«Чолбон» рок-бөлөх диэтэххэ, мин оҕо эрдэхпинэ убайдарым астына истэллэрэ, хосторун эркиннэригэр “Чолбон” диэн суруктаах былакаат ыйанан турара харахпар көстөр. Онтон 2000 сыллаахха Уйбаан Уххан игирэ кинигэтин сүрэхтэниитигэр сылдьан аан бастаан тыыннаахтыы истибитим. Тоҕо эрэ дууһабар саха омук тардыһар сырдык көҥүлэ, аар айылҕаны кытта ыкса ситим уонна соҕотохсуйуу туһунан өйдөбүллэр кэлбиттэрэ. Оҕотук киһиэхэ оччолорго тоҕо оннук санаалар киирбиттэрэ буолла, арай тыыннаах муусука доҕуһуола мин куппар-сүрбэр ситэ этиллибэтэх иэйии, тууйуллубут санаа ситимэ буолан ырыа тэтимигэр иһиллэргэ дылыта.
edersaas.ru
Убайдыы-бырааттыы Радик, Намолий, Александр уонна Григорий Ильиннэр, бөлөх солиһа Юрий Васильев (Бахлай), Александр Иванов (Грузин) муусука эйгэтигэр анал үөрэҕэ суох дьон түмсэн, «Чолбон» диэн туспа суоллаах-иистээх рок бөлөҕү төрүттээн, бүтүн Арассыыйаҕа тиийэ биллэн, 80-с сыллар саҕаланыыларыгар улахан хамсааһыны оҥорбуттара. «Чолбону» төрүттээбит биэс бииргэ төрөөбүт уолаттартан билигин Мондо Сааска уонна Григорий Ильин бөлөх састаабыгар бааллар. Чолбоннор сотору буолуохтаах кэнсиэрдэригэр бэлэмнэнэн, ”Дорҕоон дойду” устуудьуйаҕа мустубуттарын истээт, тута онно тиийдим. Киирии аантан бас гитара, саксофон, барабаан ньиргийэн олорор. Рок=бөлөх толору састааба мустан, бэлэмнэнии үлэтэ күөстүү оргуйа турара.
Мондо – өбүгэ утума
Мондо Сааска “Чолбон” бөлөх састаабын оҕо саастарыттан түмпүт тутаах киһилэрэ буолар. Быйыл Мондо Сааска 60 сааһын туолар. Элбэх саҥата-иҥэтэ суох, бэрт сэмэй көрүҥнээх киһи «Мондо диэн ааты эйиэхэ ким иҥэрбитэй» диэн ыйытыыбар мүчүк гынан күллэ.
— Ити туһунан үгүстүк ыйытааччылар. Ити биһиги өбүгэбит аата. Хасыһан төрүппүтүн билэн баран ити ааты ылыммытым. Урут Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар Мондо ууһа диэн олоро сылдьыбыта үһү.
Мин бөлөххө саксофоҥҥа оонньуубун уонна муусуканы халыыпка киллэрэн, көннөрөн биэрэбин. Ол аранжировка дэнэр. Бу буолуохтаах кэнсиэргэ урукку ырыаларбытын ыллыыбыт. Ол эрээри, биири бэлиэтиэм этэ, биһиги сыанаҕа тыыннаах муусуканы оонньуур буоламмыт, муусукабыт хаһан да хатыламмат. Ким хайдах санаалаах, иэйиилээх кэлбитин истээччилэрбитигэр тиэрдэбит.
Биһиги истээччилэрбит олоххо ураты көрүүлээх, туспа суоллаах-иистээх дьон. Билигин биһиги кэккэбитигэр суох талааннаах худуоһунньук-фотограф Руслан Кривогорницын диэн киһи баара. Дьэ, кини биһиги ырыаларбытын, муусукабытын ис сүрэҕиттэн ылынара, өйдүүрэ. Былырыын дойдубутугар Намолий кэриэһигэр «Уруһуйдаан ыллыаҕым» диэн бэстибээл буолбута. Итинник тэрээһиннэр ыллаан-туойан ааспыт дьоммут ааттарын үйэтитэллэр.
Убайдарбыт Радиктаах Намолий торумнаабыт суолларынан
Ырыаҕа сыстыа суох киһини, оччолорго Үөһээ Бүлүү Намыгар олордохпутуна, убайдарым Радиктаах Намолий уолаттары кытта мустан тыас-уус таһааран, гитаралаан ымсыырдыбыттара. Кинилэри үтүктэн эбитэ буолуо, кыра убайым Саша, төрүкү муусукаҕа сыстаҕас киһи, байааҥҥа оонньоон, быһата, тулабар муусука, тыас-уус, тыыннаах дорҕоон эйгэтэ этэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар Сааскаҕа уолаттар кэлэн гитаралаан, байааннаан, ыллаан бараллара. Ол долгуннарыгар оҕустаран эбитэ дуу, гитаралыыр, ыллыыр уолаттарга кыттыһар буолбутум. Оччотооҕу кэм дьайыыта эбитэ буолуо, 70-с сыллартан биһиги улууспутугар тыыннаах муусуканы оонньуур бөлөхтөрү оскуола саастаах уолаттар тэринэн барбыттара. Таансыга эҥин дьэ, тыыннаах муусуканы тыаһаталлара.
Радиктаах Сааска муусукаҕа наһаа дьоҕурдаах этилэрэ. Онон Сааскаҕа Радик гитара булан биэрэн, алта сааһыттан муусука эйгэтигэр сыстыбыт киһиэхэ улахан көмө буолбута.
1974-75 сылларга Намҥа СПТУ тэриллибитэ. Онно убайым Радик тыыннаах муусукалаах бөлөх тэрийбитэ. Бу “Чолбон” бөлөх араскыта саҥа тахсан эрэр кэмэ этэ. 1984 сыллаахха аармыйаттан сулууспалаан кэлбитим. Ол иннинэ Тумус Мэхээлэ «Кэнтик» диэн бөлөх тэриммитэ. Онно Мондо Сааска, Бахлай уонна Грузин оонньообуттара. 1989 сыллаахха Бүлүү бөлөх уонна илин эҥээр улуустарынан гостуруоллаабыппыт. Оччолорго солистарынан Тумус Мэхээлэ уонна Петр Егоров этилэрэ. Биһиги ырыа аартыгын тэлбиппит диэн, Барнаул куоракка тиийэн “Рок-периферия 89” диэн бэстибээлгэ кыттыыбыт буолар. Мантан сиэттэрэн, Москваҕа ыытыллыбыт «Сырок — 2» рок бэстибээлгэ ыҥырыллыбыппыт. Салайааччыбытынан убайбыт Намолий буолбута. Хомойуох иһин, убайдарбыт Радик да, Намолий да билигин биһиги кэккэбитигэр суохтар. Ол эрээри кинилэр торумнаан хаалларбыт суоллара биһиги айар үлэбитигэр ыйар сулус кэриэтэ, — диэн кэпсиир Григорий Ильин.
Мин бэйиэт буолбатахпын
«Хотой», «Көмүс ардах”, “Мин буруйум үһү дуо?”, “Миигин ыраах айан күүтэр”, “Тэпсиллибит сибэкки”, “Хатыламмат урдустар – сымыйа көстүү”, “Санаа кулута” курдук хит буолбут ырыалар ааптардара Григорий Ильин кэпсэтэ олорон этэр:
— Мин хоһоон да, ырыа да айбаппын. Ыллыыр дьон тэтимигэр, муусукаҕа оонньуур дьонум кыахтарыгар сөп түбэһиннэрэн тыллары наардыыбын, чочуйабын. Муусукаҕа сөп түбэһиннэрии дэнэрэ буолуо. Тоҕо диэтэххэ, айылҕаттан бэриллибит поэзия суох буоллаҕына, ол уустук ээ. Рок муусука —ыарахан эйгэ. Маны нууччалар «созерцание” дииллэр. Туохха эрэ тиийии. Ол рок муусукаҕа куруук баар. Ырыа таҥыытыгар да буоллун, матыып толкуйдааһыныгар да буоллун, ис санааны бар дьоҥҥо тиэрдэ сатааһын курдук буолуон сөп. Сорохтор рок муусуканы, поэзия, муусука күүһэ тылга-өскө сытар дииллэр. Сорохтор муусукаҕа сытар дииллэр. Мин буоллаҕына, бу иккини дьүөрэлии тутааһын — ол рок муусука дии саныыбын. Киһи бу олоххо сыһыана, тус санаата, ис эйгэтин иэйиитэ барыта тыыннаах дорҕоон тэтимигэр иһиллэр, ол иһин дьоҥҥо дьайар күүһэ ураты дии саныыбын. Бу муусуканы ылынар уонна ылыммат дьон куруук баар буолуохтара.
Бахлай
Бөлөх ырыаһыта, солиһа Юрий Васильев-Бахлайдыын төлөпүөн нөҥүө билсэн бу күнү болдьоспуппут. Тэтимнээх, быыһыгар ньиргиэрдээх муусукаҕа дьүөрэлии куоластаах Бахлай: “Ырыа иһигэр, ис хоһоонугар киирэн ыллыыбын”, — диэн санаатын үллэстэр. – Биһиги маннык толору састаабынан биэс сылга биирдэ мустабыт. Бэйэм Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр норуодунай айар-тутар кииҥҥэ исписэлииһинэн үлэлиибин. «Чолбоннор» мустабыт диэн Мондо Сааска биллэрдэ даҕаны, бары ким төһө кэлэр кыахтааҕынан мустабыт. Биллэн турар, куруук муусука үнүстүрүмүөнүгэр оонньообот, дьарыктаммат буоллахха, киһи умна быһыытыйар. Ол да буоллар, начаас ыккардыгар өйдөһөн, эрэпэтииссийэлээн ырыабыт-тойукпут дорҕооннонор, табыллар. “Чолбон” бөлөххө ыллаабытым тухары умнуллубат түгэним диэн, Мииринэй куоракка «Звуки Му» диэн рок-бөлөх кэнсиэрин көрүү буолар. Дьэ, ол кэнсиэр айар үлэм суолугар күүстээх дьайыыны оҥорбута. Иэйии да диэххэ сөп.
Дойдубутугар Үөһээ Бүлүүгэ уолаттар син тыыннаах муусука доҕуһуоллаах бөлөхтөрү тэринэллэр. Мин саныахпар, ити көстүү ордук 90-с сыллар саҥаларыгар үксүү сылдьыбыта. Олохпут уустугуттан, өйдөммөт буолууттан, муунтуйууттан буолуо дии саныыбын. Ол эрээри рок муусуканы киһи эрэ барыта истибэт. Холобур, сүүс киһиттэн уон киһи, баҕар, истиэҕэ…
Ырыаһыт дьылҕата
Никииппэр Сэмэнэп “Чолбон” бөлөххө ыллаабыта. Төһө да кылгас кэм иһигэр алтысталлар, олус күүстээх куоластаах эдэркээн Никииппэр саха муусукатын дьылҕатыгар сүппэт суолу-ииһи хаалларбыта. «Чолбоннорго» ыллаабыт кэмнэрин туһунан «Чолбон номох» кинигэҕэ маннык суруллубут:
“Бэйэтин туһугар тас көрүҥүн курдук туспа сокуоннардаах уол этэ. Кинигэ аахтаҕына, өр баҕайы биир сири көрөн олорор буолара. Балыгы, эти бэрт кыратык амсайар, килиэби даҕаны элбэхтик сиэбэт, ууну кыайа-хото иһэр, табахтыыр. Дэлби аһаан иһиэххин диэтэххэ: “Сөп буолабын, уум ордук”, — диирэ, онтон атын эппиэти киниттэн күүппэккин.
“Бачча кыра буолан баран ыллаатаххына хайдах улаатан хаалаҕын, хантан ылан куолаһыҥ улаатарый?” – диэн ыйытарым. Оччоҕо күлэ-күлэ: “Бэйэбин бэйэм туораттан көрбөппүн, онон улаатарбын билбэппин. Куолаһым да тоҕо улаатарын билбэппин, улаатыннара да, куччата да сатаабаппын”, – диирэ. Уолаттары кытта бэркэ тапсан, гостуруоллаан, ыллаан-туойан Үөһээ Бүлүү Намын сөбүлээн олорбута. Онтон кэргэнэ биир сайын дойдулуохха диэбитигэр, Ньурбаҕа көһөн хаалбыттара. Быһыыта барыан соччо баҕарбатаҕа, оҕото, кэргэнэ барар буолбуттарыгар бардаҕа дии. Ньурбаттан сөп буола-буола кэлэн Сашалаахха хонон-өрөөн, биһиэхэ сылдьан бараахтыыра”.
Кини бүтэһигин чолбоннору кытары “Көмүс ардах” диэн ырыаны ыллаабыта. Айылҕаттан айдарыылаах ырыаһыт Никииппэр туһунан Григорий Ильин маннык ахтар:
“Бэрт судургу майгылаах уол этэ. 2000 сыллаахха Бүөккэ Бөтүрүөп устуудьуйатыгар «Көмүс ардах» альбоммутун уһултара Дьокуускайга кэлбиппит. Тиһэхпитин бу альбому устууга ыллаабыт эбиппит. Биһиги дойдулаары массыына кэтэһэ олордохпутуна, тоҕо эрэ эмискэ “Барсан хаалбыт киһи дуу” диэбитэ, онно арай барсан хаалбыта буоллар, дьылҕата атыннык салаллыа эбитэ буолуо дуу…»
Ульяна Захарова, edersaas.ru
Сүрүн хаартыска — Мария Турантаева түһэриитэ,
онтон атыттар интэриниэт-саайтартан туһанылыннылар.