Кэлиҥҥи үс сылга омуктар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа Саха сиригэр олорор норуоттар сомоҕолоһуулара ордук бөҕөргөөтө.
edersaas.ru
Ааспыт сылга «СӨ Аҕа Баһылыгын иһитиннэрэр киинэ» Национальнай ааҕыныстыба социологическай чинчийиитин түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун 74%-на омуктар сыһыаннаһыыларын уонна норуоттар сомоҕолоһууларын бигэ диэн бигэргэппит. Бу суолталаах үлэҕэ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай уорганнар былаастарын норуоту кытта ситимниир далаһанан киин куоракка — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, оттон улуустарга араас омуктар диаспоралара буолаллар. Былааннаах үлэ 158 тус итэҕэллээх уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта эмиэ ыытыллар.
Быйыл Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин аналитическай, научнай-методическай, иһитиннэрэр-сырдатар, коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ өйөбүл буолар киин быһыытынан бөҕөргөтүллэр боппуруоһа быһаарыллар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска Интэриниэттэн.