Чокуур Гаврильев: Арассыыйа сүрүн куоһурун таһаарда (ВИДЕО)
“Донецкай уонна Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр суверенитеттарын, тутулуга суох буолууларын Арассыыйа билиммитэ сөп”, — диэн “Саха сирэ” хаһыат эрэдээктэрэ, политолог Чокуур Гаврильев бүгүн “Якутия24” ханаалыгар быһа эпиир кэмигэр санаатын эттэ.
Санатан эттэххэ, олунньу 21 күнүгэр РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Донецкай уонна Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр суверенитеттарын уонна тутулуга суох буолууларын Арассыыйа билинэрин туһунан ыйаахха илии баттаабыта уонна бу өрөспүүбүлүкэлэргэ көмөлөһөр дуогабары ратификациялыырга эппитэ.
Чокуур Николаевич бэлиэтииринэн, бу өрөспүүбүлүкэлэри билиниини, бастатан туран, бырааттыы норуокка, дьоҥҥо-сэргэҕэ көмө, иккиһинэн, дойду куттала суох буолуутун хааччыйыы быһыытынан ылыныахха сөп.
— Бу хамсааһын икки өрүттээх. Бастатан туран, Украина былыр-былыргыттан Арассыыйаны кытары ситимнээх, биир историялаах, биир норуоттаах. Онон биһиги бырааттыы норуоттарбыт кыһалҕаларын таах хаалларар кыахпыт суох. Иккис өттүнэн, НАТО Арассыыйа сиригэр-уотугар аһары ыксаласта. Украина уонна Грузия Хотугу Атлантика дуогабарын тутуһааччылар бөлөхтөрүгэр (НАТО) киирээри бэлэмнэнэ олороллор. Ити Арассыыйа куттала суох буолуутун кээрэтэр. Өскөтүн Украина НАТО-ҕа киирэн хааллаҕына биһиэхэ куттал үөскүөн сөп. Манна өссө даҕатан эттэххэ, 2014 сыллааҕы хамсааһыннары кытары бу билинии ыкса сибээстээх. Арассыыйа төһө кыалларынан Минскэй дуогабары тутуһалларын, Украина бэйэтин ис кыһалҕатын эйэ өттүнэн быһаарарыгар бириэмэ да, кыах да биэрэ сатаата, — диэн бэлиэтиир кини.
Билигин Донецкай уонна Луганскай Народнай Өрөспүүбүлүкэлэр туспа судаарыстыбаннай бэлиэлэри ылынан, дьон-сэргэ пааспарын уларытан, үгүстэр өссө Арассыыйа гражданствотын ылынаннар, тутулуга суох бэйэлэрэ туспа суверенитеттаах өрөспүүбүлүкэ буоларга бэлэм олороллор.
— Билигин Украина бу икки өрөспүүбүлүкэҕэ туох да көмөнү оҥорбот. Быһатын эттэххэ, сир халлаан икки ардыгар быраҕан баран олорор. Арассыыйа, дьиҥэр ыллахха, туох да куһаҕаны оҥорбот ээ. Төттөрүтүн күүс-көмө буола олорор. Арассыыйа ханна да сэриинэн түһэр санаата суох, бэйэтин кыраныыссатын көмүскүүр. Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, ханнык да дойду бэйэтин интэриэһин өрө тутан, сойууска киирэн, атын дойдулар интэриэстэрин, куттала суох буолалларын бэйэтин эрэ туһатыгар быһаарыныы ылыныа суохтаах. Буолаары буолан, кэлэктиибинэй куттала суох буолууну тэрилтэтигэр киирэн. Манна мин сөпсөһөбүн. Урукку өттүгэр дойдуга чугас сытар ыаллыы дойду диэн өйдөбүл баар этэ. Ыаллыы олорор дойдуларга атын ханнык да дойду орооспото. Холобур, биһиги Мексикаҕа тиийэн дуогабардаспаппыт чахчы. Арҕааҥҥы дойдулар итини эмиэ өйдүөх тустаахтар, — диэн иһитиннэрэр Чокуур Николаевич.
Бүгүн РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйаахха илии баттыан иннинэ Арассыыйа дьонугар-сэргэтигэр Украина туһунан иһитиннэрии оҥорбута. Онно кини өскөтүн Украина бу өрөспүүбүлүкэлэргэ көмө-тирэх буолбат буоллаҕына, бэйэтиттэн бэйэтэ хоргуттун диэн муос-таас курдук эппитэ. Дьон-сэргэ сэрии буолуо дуо диэн куттанар. Манна хоруйдаан политолог Чокуур Гаврильев: “Мин санаабар, сэрии буолара хайа да өттүнэн, ханнык да дойдуга табыгаһа суох. Бу өрөспүүбүлүкэлэри билинии сэриини тохтотор сыалтан ылыныллыбыт. Онон Арассыыйа сүрүн куоһурун таһаарда. Билигин аны Украина уонна арҕааҥҥы дойдулар санааларын уларытыахтарын наада”, — диэн эттэ.
Аграфена КУЗЬМИНА