Чох көһүйэтэ, туой иһиттэр: саха төрүт туой иһитин быыстапката

24.04.2017
Бөлөххө киир:

Муус устар 25 күнүгэр Нам улууһун Петр Иннокентьевич Сивцев аатынан историко-этнографическай мусуойугар «Туой тойуга» диэн быыстапка арыллыаҕа. Быыстапка саха омук туой иһитигэр ананар. 

Чокуур Гаврильев, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Сахалар туой оҥоһуктарыгар аналлаах быыстапка Намҥа историко-этнографическай мусуойга аанын арыйаары турар. Быыстапка ааптара  — Хамаҕатта орто оскуолатын технологияҕа учуутала Захаров Руслан Афанасьевич. Кини өбүгэлэрбит хас да үйэни мэлдьи баһылаабыт күөсчүт идэлэрин үйэтитэ сылдьар. Былыр тимир, алтан иһиттэр аҕыйах буоллахтара. Ол иһин туой иһиттэргэ ас буһаран, сылытан олордохпут.

Руслан Афанасьевич үөрэнээччилэрин кытта былыргы үйэтээҕи оҥоһуктар моһуоннарын үтүктэн, саҥа туой иһиттэри оҥорбут. Онтон ол иһиккэ ас буһаран амсайбыт. Бу былыргылыы таптайыы диэн метод эбит. Соҕуруу дойдуларга курдук анал көлөһөҕө туойу эргитэн, илиинэн эрийэн туой иһит оҥорбокко, хас биирдии чааһын таптайан (иһиттэн бөкүнүк тутуллар, таһыттан таптайыллар), туспа холбоон баран, куурбутун кэннэ кэлин оһоххо хатардар эбиттэр.

Руслан Афанасьевич санаатын маннык үллэстэр: «Саха төрүт туой керамиката иһитэ-хомуоһа баар. Ол умнууга хаалбыт. Ону биһиги сөргүтүөх тустаахпыт. Төрүттэрбит экологическай ыраас туой иһиккэ аһаан-сиэн, доруобуйалар чөл эбит диэн сылыктыыбын. Бу быыстапкабар былыргы саха иһиттэрин көрдөрөбүн. Ону тэҥэ, иккис чааһыгар бу иһиттэрбэр ас астыыбын. Ол курдук чох көһүйэтигэр үүт кыынньарыам, көмүлүөккэ иһити ууран, эт буһарыам, саламаат астыам».

Истиэнэҕэ Нам оччотооҕу күөсчүтүн Азарова 1904 с. хаартыската турар. Кинини туой иһити таптайан оҥорорун, Иркутскайтан кэлбит учуонайдар анаан үөрэппиттэр эбит.

Бэрт интэриэһинэй быыстапканы  сэргээн көрүҥ.

Чокуур Гаврильев, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0