Чэпчэтиилээх кирэдьиит реестригэр биир да хаһаайыстыба киирэ илик

Бөлөххө киир:

Саҥа сылбыт биир ыйа, бэлиэр, бүтэн эрэр. Саха сирин аграрниктара быйыл чэпчэтиилээх кирэдьииккэ тиксиэхтэрэ дуо? Төһө бэлэммитий? Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин бу боппуруоска эппиэттээх исписэлииһэ Герман Николаевтан туоһуластым.

– Федеральнай министиэристибэбит баан көрүүтүн ааспыт эрэ хаһаайыстыбалар реестрдэрин көрдүү олорор. Биһиги баан сөбүлэҥин ылбыт хаһаайыстыбаҕа быһаарыы таһаарабыт. Сорох клиеннэр 2-3 бааҥҥа тэҥинэн сайабылыанньа биэрэллэрин иһин бэрэбиэркэлээн сөбүлэһиннэрэн баран биирдэ илии баттаан бигэргэтэбит. Бу күҥҥэ «Алмаасэргиэнбаан» ААУо 4 хаһаайыстыбаны кытта үлэлэһэ сылдьар, докумуоннарын ситэ хомуйдахтарына, хамыыһыйа көрүүтүгэр киллэрэбит дииллэр. ВТБ 1 сайаапкалаах. Россельхозбаан сир үлэтинэн дьарыктанар 2 фермери кытта үлэлэһэр. Итиэннэ быйылгыттан Альфа баан филиала арыллан, бу үлэҕэ кыттыһыаҕа, – диир Герман Герасимович.

Билигин кылгас болдьоххо (1 сылга) бэриллэр чэпчэтиилээх кирэдьиит туһунан эрэ кэпсэтэбит. Инвесткирэдьиит туһунан тугу эмит этэргэ өссө эрдэ быһыылаах. Россия үрдүнэн кылгас болдьохтоох кирэдьииттээһиҥҥэ, сүрүннээн, сааскы ыһыы үлэтин ыытарга бааннарга бырыһыан ставкатын толуйууга 13 млрд солк. суумалаах субсидия көрүллүбүт. Ол аата бааннар хаһаайыстыбаларга 260 млрд солк. кээмэйдээх кирэдьиит үбүн биэриэхтэрин сөп. Мантан биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр тиксэр лимиитэ – 5,6 мөл. солкуобай. Үөһэ ыйыллыбыт 4 баан холбоон 90 мөл. солк. суумалаах кирэдьиити биэрэр кыахтаахтар.

«Россельхозбаан» ААУо Саха сиринээҕи салаатын дьоҕус уонна орто бизнес клиеннэрин кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Николай Соловьев этэринэн, былырыын чэпчэтиилээх кирэдьиити ылыан баҕалаах хаһаайыстыбалартан 70-ча бырыһыаннара кирэдьииттэрин историята мөлтөх буолан туоратыллыбыттара. Кирэдьиит ыларга дохуот хайаан даҕаны көрдөрүллүөхтээх. Грант үбүн ылбыт сорох хаһаайыстыбалар туттубут хотоннорун балаансаҕа туруорбакка сылдьаллара эбэтэр үлэһиттэригэр фондаҕа биэнсийэ төлөбүрүн оҥорботторо эмиэ атахтыыра – баар чахчы. Ааспыт сылга Россельхозбаантан чэпчэтиилээх кирэдьиит ылыан сөптөөх 5-6 эрэ хаһаайыстыбаттан кэлэ-биллэ сылдьыбыттар эрээри, докумуоннарын ситэ хомуйан туттарбатахтар. Инньэ гынан, былырыын соҕотох «Эрэл» ТХПК (Нам улууһа) ылбыта. Быйыл дьэ хас хаһаайыстыба тиксэр?

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0