Хоту дойдуга урбаанньыттар көмөлөрүнэн олороллор диэтэххэ, сыыстарбаккын. Бүгүн биһиги ыалдьыппыт — Аллайыаха урбаанньыта Анатолий Киселев.
— Анатолий Петрович, Аллайыаха төрүт олохтооҕоҕун дуу?
— Оннук. Балыксыттар дойдуларыттан, Русскай Устьеттан төрүттээхпин, онно оскуоланы бүтэрбитим. Аармыйаҕа сулууспалаабытым. Чокуурдаахха ПМК-ҕа, пуорка баһаарынай харабылга үлэлээбитим. Дьиҥнээх хоту дойду олохтооҕобун.
— Арктикаҕа киирсэр Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэр олохтоох бэкээринэ таһаарыылаахтык үлэлиирин туһунан истэбит. Үлэҥ туһунан кэпсээ эрэ.
— Мин 2010 сылтан урбаанньыппын. Бастаан дьаһалта иһинэн кафеҕа үлэлээбитим. Онтон 2013 сыллаахха килиэбинэн дьарыктанарбар көрдөспүттэрэ. Тэрилтэм “Киселев А. П.” ИП дэнэр. Аллайыаха улууһун барытын кэриэтэ килиэбинэн хааччыйабыт. Нэһилиэктэртэн даҕаны кэлэн хото атыылаһаллар. Ыйга 7 туонна килиэби астыыбыт. Бурдукпутун “Якутоптторг” тэрилтэттэн оптовай сыананан атыылаһабыт. Ол бурдугу бу тэрилтэ бэйэтэ манна аҕалар. Килиэби таһынан бурдук ас арааһын астаан, нэһилиэнньэҕэ атыылыыбыт. Холобура, араас пирожнайдары, туортары, балык бөрүөгүн, хот-догка тиийэ астыыбыт. Ону олохтоохтор биһирииллэр. Мин тэрилтэм аһын ордук атын сиртэн үлэлии кэлбит дьон сөбүлүүллэр. Ону сэргэ араас күрэхтэһиилэргэ, тэрээһиннэргэ кыахпыт тиийэринэн көмөлөһө сатыыбыт. Оҕо көмүскэлин күнүгэр улахан туорт оҥорон биэрбиппит. Быһата, улуус олоҕор көхтөөхтүк кыттабыт. Аҕыс үлэһиттээхпин (атыылааччылар, биэкэрдэр, оробуочай). Онон үлэ миэстэтинэн эмиэ хааччыйабын дии саныыбын. Бэкээринэм 1971 с. тутуллубут дьиэҕэ үлэлиир. Биллэн турар, дьиэ-уот улаханнык эргэрдэ.
— Үлэҥ таһынан туох дьарыктааххын?
— Мин хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэбэр түбүгүрэбин. Быыс булан балыктаабатаҕым, бултаабатаҕым быданнаатаҕа дии.
— Бэкээринэҕитигэр бурдук ас арааһын астыыгыт. Ырысыабын хантан ылаҕыт, ким үөрэтэрий дуу?
— Дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө биир үлэһиккин ыыт диэбиттэрэ даҕаны, оҕотун эҥин хаалларан, үлэһитим куоракка көтөрө уустук. Оттон миигин урбаанньыт, чааһынай тэрилтэлээх диэн оннук үөрэххэ барарым табыллыбат. Ырысыаппытын ютубтан ылабыт, онон көрөн үөрэнэн, ас арааһын иҥнибэккэ астыыбыт. Мин бэйэм эмиэ бу астары сатаан астыыбын, арай, туорду киэргэтиини кыайбаппын. Дьокуускайга хас даҕаны тэрилтэҕэ сылдьан, үөрэтиэххит дуо диэн көрдөспүппүн, кистэлэҥнэрин арыйыахтарын баҕарбаттар, улаханнык сэҥээрбэтэхтэрэ.
— Килиэп, бурдук ас таһынан, бородууктаны эмиэ атыылыыр эбиккит.
— Аҥаардас килиэбинэн эрэ ырааппаккын, эбиискэ буоларын курдук атын көрүҥүнэн эмиэ дьарыктаныаххын наада. Ордук бу хоту сиргэ. Дьон килиэп ыла таарыйа, атын аһы-үөлү атыылаһан барара да табыгастаах.
— Быйыл саас аллайыахалар “Поле чудес” биэриигэ кыттан кэлбиккит. Ол туһунан кэпсээ эрэ.
— Мин ити кэмҥэ Дьокуускайга кэлэн табаарбын ыытан баран, дойдулаары сылдьыбытым. Ол сырыттахпына, Өрүс училищетыгар үлэлиир бииргэ төрөөбүт балтым “Поле чудес” кытта барар буолбута. Миигин көрөөччүнэн барыс диэн ыҥырбытыгар, Чокуурдаахтаары олорон, Москваҕа көтөн хаалбытым. Бэйэм да соһуйан турабын. Онно биир дойдулаахтарбыт, соҕуруу олорор дьоммут эмиэ кэлэн устуудьуйаҕа олорон кыттааччыларбытыгар “ыалдьыбыппыт”. Леонид Якубовиһы чугастан көрөр дьолго тигистэҕим дии. Олус сэргэх биэрии буолбута. Итиннэ кыттар түгэн уонна хаһан кэлиэҕэй, барбытым да үчүгэй эбит. Бу биэрии Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт буолан, устуоруйаҕа киирэр суолталаах. Онон бэлиэ түгэҥҥэ сырыттым диэн үөрэбин.
— Үлэлиир дьиэҕит-уоккут олус эргэ эбит дии.
— Эргэрэн бөҕө. Онон кыаллара уонна кыах баар буоллар, хапытаалынай өрөмүөн ыытылыннар, бэрт буолуо этэ. Ону аҥаардас мин кыра дохуоттаах урбаанньыт бэйэм үппүнэн-харчыбынан ыытарым уустуктардаах. Тоҕо диэтэххэ, Дьокуускайтан матырыйаал эҥин аҕалыахпытын наада. Ол навигация, кыһыҥҥы суол кылгас кэмигэр ыытыллара эмиэ күчүмэҕэй. Кырыыһата, муостата уларыйыахтаах. Муостанан олус тымныйар. Онон бу боппуруоска көмөлөһөллөрө буоллар диэн баҕалаахпын. Миллиарды көрдөөбөппүн, чэ, баҕар, 2,5 мөл солк. буолара дуу, үчүгэйдик ааҕар-суоттуур киһи.
— Хоту дойду олохтооҕо киһи улууһуҥ инники сайдыытын хайдах көрөҕүн?
— Урут сэбиэскэй кэмҥэ тигинээн-таҕынаан олорбуппут. Тутуу да барара, тыа хаһаайыстыбата сайда сылдьыбыта (таба ахсаана 30 тыһ. этэ дииллэр), бэл, ынах иитэллэрэ. Авиация сырыыта олус бэрт этэ. Бу аҕыйах хонуктааҕыта өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев кэлэ сылдьан, улуус кэскиллээх сайдыытыгар үлэлииргэ сорудахтаата. 27 дьиэ тутуллуохтаах үһү, биири тутуу саҕаланна. Балыгы астыыр модульнай сыах аһылынна, атын улуустартан таба үүрэн аҕалбыттара. Онон, дьэ, хамсааһын барар ини. Ол эрээри дойдубутуттан элбэх киһи көһөн барбытыттан хараастабын.
— Урбаанньыт буолар туох ыараханнааҕый?
— Биһиги таһаҕаспытын Дьокуускайтан уунан, кыһыҥҥы суолунан ыытабыт. Онно улахан туох да харгыс суох диэххэ сөп. Холобура, сайын уунан ыытарга контейнердарга илдьэн уган, туттарабыт, ону өрүс үлэһиттэрэ тиэрдэллэр. Ол эрээри контейнердары тиэрдии 30 бырыһыан ыараан хаалла. Сороҕор сибиэһэй оҕуруот аһын эҥин сөмөлүөтүнэн тиэйэбит. Онно биир киилэтигэр 300 солк. төлүүбүт. Онон хоту урбаанньыттарга итинник көрүҥнэргэ судаарыстыба өйөбүлэ туһалаах буолуо этэ. Оччоҕо атыыланар сыана да аччыа этэ. Аҥардас “Якутоптторг” тэрилтэ тугу уонна хаһан илдьэрин кэтэһэн олорор табыллыбат буоллаҕа дии. Үп-харчы баар буоллаҕына, олохтоох урбаанньыттар эмиэ күүскэ хамсаныа этибит. Биһиги нэһилиэнньэбит кыччаата диибин дии, 1900 эрэ буолара дуу киһитин ахсаана. Онон атыылаан, үбү-харчыны эргитии уустуктардаах. Дьиҥэр, хоту дойду олохтоохторун биһиги төһө баҕарар хааччыйар кыахтаахпыт уонна баҕалаахпыт. Дьиҥэр, Чокуурдаах килиэбин биирдэ амсайбыт киһи куруук бу эрэ килиэби сиэн баҕарар дииллэрин истэн испэр киэн тутта саныыбын.
Ол эрээри сатабыллаах салайааччы биир да күн килиэбинэн хааччыйыыны тохтоппот, быыс-хайаҕас булан үлэлииллэр. Килиэп, бурдук ас буһарар тэриллэри саҥардыахха баар эбит. Ону бу дьоҕус биирдэм урбаанньыт бэйэтин эрэ күүһүнэн кыайара уустук, кыра нэһилиэнньэлээх сиргэ дохуота да олус улахан буолбатаҕа чахчы. Онон бэйэ бородууксуйатын ыарахаттартан чаҕыйбакка оҥоро, хааччыйа олорор урбаанньыты өйүүллэрэ буоллар, бэрт буолуо этэ. СӨ Урбааҥҥа уонна турзим сайдыытыгар министиэристибэтэ, Арктика министиэристибэтэ эҥин көмөлөстөллөр.
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат
Хаартыскалары А. Киселев ыытта.