Чэпчэтиилээх ипотеканан туһанааччыларга

31.03.2022
Бөлөххө киир:

Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин дьаһалынан чэпчэтиилээх ипотечнай бырагыраамалар салгыы үлэлиэхтэрэ. Бу туһунан  объясняем.рф  саайт суруйар.

Бастатан туран, муус устар 1 күнүтэн «Чэпчэтиилээх ипотека» бырагыраама иитинэн кирэдьиит муҥутуур улахан кээмэйэ 3 мөл. солкуобайтан 12 мөл. солкуобайга диэри  Москваҕа, Санкт-Петербурга, Москва уонна  Ленинград уобаластарыгар үрдүөҕэ. Мантан атын эрэгийиэннэргэ   3 мөлүйүөнтэн  6 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыаҕа.

Оттон  муус устар 1 күнүттэн түһэрсиллибит чэпчэтиилээх ставка 12%  тэҥнэһиэҕэ. Муус устар 1 күнүгэр диэри кирэдьиити ылбыт гражданнарга ставка уруккутунан, ол эбэтэр  —  7% хаалыаҕа.  Бырагыраама болдьоҕо уруккунан хаалар.   Туһааннаах бырагырааманан кирэдьиити биэрии     2,55 трлн солк. диэри улаатыахтааҕын туһунан саайт суруйар.

Дьиэ кэргэн ипотекатынан бырагыраама уопсай суумата эмиэ  2,75 трлн солк. диэри улаатыаҕа. Санатан эттэххэ, 6 бырыһыаннаах чэпчэтиилээх ипотеканан  2018 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн оҕоломмут ыаллар туһаныахтарын сөп.

Тыа сирин (3%) уонна Уһук Илин ипотеката (2%) эмиэ оннунан хаалла.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0