Бүлүү улууһун Чинэкэтигэр олохтоох дьаһалта сүрүн тирэҕэ – уопсастыбаннай тэрилтэлэр. edersaas.ru
Манна өссө сэбиэскэй саҕаттан олоххо көхтөөх дьон бэрт тэрээһиннээхтик үлэлииллэр. “Улуус олоҕо” бырайыак суруналыыстарыгар “Ыллык” бэтэрээннэр кулууптарын уонна “Алаас” дьахталлар түмсүүлэрин чилиэннэрэ бэйэлэрин ыытар үлэлэрин туһунан кэпсии тоһуйдулар.
— 2013 сыллаахха нэһилиэк олохтоохторун күүһүнэн саха балаҕанын туппуппут. Бэтэрээннэр биирдии бэйэбит 1 тыһ. солк. кыттыһан, 60 тыһ. солк. тахса үбү хомуйбуппут. Баһылыкпыт Артур Протопопов уонна уруккута “Степан Аржаков” сопхуос прораба Василий Гуляев көҕүлээһиннэринэн, эр дьон мас кэрдибиттэрэ. Биһиги, дьахталлар, дэлээнэҕэ мас сыыһын хомуйан, сэбиэскэй кэмнээҕи курдук, бары саба түһэн субуотунньуктаабыппыт. Балаҕан ис-тас тутуутугар эмиэ нэһилиэгинэн үлэлээбиппит. Манна барытыгар бары бэйэ көҥүлүнэн, баҕа санаабытынан салайтаран сылдьыбыппыт. Онон бырааһынньык курдук буолан, барыбытын өссө ордук биир сыалга ситимнээбитэ. Билигин бэйэбит түмсэр балаҕаннаахпыт наһаа үчүгэй. Нэһилиэкпитигэр 1 тыһ. тахса киһи олороруттан, “Ыллык” бэтэрээннэр түмсүүлэригэр 100-кэтэ чилиэнинэн киирбитэ. Олор ортолоругар 26 ытык кырдьаҕас – тыыл бэтэрээнэ, 27 киһи — сэрии сылларын оҕолоро, — диэн билиһиннэрэр бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта Раиса Сортоева.
Сэһэргэһиигэ “Алаас” дьахталлар түмсүүлэрин салайааччыта Марина Гуляева кыттыһар:— Тэрилтэбитин гааһынан оттуллар автономнай хочуолунай ититэр, онон балаҕаммытын муусука оскуолатын балансатыгар киллэрбиппит. Быйыл мин манна бастакы муусука оскуолатын арыйбытым 41-с сыла. Былырыын оскуолабыт 40 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтээбиппит. Балаҕаммыт аана сылы эргиччи аһаҕас. Оскуола оҕолоругар фольклор уруоктарын таһынан “ыллыктар” уонна “алаастар” араас тэрээһиннэри ыытабыт.
Чинэкэ уопсастыбынньыктарын эдэрдиин-эмэнниин сөбүлүүр тэрээһиннэрэ – “Өбүгэ оонньуулара”. Хабылыгы уонна хаамысканы тулуппаттар. Сэбиэскэй кэм оҕолорун бастыҥ оонньуулара “Харакы” (“Городки”) умнулла быһыытыйбытын эмиэ сөргүтэн, сааскы ылааҥы күннэр саҕаланнылар да, тапталлаах оонньууларын саҕалаабытынан бараллар.
— Оҕолорбутун интернеттэн тэйитээри сотору-сотору кырдьаҕас, орто саастаах, ыччат, оскуола оҕото састааптаах хас да хамаанданы тэрийэн, “Өбүгэ оонньууларыгар” күрэхтэһиилэри ыытабыт. Балаҕаммыт аттыгар саха ыалын былыргы олоҕун көрдөрөр аһаҕас халлаан анныгар мусуойдаахпыт. Бу мусуойбутун дьиэ кэргэттэр куонкурустарыгар туһанабыт. Ол курдук, суорунаҕа бурдук тартаран, былыргы сылабаары оргуттаран, илиинэн мас эрбэтэн, араас күрэхтэһиилэри тэрийбиппит, -диэн кэпсииллэр уопсастыбынньыктар.
88 саастаах Мария Веревкина Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрэн баран, 54 сыл алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэлээбит.
— 72 сааспар биэнсийэҕэ тахсыбытым. “Ыллыктарга” сылдьан олус арылдьыйабын, — диэн кэпсиир Чинэкэ үгүс көлүөнэтин иитэн таһаарбыт ытыктанар педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Мария Прокопьевна нэһилиэк историятын суруйбут, бэтэрээн үөлээннээхтэрин сырдаппыт кинигэлэрдээх, улуус хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.
Лөкөчөөнтөн төрүттээх, Чинэкэҕэ олохсуйан олорор 81 саастаах Евдокия Максимова “Ыллыкка” сылдьан, эдэригэр түһэрин кэпсиир. Унтуу уонна бэргэһэ тигэр. Евдокия Гаврильевна: «Баччаларга сакаас саамай киирэр кэмэ. Халлаан сылыйдаҕына эрэ солотуйабын. Иллэҥсийдэхпинэ кылынан дьарыктанабын», — диэн санаатын үллэстэр.
“Ыллыктар” ытык кырдьаҕастарыгар киһи хайдах да 80-90 сааһы биэрбэт. Сэбиэскэй кэмҥэ таптаан ылланар: “Кырдьыы миигин дьиэбиттэн булуо суоҕа” — диэн ырыаҕа ылларыныы, “Ыллык” чаҕылхай сулустара өрүү олох үөһүгэр сылдьан айаллар, туталлар, ыччаттарга холобур буолаллар.
Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru