Чокуурдаахха параадтаатылар

Бөлөххө киир:

Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгин олохтоохторо Дьокуускайтан хаалсыбатылар.

Бары тэринэн парадка таҕыстылар. Төһө да халыҥ хаар сыттар, хоту дойду хоһуун дьоно үлэ, эйэ бырааһынньыгар бэркэ бэлэмнэммиттэр. Улуус уонтан тахса тэрилтэтэ, оскуола үөрэнээччилэрэ бары сэлэлээн хаамтылар.
Кинилэри улуус баһылыга Эдуард Слепцов, Чокуурдаах бөһүөлэгин баһылыга Александр Зырянов уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Ол аайы ньиргиэрдээх «Ураа!» хаһыы иһилиннэ.

Онон Аллайыахаҕа Маай бырааһынньыгын кытта тэҥҥэ сандал саас кэллэ. Парад кыттыылаахтара бизнес киин таһыттан улуус дьаһалтатыгар диэри хаамтылар.

Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0