Чокуур Гаврильев: «Ханнык даҕаны судаарыстыбаҕа аан дойду таһымнаах айдаан наадата суох»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Талбан» биэриигэ Украинаны кытта сыһыан, бэрэсидьиэн Владимир Путин анал этиитин ырыттылар.

Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев этэринэн, Владимир Путин өр кэтээн, толкуйдаан баран быһаарынна, билигин кэлэн кыыһыра түһээт мээнэ тылынан быраҕаттаныы буолбатах диир.

«НАТО-ҕа тоҕо кытыы дойдулары ыла сатыылларый? Тоҕо диэтэххэ, Сэбиэскэй саҕанааҕы курдук аан дойдуга аҥаатыырын баҕарбаттар, Арассыыйа кыаҕын быһа сатыыллар. Онон атыннык быһаарар кыаҕа суох буолан, Путин байыаннай эпэрээссийэни саҕалаата. ЛНР, ДНР Арассыыйаттан көҥүллэрин ылан, билигин «һуу» диэтилэр.

2014 сыллаахтан туох даҕаны социальнай өйөбүлэ суох олордохторо. Украина бу өрөспүүбүлүкэлэргэ федерализация быраабын биэрэрин көҥөннө. Дьиҥэр, өрөспүүбүлүкэлэрин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтиэхтээх этилэр. Бу айдаан аҕыйах күнүнэн бүтэр ини диэн эрэнэбин. Ханнык даҕаны судаарыстыбаҕа улахан айдаан наадата суох», — диэтэ кини.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0