Чингиз Айтматов «Тэбиэн хараҕа» айымньытын тылбааһыттан быһа тардыы
Абакир, ыстанан тиийэн, тэйиччи сытар гайка эрийэри сулбу таһыйан ылла, төбөтүн ньыкыччы туттан, охсоору бэлэмнэннэ.
Мин куттанным. Дьулаан суол этэ. Өлөрсөн кэбиһиэхтэрин да сөп курдуга. Мин кинилэргэ ыстанан тиийдим.
— Кэбис, Абакир, кинини охсума. Кэбис, Садабек, хадьардаһыма! — диэн ааттастым, быыһаталыы сатыы-сатыы.
Садабек миигин киэр садьыйан кэбистэ, дьэ итиэннэ кинилэр, барс кыыллар түсүһээри гыммыттарын курдук күрдьүөтэһэн, батарыта көрсөн, балаҕаны биир гына тэлэкэчийдилэр. Онтон хапсыһа түстүлэр. Гайканы эрийэр тимир төбөтүн туһулаабытынан иһиирэн истэҕинэ, Садабек, кыл мүччү халбарыс гынан, икки илиитинэн хабан ылла. Абакир күүһүнэн баһыйар эбит. Кини киһитин охторон түһэрэн, баттаата. Кинилэр үөхсэ-үөхсэ, аҕылаһа-аҕылаһа, муостаны биир гына төкүнүһэ сырыттылар. Мин, Абакир мүччү туппут күлүүһүн үрдүгэр баран түстүм уонна ону эһэ охсон ылаат, таһырдьа ыстанным.
— Альдей! Калипа! Түргэнник, түргэнник! Охсуһа сылдьаллар, өлөрсүөхтэрэ… — диэн, уу баһан иһэр дьахталларга хаһыытаатым.
Дьахталлар, солуурдарын сиргэ уура охсоот, саба сырсан кэллилэр. Дьиэҕэ сүүрэн киирбиппит, Садабектаах Абакир өссө даҕаны муостаҕа күөлэһийэ сылдьаллар эбит. Хайыта-тырыта тыытыспыт, хаан силик буолбут дьону нэһииччэ араартаатыбыт. Альдей эрин таһырдьа таһаара сатыыр. Абакир, Калипаттан төлө туттаран, Садабекка түһүнээри хаайар.
— Дьэ, бэйикэй, доҕолоҥ ыт! Син-биир эйигин иннигин ылыаҕым, атахпар ааттаһа сыыллыаҕыҥ. Абакир кимин эйиэхэ биллэрэн тэйиэ.
Кыра уҥуохтаах, хатыҥыр Альдей, киниэхэ чугаһаан, уун- утары көрөн туран эттэ:
— Бэрт киһи таарыйа холоон көр эрэ! Хараххын хайыта тардыаҕым! Орто дойдуга төрөөбүккүн кэмсиниэҥ!
Садабек, холкутуйан, кэргэнин илиититтэн ылла:
— Кэбис, Альдей. Кини аайы баран…
Мин таһырдьа тахсан, айдаан кэмигэр элиппит гайка эрийэр тимирбин булан, балаҕантан тэйиччи, таас дьахтар таһыгар көмтүм. Онтон олорон эрэ, эмискэ, оҕо курдук, ытаан титирэстээн бардым. Ону ким да көрбөтө, бэйэм да билбэппин туох буолбуппун. Арай таас дьахтар, мин кутурҕаммын иһиллиирдии, миигин иччитэ суох хараҕынан кынчыатыыр. Тула өттүбэр чуумпу уонна сылаарҕаабыт, сииктээх туманынан саптыбыт степь тэлгэнэ сытар. Кини үгүс үйэлэр тухары нухарыйбыт сынньалаҥын кыракый да тыас аймаабат. Арай мин эрэ, хараҕым уутун сотто сатыы-сатыы, ытаан ыҥыргыырым. Мин онно өр баҕайы, хараҥарыар диэри олордум…
Дьэ, ити курдук бу эрбэһиннээх киэҥ-нэлэмэн степкэ олоробун… Төһө күүһүм баарынан кыһана-мүһэнэ сатыыбын да, онтон туһа тахсара көстүбэт. Бу сибилигин Абакир эмиэ мөхтө. Инники өттүгэр хайдах буолуохпун өйүм хоппот. Ол үрдүнэн санааны түһэрэр сатаммат. Турар тухары туруулаһыахха наада.
— Чэ эрэ, Серко, хамсаан ис! Тиэтэй! Эн биһикки санааргыырбыт сатаммат, биһигини үлэ күүтэр…
Сарсыныгар уруккубутунааҕар эрдэ, халлаан сырдыыта, турдум. Бэҕэһээ утуйаары сытан бигэтик быһаарыммытым: хайаан да кимиэхэ да, кыратык да мөхтөрүөхтээҕэр буолуох, букатын дьиэк-дьуок булларбат гына үлэлиэҕим диэн. Мин даҕаны атыттартан тугунан да хаалсыбаппын дакаастыахтаахпын.
Туох-ханнык иннинэ уматыгы аҕалан, баактары бэйэм толортоотум. Онтон уу баһа охсон, үлэ саҕалана илигинэ радиатордарга кутаат, дьүүктэбэр ыстаннардым. Дьэ ол кэнниттэн, аһыы охсуохтаахпын уонна эмиэ мүнүүтэни да мүччү туппакка эрэ быыстала суох уу баһыахтаахпын.
Ити кэмҥэ саҕахтан үрүҥнүҥү чараас тумарыгы курдат күн сардаҥалара тыктылар. Күн, Анархай стебин киэҥ иэнин көрүөн куттаммыт курдук, өргө диэри кэтэттэ. Онтон, дьэ, күөрэйэн быган барда. Сарсыардааҥы саһарҕаҕа степь көстөрүттэн ордук кэрэ ама туох баар буолуой! Уҥуора-маҥаара көстүбэт сырдыктыҥы күөх урсуннаах муора нэлэйэн-хотойон, күөх долгуннарынан көбүөхтээн иһэн, тохтоон, чуумпуран хаалбыкка дылы.
Оо, Анархай барахсан, оо, баараҕай степь! Эн тоҕо ылы-чып бардыҥ, тугу толкуйдуугун? Эн тугу үйэ тухары саба баттаан, саһыаран сытаҕын, кэлэр өттүгэр эйигин туох кэтэһэр?
Кырдьык, мин баара-суоҕа уу баһааччыбын эрэ. Ол эрээри мин бу сири итиэннэ массыыналары баһылыыр кэмим кэлиэ диэн бүк эрэнэбин. Билиҥҥи икки тракторбыт уонна биһиги билиҥҥи үлэбит — бу сыччах саҕалааһын эрэ. Чинчийээччилэр Анархай сирин аннынан сүүнэ өрүстэр сүүрүгүрдэллэрин булбуттарын туһунан ханна эрэ ааҕан турардаахпын. Баҕар, ити билигин сэрэйии эрэ буолуо. Ол да буоллар дьон хайаатар даҕаны бу сир утаҕын ханнарыахтара, Анархайга күөх садтар суугунаһыахтара, арыктар-хоруулар устун сөрүүн уулары халытыахтара уонна степь тыаллара бурдук көмүс муоратын тарыахтара диэн итэҕэйэбин. Манна куораттар уонна селолар үөскүөхтэрэ, биһиги удьуордарбыт бу стеби уйгу-быйаҥ дойдута Анархай диэн ааттыахтара. Хойутун-хойут манна эмиэ мин курдук уолчаан үлэлии-хамныы кэлиэ. Кини, күн ахсын тэлиэскэнэн уу баһан сахсыллыа суоҕа уонна кинини ханнык да бардам киһи үөҕүө-түрүйүө суоҕа.
Бу салгыытын «Бичик» бэчээттэн таһаарбыт Чингиз Айтматов айымньыларын «Илгэлээх ардах» хомуурунньугар ааҕыҥ!