Чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин: былырыын — биир, быйыл — уонча
Дойду бырабыыталыстыбатын дьаһалынан тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччыларга былырыыҥҥыттан саҕалаан 5 бырыһыаннаах кирэдьииттээһин көрүллүбүтэ. Ааспыт сылга онно биһиги өрөспүүбүлүкэбит аграрниктара сэмэйдик кыттыбыттара: 1 эрэ потребкэпэрэтиип кылгас болдьохтоох кирэдьииккэ тиксибитэ. Онно тэҥнээтэххэ, быйыл хамсааһын таҕыста.
Балаҕан ыйынааҕы туругунан, 4 ИП-бааһынай хаһаайыстыба, 2 тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ уонна 1 тыа хаһаайыстыбатын астыыр-үөллүүр потребительскай кэпэрэтиибэ (2 төгүл) кылгас болдьохтоох кирэдьиит ыллылар. Маныаха 5 кирэдьиити “Алмаасэргиэнбаан” АУо, 1-диини “Россельхозбаан” АУо уонна “Сбербаан” ПАУо биэрдилэр. Маны таһынан “Алмаасэргиэнбаан” АУо Дьокуускай Тулагытын Сыырдааҕар сылы эргиччи үлэлиир тэпилииссэ 2-с уочаратын тутууга “САЮРИ” ХЭУо-ҕа элбэх суумалаах инвесткирэдьиити биэрдэ.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин тутаах исписэлииһэ Герман Николаев иһитиннэрэринэн, дойду министиэристибэтин көрүүтүгэр кылгас болдьохтооххо 2 потребительскай кэпэрэтиип, 1-дии ХЭУо уонна ИП сайаапкаларын ыыппыттар. Өссө 2 ИП-бааһынай хаһаайыстыба уонна Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката уһун больохтоох инвесткирэдьииккэ киирсэллэр. Онон, быйыл чэпчэтиилээх кирэдьиитинэн туһанааччы ахсаана 10-тан тахсыан сөп. Ити үрдүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ көрүллүбүт лимиит ситэ туһаныллыбата. “Сыл иккис аҥаарыгар лимиит үбүн ким төһө суумалаах кирэдьиити ылбытынан көрөн көһөрдүлэр. Быйылгы транш манан бүтэрэ буолуо”, — диир Г.Николаев.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ», edersaas.ru