Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгэр быйыл Улуу Кыайыы 75 сылынан «75 үтүө дьыала» сылынан биллэриллибитэ.
edersaas.ru
«Чочу нэһилиэгэ» МТ баһылыга Петр Догоюсов @dogousovpa инстаграмҥа тус страницатыгар:
— Икки нэһилиэкпитигэр үтүө дьыала сылын чэрчитинэн булчуттартан кус хомуйан, аҕам саастаах дьоммутун үөрдүөҕүҥ, баай Байанай бэрсибит кэһиититтэн күндүлүөҕүҥ диэн этии киллэрэбит. Куһу саха норуота сайыны көрсөр, алаадьы астанар, кус буһарынар бэлиэ күнүгэр — Ньукуолун күнүгэр түҥэтиэхпит — диэн иһитиннэриини хас да хонуктааҕыта таһаарбыта.
Ол кэнниттэн Чочу, Кыадаҥда олохтоохторо аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттан эрэллэр.
Хаартыскалар: @dogousovpa
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1