Чокуурдаахха 2023 сыл күһүнүгэр саҥа оскуола үлэҕэ киириэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко бэс ыйын 2 күнүгэр Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэр тутуллар икки этээстээх 275 миэстэлээх оскуола тула мунньаҕы ыытта.

Бу эбийиэк тутуллубута быданнаата, тутуу 2015 сылтан барар.

СӨ Тутууга миниистирэ Павел Кылатчанов иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ оскуола 54,1 бырыһыан бэлэм турар. Бэс ыйын 6 күнүгэр Чокуурдаахха тутар биригээдэ айанныаҕа. Эрдэ кыһыҥҥы суолунан туох баар наадалаах матырыйаал тиийбит: 120 туонна сиэмэн, уот тардар матырыйааллар, полистирол, утеплитель, щебень.

Мунньах кэмигэр тутуу үлэтигэр эбии харчы көрүллэрин боппуруоһун таарыйдылар. Тустаах министиэристибэҕэ кылгас кэм иһигэр баар кыһалҕалары быһаарарга уонна эбийиэги 2023 сыл балаҕан ыйыгар туттарарга сорудахтанна.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0