Чокурдаахха сэттэ тыл устата тутуллубут оскуола эһиил киириэҕэ

Бөлөххө киир:

Бүгүн, олунньу 11 күнүгэр, ситэриилээх былаас отчуота Аллайыаха улууһугар куйаар ситимин нөҥүө буолла. ЗУМ ситим нөҥүө ыытыллар отчуоту бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко иилээн-саҕалаан ыытта.

Үгүс дьону долгутар сүрүн боппуруоһунан Чокурдаахха сэттэ сыл устата ситэ тутуллубатах оскуола буолла.
—Оскуолабыт сэттэ сыл устата тутулла сатаата да кыалла илик. Быйыл ити боппуруоспут хайдах быһаарыллыай?, — диэн оройуон үс олохтооҕо утуу-субуу биир ыйытыыны биэрдилэр.
СӨ Тутуу миниистирэ Павел Кылатчанов:
— Тутуу матырыйааллара барыта бэлэмнэр, онон үлэни бу сылга саҕалыахпыт уонна 2023 сылга түмүктүөхпүт. Тутуу бэдэрээччитэ «Cахастрой 2002» тэрилтэ. Тутуу матырыйааллара кыһыҥҥы суолунан тиэрдиллиэхтэрэ.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0