугу сулус» эрэдээктэрэ буолан, биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри үлэлээбитим.
  • Ол саҕана эрэдээксийэҕэ Семен Руфов, Николай Габышев, В.Яковлев-Далан, Иван Федосеев, Егор Неймохов, Иннокентий Эртюков, нуучча суруйааччылара Леонид Левин, Юрий Чертов, Иван Ласков, Владимир Федоров курдук кыахтаах, киһи элбэххэ үөрэнэр ааптардара бааллара. «Полярнай звезда» сурунаалы кытары холбоһуктаах эрэдээксийэ этибит. Бу икки сурунаал бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат, хас биирдиилэрэ туох эрэ уратылаах этилэр. Ааптардар быһыытынан үгүстүк көрсөр норуодунай суруйааччыларбыт Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон, Бүөтүр Тобуруокап, Болот Боотур уо.д.а. саха киһитэ кэрэхсии истэр тыллаах-өстөөх, үгүскэ үөрэнэр дьоно этилэр. Бу эрэдээксийэҕэ үлэлээбитим, улахан суруйааччылары кытары алтыспытым, биллэн турар, мин айар үлэбэр ураты суолталаах.

Айар үлэм трибунатынан буолбута

Николай ВИНОКУРОВ-УРСУН – Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, П.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ уонна Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин «Алаш» литературнай бириэмийэтин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:

  • «Чолбон» сурунаалы таһаарыы Саха сиригэр кинигэни таһаарыыны кытта биир сылга саҕаламмыта түбэспиччэ буолбатах. Бу биһиги классик-суруйааччыларбыт, убайдарбыт Алампа, Ойуунускай, Новгородов кыайыылара. Кинилэр кэмигэр өйдөөннөр, өйдөрүн-санааларын уураннар, урукку үөрэҕэ суох кэмҥэ хаһыат, сурунаал уонна кинигэ бэчээттэнэн, литэрэтиирэ, култуура араскылаан, чэчирээн барбыта. Ол да иһин, сурунаалбытын салайбыт Алампа, Күндэ, Ойуунускай, Абаҕыыныскай, Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Эллэй, Николай Якутскай ааттарын ытыктабыллаахтык ахтабыт. Онтон кэлин сурунаал кылаабынай эрэдээктэрдэринэн Д.Кириллин, А.Егоров, С.Горохов, П.Никитин, Далан, П.Аввакумов бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ – маҥнай ылыллыбыт үрдүк кирбиини чиҥэппиттэрэ, ону ааһан сайыннарбыттара.
  • Мин үлэбин «Чолбон» сурунаалтан саҕалаабытым. Аспирантураны бүтэрэн баран, үлэтэ суох сырыттахпына, кэлин норуодунай суруйааччы буолбут Николай Лугинов Семен Даниловы кытары кэпсэппит этэ. Онуоха Семен Данилов оччолорго «Чолбон» сурунаалга кылаабынай эрэдээктэрдиир Александр Егоровка мин кандидатурабын үөрэтэригэр сорудахтаабыт этэ. Ити кэмҥэ,
  • 1977 с. сэтинньигэ бэйиэт С.Кулачиков-Эллэй өлөн хаалбыта. Кинини Макар Хара солбуйбута.
  • Саҥа дьыл кэнниттэн эрэдээксийэҕэ ыҥырбыттарыгар тиийбиппэр, Эллэй оннугар поэзия отделын сэбиэдиссэйинэн аныылларын туһунан этэн соһуппуттара. Онон, Макар Харалыын үлэбитин тутуһан баран, ити дуоһунаспар баара-суоҕа түөрт эрэ ый үлэлээбитим. Тоҕо диэтэххэ, Семен Петрович кабинетыгар ыҥыран ылан: «Эдэр киһини литэрэтиирэ пропагандатын бюротугар көһөрөр буоллубут. Ол тэрилтэҕэ сэбиэдиссэй-дириэктэр буолаҕын», – диэбитэ. Инньэ гынан, пропаганда тэрилтэтигэр түбэһэммин, хата, Саха сирин биир гына кэрийбитим. Билигин өйдөөтөхпүнэ, үлэбин «Чолбон» сурунаалтан саҕалаабыт уонна 70 сааспар тиийэн, эмиэ бу сурунаалбар эрэдээктэрдии олорон, биэнсийэҕэ барбыт эбиппин. Уопсайынан, 45 сыл үлэм ыстааһыттан «Чолбон» сурунаалга 15 сыл, кинигэ издательствотыгар 15 сыл уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһугар солбуйар бэрэссэдээтэлинэн үлэлээтим.
  • Саха киһитэ таптыыр, күүтэр «Чолбон» сурунаалыгар үлэлээбиппин олохпор улахан табыллыынан ааҕабын. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго Эллэй курдук улахан бэйиэти солбуйан, поэзия отделын сэбиэдиссэйэ буолбутум миэхэ эрэнэллэриттэн таҕыстаҕа. Софрон Данилов проза отделыгар үлэлиирэ. Суруйааччы Семен Никифоров, кырдьаҕас бэйиэт Алексей Бэриэк бааллара. Кэнники Василий Яковлев-Далан кэлбитэ. Онон, эдэрчи киһи аатырбыт суруйааччылары кытары үлэлээһиним миэхэ улахан оскуоланан буолбута.
  • Айар үлэ умсулҕаныгар ылларыахпыттан ыла айымньыларым бары «Чолбоҥҥо» бэчээттэнэн испиттэрэ. 1973 c. тыйаатырга «Кыһыл Ойуун» аан бастаан туруорулларыгар улахан ыстатыйаны суруйбутум. Онуоха Петр Аввакумов: «Син суруйууһуккун», – диэн санаабын көтөхпүтэ. Ханнык ыйга, ханнык киһи үбүлүөйэ буоларынан суруйан иһэрбэр, ону барытын кини таһааран иһиэҕэр эппитэ. Эппитин курдук, тугу суруйарбын барытын сурунаалга бэчээттээн испитэ. Онон, Петр Аввакумов миигин, хоһоон суруйа сылдьыбыт киһини, киритиическэй ыстатыйаларга кытыннарбыта. Мин «Чолбон» сурунаалы айар үлэм трибунатынан сыаналыыбын. Уонна олоҕум биир саамай табыллыбыт кэмнэринэн ааҕабын.

«Хотугу сулуһу» туппутунан улааппытым

Данил МАКЕЕВ – Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 2015 сылтан «Чолбон» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ:

  • Урут «Хотугу сулус» сурунаалы ыал барыта суруйтарара. Мин уон оҕолоох ыал оһоҕос түгэҕинээҕи оҕотобун. «Хотугу сулус» киһини өйдүүр буолуохпуттан биһиги ыалга баара. Ийэбит төһө да түөрт эрэ кылаас үөрэхтээх буоллар, үгүс түбүгүн быыһыгар биһиэхэ кинигэ ааҕар түгэни булара. Элбэх эдьийдэрдээх, убайдардаах буолан, уруок ааҕалларыгар булкуһа сылдьан адьас эрдэ ааҕар буолбутум. Бастакы кылааска киирэн баран үгэспинэн ийэбэр кинигэ аахтараары гыннахпына: «Аны үөрэхтээх киһи буоллуҥ, бэйэҥ аах», — диирэ. «Хотугу сулус» саҥа нүөмэрэ кэллэҕинэ эдьиийдэр, убайдар ортолоругар былдьасыһыы, кытаанах уочарат олохтоноро. Олус харыстаан, имиппэккэ-хомуппакка ааҕарбыт. Онон “Хотугу сулуһу” туппутунан улааппытым.
  • Ийэлээх аҕам өлбүттэрин кэннэ сэттис кылаастан таайым аахха сыстан олорбутум. Кинилэргэ «Хотугу сулус», “Роман-газета» сурунааллар тиһигин быспакка кэлэллэрэ, кинигэ арааһа баара. Кинигэни, сурунаалы түүн суорҕан анныгар банаарынан кытта ааҕарым.
  • Ааҕыынан умсугуйуубар “Хотугу сулус” сурунаал улахан төһүүнэн буолбута саарбаҕа суох. Оскуоланы бүтэрэн сопхуоска оробуочайдаан баран, аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. Сулууспалыы сылдьан билигин Үп министиэристибэтигэр үлэлиир Иванов Дималыын хамандыырдарбытыттан көҥүллэтэн, култуура бөһүөлэктээҕи дьиэтин библиотекатыгар сылдьар буолбуппут. Саллааттарга кинигэни илиигэ уларсан ыыппаттар этэ. Онон иллэҥ буолларбыт эрэ, хастыы эмэ чаас библиотекаҕа олорон кинигэ ааҕааччыбыт. Библиотекардар бастаан хайдах эрэ атыҥырыы көрсүбүттэрэ, онтон кэлин наһаа ытыктабыллаахтык сыһыыаннаһар буолбуттара. Арааһа, саллааттартан библиотекаҕа биһиги эрэ сылдьарбытын иһин буолуо. Аармыйаттан кэлээт, университекка саха салаатыгар үөрэнэ киирбитим.
  • Үөрэхпин бүтэрэн баран сүүрбэччэ сыл араас хаһыаттарга үлэлээбитим. Ол сылдьан “Чолбон” сурунаалга кэпсээннэрбин бэчээттэппитим. Сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Петр Аввакумов биһиэхэ үлэлии кэлиэҥ этэ диирэ. Кини ити этиитин толорон буоллаҕа буолуо, “Чолбон” сурунаал үлэһитэ буолбутум. Билигин оҕо эрдэхпиттэн ытыктыыр, таптыыр сурунаалбар үлэлии сылдьарбыттан үөрэбин, киэн туттабын.
  • Быйыл сурунаал төрүттэммитэ 90 сылын бэлиэтиибит. Ити кэм устата “Чолбон” саха бары көлүөнэ суруйааччылара үүнэн-сайдан тахсалларыгар бигэ тирэх, бастакы үктэл буолан кэллэ. Уус-уран суруйууга холонор дьон айымньылара бастаан бу сурунаалга бэчээттэнэрэ. Биирдэ саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Тумат: “Хотугу сулуска” бэчээттэнии суруйааччы буолбукка тэҥнээҕэ”, — диэн аһарбыта. Кырдьык, сурунаал айымньы уус-уран тутулугар, тылыгар-өһүгэр үрдүк ирдэбиллээх этэ. Билигин биһиги ол үгэһи эмиэ халбаҥнаабакка тутуһабыт. Быйыл сурунаалбыт 90 сылынан дьоҕус сэһэҥҥэ уонна поэмаҕа куонкурус биллэрбиппит. Син балачча үлэ киирэн дьүүллүүр сүбэ көрө сылдьар. Дьүүллүүр сүбэни састаабын сурунаал үлэһиттэриттэн буолбакка, атын дьонтон сүүмэрдээбиппит. Куонкуруспут түмүгэ сэтинньи ортото биллиэҕэ.
  • Уус-уран айымньылары бэчээттиирин таһынан сурунаал оччоттон-баччаҕа диэри уопсастыба олоҕун бары өттүттэн сырдатыыга күүскэ үлэлэһэр. Онон өрөспүүбүлүк сайдыытыгар эмиэ кырата суох кылаатын киллэрбитэ. Кэлэр сылга Суруналыыстар сойуустарын кытта кыттыһан, “Биһиги кэммит киһитэ” диэн ис хоһоонноох уус-уран очеркаҕа куонкурус биллэрэр былааннаахпыт. Онно ааҕааччыларбыт, ааптардарбыт эмиэ көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэбит.
  • “Чолбон” ааҕааччыларын, ааптардарын сурунаал 90 сыллаах үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Инникитин даҕаны “Чолбон” эрэллээх ааҕааччылара, айымньылаах ааптардара, эрэллээх көмөлөһөөччүлэрэ буоларгытыгар баҕарабыт.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0