«Чистая вода» хампаанньа үлэһитэ коронавирустаан, хампаанньа үлэтэ тохтоото
23.04.2020
«Чистая вода» диэн ыраас ууну Дьокуускайга тарҕатар хампаанньа хонтуоратын үлэһитэ коронавирус дьаҥыгар сутулунна. Онон, хампаанньа үлэтин быстах кэмҥэ тохтоторун туһунан «Инстаграм» страницаларыгар иһитиннэрдилэр.
Билиҥҥитэ үлэһиттэр бары коронавируска анаалыс туттара сылдьаллар, дьиэҕэ бэйэни хааччахтаан олоруохтара. Анаалыс түмүктэрэ икки күнүнэн биллиэҕэ.
Ыалдьыбыт киһи биэнсийэлээх эбит, хампаанньаҕа үлэлээбитэ өр буолбут.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1