Чочуга — субуотунньук

Ааптар: 
01.05.2021
Бөлөххө киир:

Үлэ, Саас, Эйэ бырааһынньыгын Бүлүү улууһун Сыдыбыл нэһилиэгин олохтоохторо субуотунньугунан көрүстүлэр.

«Көхтөөх кыттыыны ылбыт эр дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Кэрдиллибит маһы бэлэмнээн, мас хатырыгын ыраастаатыбыт. Бэрэбинэлэри сайыҥҥы үлэлэргэ туһаныахпыт. Ол курдук, маспытын ыһыахтыыр сири саҥардыыга, кырдьаҕастарга көмөҕө уонна да атын үлэлэргэ туттуохпут«, — диэн сонунун үллэһиннэ олохтоох дьаһалта баһылыга Петр Догоюсов.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaaa.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0